Муус устар 27 күнэ — саха дьонугар ураты суолталаах күн. 1922 сыл бу күн Саха автономнай Сэбиэскэй Социалистическай өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммитэ. Биһиги Саха АССР төрүттэспит биллиилээх судаарыстыбаннай деятеллэрбит Былатыан Ойуунускай, Максим Аммосов, Исидор Барахов, Степан Аржаков уонна кинилэр биир санаалаахтарын ааттарыгар сүгүрүйэбит.
Онтон 1992 сыллаахха, муус устар 27 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт сокуона (Конституцията) ылыныллыбыта. Билигин муус устар 27 күнүн Өрөспүүбүлүкэ күнүн быһыытынан билинэбит.
Бу ураты суолталаах, историческай күнү көрсө улуус бары нэһилиэктэригэр араас тэрээһиннэр былааннаахтык ыытыллаллар.
Холобур, улуус оскуолаларыгар кылаас чаастара, араас биктэриинэлэр, «Мин саха оҕотобун» уруһуй күрэһэ, «Саха буол, саарын буол» флешмоб уо.д.а. тэрээһиннэр бу нэдиэлэ устата буола тураллар. Киин, олохтоох бибилэтиэкэлэргэ Саха сирин туһунан кинигэ быыстапкалара, дьиэ кэргэнинэн ааҕыы курдук тэрээһиннэр дьон болҕомтотун тардаллар. Саха култууратын, аһын-үөлүн дэлэтиигэ маастар-кылаастар ыытыллаллар. Мантан да атын бэрт интэриэһинэй тэрээһиннэргэ сунтаардар көхтөөхтүк кытта сылдьаллар, үгүһү, олус интэриэһинэйи билэн астыналлар, саха буолалларынан киэн тутталлар.
Оттон улууспут киинигэр мууус устар 26 күнүгэр С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан норуот айымньытын киинигэр сарсыарда 10 чаастан оһуокай түһүлгэтэ тэриллиэҕэ. Ол кэннэ 11-тэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүгэр аналлаах тэрээһин буолуо. Манна улуус, өрөспүүбүлүкэ социальнай-экономическай сайдыытыгар киллэрсибит ытыктабыллаах дьоммутун, билигин таһаарыылааахтык үлэлии сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар улуус дьаһалтатын, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах наҕарааадалары туттарыы буолуо. Ырыа-тойук дьиэрэйиэ.
Тэрээһиҥҥэ улуус олохтоохторо, ыалдьыттара сахалыы сайбаччы таҥнан кэлэн көхтөөхтүк кыттыаҕыҥ.
Яина ВЛАСЬЕВА