Биисинэс эйгэтэ тыа хаһаайыстыбатыгар кыттыһар

Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын тула араас кэпсэтиилэр, санаа­лар бааллар. Үгүс дьон ыччат тыа сирин үлэтигэр сыстыбат буолла, ынах сүөһү ахсаана күн-түүн аҕыйыы турар,  тыа хаһаайыстыбатын салаата олус үлэлээх, сылаалаах, бытааннык сайдар диэн олоҕурбут өйдөбүллэргэ итэҕэйэр. Ол эрэн билиҥҥи кэмҥэ бу төрүкү сыыһа санаа­лар буолалларын илэ харахпытынан көрдүбүт, биллибит. Бары кэриэтэ тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар саҥа сүүрээн, көрүү, дьаһаныы наадатын билинэбит. Маныаха харчыны сатаан эргитэр, үлэлэтэр, атыы­ны-эргиэни баһылаабыт, биисинэс эйгэтигэр бэйэлэрин көрдөрбүт-ааттаппыт  дьон дойду экономикатын бөҕөргөтөр, олох уйгутун түстэһэр – тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын туһунан туох этиилэхтэрин иһиттибит.

“Татыйыына” фирма бэйэтин үлэтин ааспыт үйэ 1996-с. саҕалаабыта. Кэлиҥҥи сылларга “Татыйыына” фирма брендин кытта доруобуйаҕа туһалаах бэйэ оҥорон таһаарар хаачыстыбалаах, иҥэмтиэлээх ас-үөл тарҕаныытын ситимниир буоллубут.  Атыы-эргиэн эйгэтин төрдүттэн баһылаабыт “Татыйыына” фирма салайааччыта Нина Герасимова аны тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр бигэтик, эрэллээхтик хардыылаан киирбитин көрөбүт. Кини салайыытынан 2020 с. Илимнииргэ аныгы тутуулаах 200-чэ сүөһү турарыгар анаммыт комплекс үлэҕэ киирэр. Биэс сыл устата элбэх үүтү биэрэр кыһыл-эриэн, симменталь сүөһү боруодаларыттан сылга 4000 л үүтү ылары ситистилэр. Тэрилтэ бу көрдөрүүтүнэн үүтү ыаһыны уонна үүт аһын астааһыны элбэтии, бэйэбит сирбитигэр-уоппутугар мэччийбит сүөһү этинэн, үүтүнэн оҥоһуллубут хаачыстыбалаах аһы дэлэтиини тэрийиэххэ сөбүн көрдөрдө.

 

«Татыйыына» фирма «Дьоҕус пиэрмэлэри бииргэ үлэлэһэн сайыннарыы» диэн бырайыактарын туолуутун иккис этаабыгар киирдилэр.

“Татыйыына” фирма салайааччыта Нина Прокопьевна Герасимова тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар бэйэтин санаатын, көрүүтүн кэпсээтэ:

– Билигин биисинэс эйгэтигэр ситиһиилээх дьон үгүстэрэ тыа хаһаайыстыбатыгар харчыларын угар буоллулар. Бэйэ оҥорон таһаарар хаачыстыбалаах аһынан дьону хааччыйыы сүрүн сорук буолла. Мин кооперацияны олох биһириибин, олохтуурга үлэлэһэбин. Киин сиртэн ыраах сытар, айылҕата ураты, суола-ииһэ, логистиката ыарахан сиргэ кооперация — холбоһон үлэлээһин эрэ сайдыыга сирдиир диэн санаалаахпын. Маннык ньыманы тыа хаһаайыстыбатыгар эмиэ туттуохха сөп. Ол курдук, Күндэйэҕэ, Кириэстээххэ бу ньыма таһаарыылаахтык үлэлиирин көрдөрдө. “Татыйыына” фирма агропромышленнай кооперация аныгы көрүҥүн киллэрэргэ дьулуһар. Сүрүн сорукпутунан бу ньымабыт көдьүүстээҕин көрдөрүөхтээхпит. Ол аата, харчы киирэн дойдубут сайдыытыгар туһуланыахтаах. Тоҕо, “Татыйыына” фирма тыа хаһаайыстыбатыгар ылсан үлэлээтэ диир буоллахха маннык… Кистэл буолбатах, атыы-эргиэн эйгэтэ тас эрэгийиэннэртэн кэлэр бороһуоктан оҥоһуллубут үрүҥ аһы батарар. Биллэн турар, маннык оҥоһуу ас доруобуйаҕа буортулаах, охсуулаах буолуон сөп. Ол иһин, дьону сибиэһэй, доруобай, иҥэмтиэлээх, буортута суох аһынан хааччыйар туһуттан бэйэ оҥорон таһаарыытын баһылаабыппыт. “Ал-Су” оҥорон таһаарыы сыаҕын үлэлэтэбит. Ону тэҥэ, “Ил-Тосхол” диэн тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кооперативын үлэлэппиппит ыраатта. Бэйэ оҥорон таһаарыытын тэрийэммит олохтоох үп-харчы Сунтаарга хааларын ситистибит.

Тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар саҥа сүүрээн киирэрэ уолдьаста. Ол курдук, “Ил -Тосхол” үлэлиир төрүөтүгэр олоҕуран,  улуус тыатын хаһаайыстыбатын салалтатын, тыа хаһаайыстыбатын үлэтигэр көмө-тирэх буолар “Агроэксперт” тэрилтэни кытта бииргэ үлэлэһэн «Дьоҕус пиэрмэлэри сайыннарыы» диэн тосхолбутун олоххо киллэриини саҕалаатыбыт. Бу саҥа сүүрээҥҥэ сүнньүнэн тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар дьон – пиэрмэрдэр, саҥа тэринэр хаһаайыстыбалар, үлэ оҥорумтуотун үрдэтиэн баҕалаахтар кыттыһыахтарын сөп. Ол курдук, “Ил-Тосхол” ТХПК элбэх үүтү биэрэр сүөһүлэри дьоҥҥо уларсыкка (арендаҕа) биэрэр эбэтэр атыылыыр. Бырагыраама сүрүн ирдэбилинэн ынахтарыттан ылбыт үүттэрин биһиэхэ “Татыйыына” фирма аныгы астаан-үөллээн таһаарар тэрилинэн толору хааччыллыбыт собуотугар туттарыахтаахтар. Ол аата, 65 солк. субсидия харчытын ылаллар, эбии 20 солк. “Ал-Су” ТХПК төлүүр. Ылбыт ынахтарыттан төрөөбүт тарбыйаҕы бырагыраама кыттыылааҕа илдьэ хаалар. Инньэ гынан, бэйэтин сүөһүтүн ахсаанын элбэтэр.  Ону тэҥэ, уларсыкка биэрбит сүөһүлэрбит үүттэрин батарыы биһиги тэрилтэ нөҥүө барар буолан икки өттүттэн барыстаахтык үлэлиибит. “Ил-Тосхол” сүөһүтүн уларсыкка биэрдэ уонна умнан кэбиһэр диэн буолбат. Уопуттаах үлэһиттэр наукаҕа олоҕуран сүөһү аһылыгар, сиэмэлээһинигэр, үрдүк ыамҥа таһаарарга, көрүүгэ-истиигэ күүс-көмө, сүбэ-ама буолуохтара. Саамай сүрүнэ, биһиги тэрилтэ биисинэс эйгэтигэр аныгы көрүүлээх, бигэ-эрэллээх партнер быһыытынан биллэбит. Онон биһигини кытта үлэлиир сайдыы, үрдүк көрдүрүүгэ тахсыы, ситиһии сүрүн төрүөтэ буоларын өйдүөх тустаахтар…

Балысханнык сайдыы бара турар кэмигэр тыа хаһаайыстыбатыгар аныгы сүүрээн наада. Тыа сирин күүрээннээх үлэтигэр сылдьар үлэһиттэр, аҕам саастаах дьон уопуттарын саҥа кэм киһитигэр биэриэхтээхтэр, үллэстиэхтээхтэр. Атын толкуй, көрүү, сыһыан кэмэ кэллэ. Онон тыа хаһаайыстыбата хаачыстыбалаахтык сайдарыгар саҥа, ураты көрүүлээх дьон наада. Кинилэр олоҕу хамсатар, сайыннарар күүстээхтэр.

“Агроэксперт-Якутия” диэн агробиисинэһи сайыннарыыга үлэлэһэр тэрилтэ хамаандата сүрүннээн бааһынай хаһаайыстыбаларга көмө-тирэх буоларынан дьарыктанар. Ол курдук, Сунтаарга “Ил-Тосхол” ТХПК кытта үлэлэһэн элбэх үүтү биэрэр ынахтары аҕалан, сылга биир ынахтан 4000 л. үүтү ылары ситиһэргэ көмөлөспүт тэрилтэ буолар. Хаһаайыстыбаны үрдүк таһымҥа таһаарбыт тыа хаһаайыстыбатын наукатын кандидата Михаил Миронов сүрүн этиилэрин таһаарабыт:

– Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаныан баҕалаах бастаан сөптөөх сыал-сорук туруорунуохтаах. Сөпкө сыал туруоруммут киһи хаһан баҕарар ситиһиигэ тиийэр.

– Үгүс дьон “Мин тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанным. Ол аата мин маладьыаспын” дииллэр. Бу сыыһа өйдөбүл. Тыа хаһаайыстыбатын биисинэс курдук көрбүт киһи – кини дохуокка тахсар.

– Саха киһитигэр тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаныы хааныгар баар. Ол иһин, куттаммакка, саллыбакка бу салаанан дьарыктаныҥ.

– Судаарыстыбаттан тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар кэлэр көмөҕө эрэ тирэҕирэр тутах.

– Тутатына элбэх үүтү биэрэр боруодалары иитэн саҕалыахха наада.

– Билигин тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанааччы ахсаана элбээн эрэр. Тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир киһи сайдыыта, билиитэ суох диэн сыыһа өйдөбүл сотулунна. Ол оннугар, аныгы пиэрмэр бары өттүнэн дэгиттэр билиилээх, сайдыылаах киэҥ, ыраах сиринэн сылдьар киһи диэн өйдөбүл үөскээтэ.

Мира АФАНАСЬЕВА

Читайте дальше