Бүгүҥҥү кэпсээн кэрэхсэбилэ 56 сыл бииргэ олорор Эльфрида Константиновна, Виктор Афанасьевич Терешкиннарга ананар. 56 сыл устата куруук бииргэ эйэ-дэмнээхтик олорор дьол хас ыал аайы тиксибэт. Маннык уһуннук өйөһөн-өйдөһөн кэлбит ыал аҕыйах. Күүстээх таптал, бэриниилээх буолуу, бэйэ-бэйэҕэ ытыктабыл, өйдөһүү баар буоллаҕына бу сааска тиийэр дьол тиксэр.
Дьикти ааттаах эдэркээн кыыс Эльфрида уонна дьыралдьыйбыт уҥуохтаах уол бэрдэ Виктор көрсөн, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, таптал алыбар уйдаран, 1966 с. ыллыктарын ыпсаран ыал буолаллар. Бу дьоллоох түгэн төрөөбүт дойдуларыгар Ленскэй оройуонугар тосхойор. 1968 с. Эльфрида бибилэтиэкэр үөрэҕин бүтэрэн, Сунтаар оройуонун үс күөлэ эбэлээх сиэдэрэйкээн Сиэйэҕэ ананан, эдэр ыал көһөн кэлэр. Дьэ, бу дойдуга кэлэн эдэр ыал олоҕо күөстүү оргуйар. Сэбиэскэй былаас иннигэр ис дууһаларыттан үлэлииллэр.
Эльфрида Константиновна саҥа тутуллубут типовой кулууп иһинэн анаммыт хоско бибилэтиэкэни бэркэ дьаарыстаан, дьон быыстала суох сылдьыытын хааччыйар, элбэх киһини угуйар. Быыһыгар оскуола үөрэнээччилэригэр, сопхуос үлэһиттэригэр араас хабааннах олус интэриэһинэй тэрээһиннэри ыыталыыр. Бу идэтигэр 40 сыл эҥкилэ суох, харыс да халбарыйбакка бэриниилээхтик үлэлиир, уопсайа култуура салаатыгар 45 сыл үлэлээбит. Бу курдук үтүө суобастаах солбуллубат үлэһит быһыытынан норуокка биллэр. Эльфрида Константиновна РФ, СӨ үлэтин бэтэрээнэ, Сунтаар улууһун култууратын бэтэрээнэ, Сиэйэ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, «Сиэйэ нэһилиэгэр кылаатын иһин» бэлиэ хаһаайына, нэһилиэк кырдьаҕастарын сэбиэтин салайааччытынан өр сылларга үлэлээбитэ.
Оттон Виктор Афанасьевич суоппар идэлээх буолан, Ленин уордьаннаах «Элгээйи» сопхуос ГАЗ-51 маркалаах водовоз массыынатын тутан үлэтин саҕалаабыта. Ол кэннэ самосвал, молоковоз массыыналарга үлэлиир, ол быыһыгар комбайнер, болуотунньук, хачыгаар да буолан, эбии үлэ ылынара. Сопхуоска 21 сыл үлэлээн баран, 1988 с. «Суһал көмө» санитарнай массыынатыгар суоппардаан биэнсийэҕэ тахсар. Виктор Афанасьевич үлэтигэр олус эппиэтинэстээх буолан элбэх хайҕабылы ылар, ону элбэх наҕараадата туоһулуур.
Дьиэ кэргэн дьоллорун ситэри толорон, утуу-субуу Сиэйэ нэһилиэгэр түөрт оҕо төрүөҕүн төлкөтүн түстүүллэр. Дьиэ-уот туттан, үлэ бөҕө үлэлээн, быр-бааччы Сиэйэ нэһилиэгин ытыктанар биир бастыҥ ыала.
Аҥаардас оҕо эрэ төрөтөр буолбакка, киһи сайдыыта, оҕо киһи буолан тахсыыта дьиэ кэргэнтэн саҕаланарын, киһи-аймах сыаннастара, култуурата, көлүөнэлэр солбуһуулара барыта дьиэ кэргэҥҥэ иитиллэрин өйдөөн, оҕолорун оннук иитэн-такайан таһаарбыттара. Күннээҕи олох, үлэ, айылҕаҕа, киһиэхэ сыһыан төрөппүт тус холобурун нөҥүө, оҕо төрөөбүт норуотун төрүт култууратын өйдөрүгэр-санааларыгар иҥэринэрин, уйулҕаларыгар ылынарын, сүрэхтэригэр-быардарыгар билэллэрин ситиспиттэрэ.
Билиҥҥи кэмҥэ олох уларыйан, дьиэ кэргэн элбэх ыарахаттары көрсөр: сыана ыарааһына, үлэтэ суох буолуу, духуобунас, сиэр-майгы өттүгэр намтааһыннар уонна да атыттар бааллара кистэлэҥ буолбатах. Бу ыал оҕолоро маны барытын кэбэҕэстик туоруур кыахтаах дьон буола улааппыттара. Бу маннык иитии көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн судаарыстыбабытыгар чиҥ тирэхтээх дьон тахсаллар. Онон Терешкиннэр түөрт оҕо иһирэх ийэтэ, амарах аҕата, сэттэ оҕо күндү эбэтэ, эһэтэ, икки оҕо хос эбэтэ, эһэтэ буолан, атын дьоҥҥо холобур буолаллар. Ону бигэргэтэн 2018 с. Эльфрида Константиновна уонна Виктор Афанасьевич Терешкиннэр СӨ Бырабыыталыстыбатын иһинэн ГТАС Управлениетын «Дьиэ кэргэн килбиэнэ» анал бэлиэтинэн наҕараадаламмыттара.
Кинилэр оҕолоро, сиэннэрэ бары дойдубут сайдыытын туһугар өрөспүүбүлүкэ араас муннугар үлэлии-хамсыы сылдьаллар:
– улахан оҕо Светлана Дьокуускай куоракка Ростелеком тэрилтэ инженерэ, уоллаах кыыс оҕолоох.
– улахан уол Евгений Удачнайдааҕы ГОК ГТК тырахтарыыһа, кэргэнэ Виктория – бибилэтиэкэр. 4 оҕолоохтор;
– орто уол Афанасий Сиэйэ нэһилиэгэр култуура дьиэтигэр үлэлиир;
– кыра уол Константин Мииринэйгэ геодизиһынан үлэлиир. Кэргэнэ Туйаара МКУ МРУО ФМО тутаах исписэлииһэ. Уол оҕолоохтор.
Дьиэ кэргэн бөҕө тутуллаах, байылыат олохтоох буоллаҕына, судаарыстыба эмиэ бөҕөргүүр. Таптала, истиҥ сыһыана уонна сарсыҥҥыга эрэлэ суох киһи киһи буолбат, цивилизация эмиэ бу сыаннастарга олоҕурар. Маны барытын дьиэ кэргэн эрэ биэрэр кыахтаах. Ол да иһин буолуо, Терешкиннэр дьиэ кэргэттэрэ, кинилэр сыдьааннара хайа да уларыйыыларга барытыгар сөп түбэһэн, табыгастаахтык олорон үлэлииллэр-хамсыыллар.
Сунтаар улууһугар Дьиэ кэргэн сылыгар өрөгөй ырыатынан буолбут Саргылана Омукова хоһоонун тылынан Терешкиннэр дьиэ кэргэттэригэр сыһыары тутан түмүктүүбүн:
Таптал биһигэ – дьиэ кэргэн,
Дьол биһигэ – дьиэ кэргэн,
Оҕо мичээрэ – дьиэ кэргэн,
Дойду эрэлэ – дьиэ кэргэн…
Мария Ефимова,
Ю.М.Гурьев аатынан
Сиэйэтээҕи култуура киинин салайааччыта, СӨ
култууратын туйгуна.