Аҕа таптала ураты сэмэй

Аҕа киэҥ көҕүстээх, самныбат санаалаах, хорсун быһыылаах, айар-тутар аналлаах. Аҕа баарыгар барыта эркин курдук эрэллээх, дьиэ кэргэн бөҕө туруктаах. Өбүгэлэрбит эр киһини дьахтартан биир мутук үрдүк дииллэрэ. Кини өркөн өйө, күүһэ-кыаҕа, хорсун санаата, кырдьыксыт буолууну кытта  ситимнииллэр.  «Атын омук дьоно кэлэн, сахалары омук быһыытынан сыана быһалларыгар дьахтары да, оҕону да көрбөттөр. Эр киһини көрөллөр – кыаҕын, санаатын, күүһүн» диэн Эдьиий Дора бэргэн этиилээх.

 

Улууспутугар оҕолорун бэйэлэрэ иитэн, харайан олорор аҥаардас аҕалар аҕыйаҕа суохтар. Биһиги хаһыаппыт бүгүҥҥү ыалдьыта Сунтаар нэһилиэгин олохтооҕо, элбэх оҕо аҕата – Алексей Пай. Сэһэргэһиибитигэр Алексей элбэх саҥата суох аҕыйах тылынан дьиэ кэргэнин туһунан сэһэргиир. Кини 5 оҕо амарах аҕата. Билигин кинилэр Алексей төрөппүт ийэтэ Варвара Петровна Андрееваны кытта олороллор. “Күннээҕи түбүккэ оҕолору көрүүгэ-харайыыга, ас-үөл бэлэмнээһинигэр, таҥас-сап бэрийиигэ саамай күүс-көмө, өйөбүл, тирэх буолар киһибит ийэм, оҕолорум эбэлэрэ буолар. Түгэнинэн туһанан күндү ийэбэр улахан махталбын тириэрдэбин”, – диэн кэпсэтиибит саҕаланар.

Дьиэ кэргэн улахан оҕото – Амелия сиэстэрэ үөрэҕин бүтэрэн, билигин Дьокуускайга медицина киинигэр үлэлиир. Иккис кыыс Алина АГАТУ-га бэтэринээр үөрэҕэр 2-с кууруһун устудьуона. Үс кыралар үһүөн Сунтаардааҕы 1-кы №-дээх оскуола үөрэнээччилэрэ. Анна 8-с, Аида 6-с, Айсиэн 3-с кылааска үөрэнэллэр. Оҕолор үөрэхтэригэр үчүгэйдэр. Үөрэх таһынан Аида уруһуйдуурун сөбүлүүр буолан, искусство оскуолатыгар уруһуй куруһуогар дьарыктанар. Оттон мурун бүөтэ Айсиэн ДЮСШ-ҕа хапсаҕайынан дьарыктанан саҕалаабыт.

Оҕону иитиигэ тус санааҥ диэн ыйытыыга: “Сүрүнэ оҕону мөхпөккө, кыыһырбакка, кыра да кыайыыларын, ситиһиилэрин хайҕаан, киһиргэтэ да түһэн ылар наадалаах дии саныыбын. Оҕолор дьиэ ис-тас үлэтигэр тэҥҥэ сылдьан көмөлөһөргө дьулуһаллар. Дьиэ үлэтигэр, иһит сууйуутугар уочаратынан эбээһинэстэрин үллэстэллэр. Сайын оҕуруот аһа олордуутугар эбэлэригэр күүс-көмө буолаллар. Быйыл оҕуруот аһын олордон арбуз, тыква үүннэрэн күһүҥҥү оскуола дьаарбаҥкатыгар кытта атыылаатылар. Оҕолор бэйэ-бэйэлэрин аһара көрсөллөр. Үөрэх чааһыгар уруок толоруутугар улахаттар кыраларыгар көмөлөһөллөр, сүбэ-ама буолаллар”.

Киһи олорорун тухары үтүөҕэ, сырдыкка таластаҕына эрэ үүнэр-сайдар. Бэйэҥ бэйэҕин кыайаҥҥын, уларыйыы суолугар үктэннэххинэ сарсыҥҥыга эрэллээх олоҕу олороҕун. Ол курдук, Алексей 4-5 сыллааҕыта куһаҕан дьаллыгын – табаҕы быраҕыаҕыттан ыла доруобуйатыгар болҕомто уурар. Кини сарсыарда аайы, күһүҥҥэттэн саҕалаан, күн аайы, киэһэ, сыл устата, кыһыннары-сайыннары, тымныы уунан куттар. Тымныы уунан куттуоҕуттан ыла доруобуйата тупсубутун этэр. Кыһын үлэтигэр барарыгар сибиэһэй салгынынан  тыынан сүүрэн тиийэр. Оттон сайын боростуой бэлэсипиэти мотуордаан мотовелик оҥостубут. Бу мындыр толкуйтан сатабылтан тахсар буоллаҕа.

Алексей «Ньургуһун» оҕо сайдар киинигэр 2021 с. үлэлиир. Уһуйаан сэбиэдиссэйэ Татьяна Саввинова маннык кэпсиир: «Алексей Иннокентьевич элбэх оҕолоох аҕа. Биһиги тэрилтэҕэ дворниктыыр. Кини үлэтигэр олус бэриниилээх, кыһамньылаах сыһыаннаах үлэһиттэртэн биирдэстэрэ буолар. Ханнык баҕарар дьиэ-уот, тэрилтэ ырааһа, дьаһахтааҕа тиэргэниттэн көстөр. Ол курдук, Алексей Иннокентьевич түргэн-тарҕан туттуутунан тиэргэни хомуйан, харбаан, оҕолор, үлэһиттэр уһуйааҥҥа кэлэллэригэр бэлэмниир. Ону тэҥэ тэрилтэбитигэр буолар араас тэрээһиннэргэ көхтөөх кыттааччыбыт. Оҕолорго ыытыллар тэрээһиннэртэн туора турбат, артыыспыт буолар. Уһуйааммыт иһигэр тэриллибит эр дьон ансаамбылын көхтөөх ырыаһыта. Тэрилтэбитигэр үксэ дьахтар аймах буолан сүгүү, көтөҕүү үлэтигэр солбуллубат көмө буолар дьоммут. Саҥа дьыл бырааһынньыгар тиэргэммитин уратытык киэргэтэр үгэстээхпит. Бу киэргэтиигэ биһиги тэрилтэбит эр дьоно бары саба түһэн, ким да туора турбакка, күргүөмүнэн үлэлииллэрэ олус үчүгэй».

Олоххо инникигэ былаан диэн ыйытыыбар: «Оҕолорум этэҥҥэ, үөрэхтээх, үлэһит дьон буолалларыгар баҕарабын. Инникини тымтыктанан көрбүт суох, олох хаамыытынан көстөн иһиэ», – диэнинэн Алексейдыын кэпсэтиибит түмүктэннэ.

Бу курдук аҥаардас аҕа олох араас түгэн­нэриттэн чаҕыйбакка, оҕолорун көрөн-ис­тэн, үлэни өрө тутан сылдьара үтүө холо­бур. Алексейга ыҥырыыбытын ылынан кэлэн кэпсэппитигэр махталбытын ти­риэрдэбит.

Элбэх оҕолоох аҕаҕа биһиги, үтүө баҕа са­наа туолуутун, дьиэ кэргэнигэр бары үтүөнү баҕарабыт.

Алена ИВАНОВА

 

Читайте дальше