“Үнүгэсчээн” оҕолоро Ийэҕэ анаан айаллар

Саха сиригэр Ийэ  күнүнэн “В.И. Иванов аатынан Кэмпэндээйи орто оскуолатын” “Үнүгэсчээн ” литерурнай куруһуок оҕолоро ийэлэригэр анаан хоһоон суруйдулар.

Салайааччы Ефимова А.А. саха тылын уонна литературатын учуутала.                                                  

            Ийэкээм

Сааскы күн кэриэтэ

Күн күбэй ийэккээм,

Эйэҕэс мичээрэ дьиэ кэргэн үөрүүтэ.

Нарын-намчы куолаһынан

Дьиэ иһин толорор.

Сымнаҕас илиитэ барытын сатыыр,

Бүтэрэр, бэрийэр, ситэрэр.

Эйэҕэс мичээрэ мэлдьи арыаллыыр.

Сыллаан ылара туохха да тэҥнэммэт.

                      Саввинова Тася, 9 кылаас

  Күн тэҥэ ийэм

Күн тэҥэ ийэккээм,

Күлүмнүү мичээрдиир.

Сылаас, сымнаҕас илиитинэн

Имэрийэр иэдэспин.

Аан дойду кэрэтэ

Ийэбэр түмүллүбүт.

Субуллар суһуоҕа

Арылыйар кустук.

Буспут дьэдьэн уостара

Мичилийэ үөрэр.

 Арылхай хараҕа

Имэрийэ көрөр.

Сыыйыллаҕас хаастара

Дыргыйа тырымныыр.

Ийэбин таптыыбын,

Туохтааҕар да күндүгүн.

              Прокопьева Туйаара, 9 кылаас

    Күн ийэм

Күндүттэн күндү

Күн ийэм барахсан,

Күөрэгэй курдук куоластаах,

Кыталык курдук быһыылаах,

Күн курдук мичээрдээх,

Күн-күбэй ийэккээм,

Кэрэҕин даҕаны,

Күндүгүн даҕаны.

         Сымытова Эвелина, 7 кылаас

  Көмүс ийэм

Мин көмүс кэриэтэ

Күндү ийэм,

Күн кэриэтэ мичээрдээх,

Сааскы күн курдук

Сылаанньытар,уоскутар.

Төрөппүт күн күбэй ийэбин,

Төрөөбүт дойдубар холуубун,

Ол курдук сүрэхпэр күндүгүн,

Төрөөбүт ийэ тылбар тэҥниибин,

Ол курдук чугаскын миэхэ,

 Санаалыын, сүрэхтиин, дууһалыын.                                                         Кириллина Саша, 9 кылаас

         Ийэбэр

Ийэ диэн баар бу сиргэ

Күндүттэн күндү киһи.

Саамай чугас доҕорбут,

Иитээччибит, такайааччыбыт.

Ийэ диэн баар бу сиргэ

Үтүөҕэ, кэрэҕэ угуйаачыыбыт.

Харайаачыбыт, аһатааччыбыт.

Ийэлээх буолар үчүгэйиэн.

      Макарова Сардаана, 11 кылаас

  Күндү ийэм

Мин ийэм миэхэ күндү,

Мин ийэм олус кэрэ,

Мин ийэм сылаас астаах,

Мин ийэм сымнаҕас илиилээх,

Мин ийэм сырдык мичээрдээх,

Мин ийэбин таптыыбын.

Ийэтэ суох миэхэ чуҥкук.

         Федорова Ванесса, 6 кылаас

      Ийэ – саамай күндү киһим

Мин ийэм нап-нарын куоластаах,

Сып-сырдык мичээрдээх,

Уп-уһун суһуохтаах,

Ып-ыраас дууһалаах,

Эйэҕэс майгылаах.

Мин ийэм күн курдук

Сылааһынан угуттуур.

 Ийэлээх буоламмын

Күн сирин көрбүтүм.

Ийэ баар буолан,

Дьоллоохтук сананабыт.

Ийэбин таптыыбын,

Күндү тааска кэҥниибин.

     Гаврильева Нарыйаана, 7 кылаас

Читайте дальше