Уһуйааннарга, оскуолаларга оһуокай дьиэрэйиэ

Улуус култууратын уонна айылгытын управлениетын салайааччыта Саргылаана Омукова көҕүлээһининэн, үөрэҕирии управлениетын начальнига Борис Васильев өйөөһүнүнэн улууспут уһуйааннарыгар, оскуолаларыгар нэдиэлэ иккис күнүгэр – оптуорунньукка —  оһуокай дьиэрэйэр буолуоҕа.

Бу биһиги ытык киһибит С.А.Зверев-Кыыл Уола төрөөбүтэ 125 сылын көрсө ыытыллар тэрээһиннэр чэрчилэринэн,  ону сэргэ саха төрүт үҥкүүтүн оһуокайы үйэтититэр, үүнэр көлүөнэҕэ үөрэтии, иҥэрии сыаллаах маннык дьаһаныы буолла. Бу туһунан култуура управлениетын салайааччыта Саргылаана Дмитриевна тэрилтэ салайааччыларын бу нэдиэлэтээҕи сүбэ мунньахтарыгар иһитиннэрбитэ.

Кистэл буолбатах, билигин үгүс оҕо, эдэр киһи хайдах туттан, хааман оһуокайга киирэри билбэт диир улахан сыыһа буолбатаҕа буолуо. Оһуокайдьыт оҕолорбутуттан, ыччаппытыттан ураты.

Култуура үлэһиттэрэ, чуолаан оһуокайдьыттар, оҕо тэрилтэлэринэн сылдьан үөрэтиэхтэрэ, дьоҕурдаахтары кытары туспа дьарыктаныахтара турдаҕа. Ол туһаттан атыны аҕалбата биллэр.

Яина ВЛАСЬЕВА

Читайте дальше