Учуутал аатынан кылаас аһылынна!

Учууталга махтана, сүгүрүйэ араас тэрээһин ыытыллар. Бүгүн Сунтаарга Владимир Павлов аатынан алын сүһүөх оскуолатыгар ааттаах учуутал Агния Доценко аатынан кылаас аһылынна. Оҕо аймах үөрэр-көтөр, суолталаах тэрээһиҥҥэ ыллаары-үҥкүүлээри, хоһоон этээри долгуйар. Агния Доценко — олоҕун устата учууталлаабыт туруу үлэһит. Оҕолоро, сиэннэрэ, аймахтара учуутал үрдүк аатын үйэтитэр сыаллаах кини отучча сыл үлэлээбит Сунтаар алын сүһүөх оскуолатын кылааһыгар кини аатын иҥэрэн, сабыс-саҥа миэбэлинэн, дуосканан, үөрэх пособиеларынан хааччыйдылар. Манна тэрийээччи сүрүн күүһүнэн эдьиийин кыыһа Ирина Санникова буолла. Бастаан Агния Серафимовна сиэннэрэ кыргыттар төрүччүлэрин билэр сыаллаах үөрэҕирии түмэлин үлэһитэ Альбина Иванованы кытта ыкса үлэлээбиттэр. Ол түмүгэр архыыптан үгүс докумуону булан, эһэлэрин Григорий Доценко туһунан толору билэн, эбэлэрин 100 сааһыгар кини аатынан кылааһы арыйар туһунан быһаарыммыттар.

«Кылаас сып-сырдык, ып-ыраас, киһи эрэ үөрэниэн курдук» диэн кылаас хаһаайыттара санааларын үллэстэллэр. Төрүччүнү үөрэтээри бүтүн аймах айымньылаах суола билиннэ. Оҕо дьоҥҥо Агния Серафимовна кылааһын аана тэлэйэ аһыллан, үөрэх кэрэ аартыгын арыйар.

Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА

Читайте дальше