Убаастабыллаах ытык киһибит Петр Константинович!

«Сунтаар улууһа (оройуона)» муниципальнай оройуон дьаһалтатын уонна оройуон Сэбиэтин дьокутааттарын ааттарыттан Эйигин, Аҕа дойду сэриитин, Японияны кытта сэрии кыттыылааҕын, “За боевые заслуги”, “За победу над Японией” мэтээллэр, “Аҕа дойду сэриитин II истиэпэннээх”, икки “Бочуот Знага” уордьаннар кавалердарын, «Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайынын, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитин, СӨ, Дьокуускай куорат уонна Сунтаар улууһун бочуоттаах олохтоохторун 100 сааскын томточчу туолар үбүлүөйгүнэн, айыы сиригэр үктэммит алгыстаах күҥҥүнэн үөрэн-көтөн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!

Петр Константинович, киһи гиэнэ килбиэннээҕэ, саха гиэнэ саарына буолаҥҥын, үйэҥ тухары чиэстээхтик, дьоһуннук, дьоҥҥо холобур буолар гына олорон кэллиҥ. Ол курдук, сэрии сылларыгар Ийэ дойдугун фашистартан көмүскээн хорсуннук сэриилэспитиҥ. Сэрии кэнниттэн Ленинградка университекка үөрэнэн учуутал идэтин ылбытыҥ уонна төрөөбүт улуускар РОНО отделын сэбиэдиссэйинэн, Сунтаардааҕы ССКП райкомун сэкирэтээринэн, «Элгээйи» сопхуоска партком сэкиритээринэн, Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтигэр тэрийэр отделга инструкторынан өр сылларга үтүө суобастаахтык үлэлээбитиҥ.

Ытыктабыллаах Петр Константинович! Улуус салалтата, уопсастыбаннаһа Эйигин өрөспүүбүлүкэ норуотун хаһаайыстыбатын сайыннарыыга бэриниилээхтик үлэлээбит үрдүк билиилээх исписэлиис, дьоҥҥо кыһамньылаах сыһыаннаах лиидэр, принципиальнай партийнай үлэһит быһыытынан билинэр уонна сүгүрүйэр. Эн Ийэ дойдугар бэриниилээх олоҕуҥ, үлэҕэ, дьоҥҥо-сэргэҕэ иһирэх, олоххо актыыбынай сыһыаныҥ биһиэхэ куруук үтүө холобур буолар.

Күндү киһибитигэр кытаанах доруобуйаны, чэгиэн туругу, бары үтүөнү-кэрэни, дьолу-соргуну баҕарабыт! Чугас дьонуҥ сылаас сыһыаннара, дьон-сэргэ ытыктабыла эйигин мэлдьи арыаллаатын, күүскэр күүс эптин. Бу курдук өрүү үөрэ-көтө, сүбэлии-амалыы сырыт.

 

Анатолий Григорьев, «Сунтаар улууһа

(оройуона)» муниципальнай оройуон баһылыга

Ульяна Попова, Сунтаар улууһун

дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ.

Читайте дальше