Уһун Күөлгэ Дьоруой ийэлэргэ аналлаах тулаһа баар буолла

Бүгүн Уһун Күөлгэ  «Сирдээҕи олоҕу түстээбит иһирэх ийэлэрбит» диэн ааттаах-суоллаах биир бэлиэ үөрүүлээх тэрээһин буолла.

Ол курдук, Ил Дархан гран үбүнэн оҥоһуллубут Дьоруой ийэлэргэ анаммыт  саҥа тулаһаны (искибиэри) үөрүүлээхтик арыйдыбыт. Бу саха омук үйэлээх үтүө үгэһин салҕаан, оҕоҕо олох биэрбит, уонунан ахсааннаах хоһуун ыччаттары иитэн таһаарбыт Дьоруой ийэлэрбитигэр сүгүрүйүү бэлиэтэ буолар.

Арыылаах нэһилиэгэр «Ийэҕэ Албан аата» уордьаннаах 13 ийэ олорор. Олор истэригэр III истиэпэннээх -9, II истипэннээх – 3, I истиэпэннээх  2 ийэ. Биир Дьоруой ийэлээхпит. Бу баар – биһиги улахан баайбыт, киэн туттуубут.

Искибиэри үөрүүлээхтик аһыыга нэһилиэкпит баһылыга Иван Игнатьев, Доруой ийэбит Татьяна Игнатьева, улууспут баһылыгын бастакы солбуйааччы Павел Григорьев, Арассыыйа Дьоруойа Дмитрий Егоров аҕата Николай Егоров, элбэх оҕолоох ийэлэр оҕолоро, сиэннэрэ тыл эттилэр.

Норуот бараммат баайа, кэлэр кэнчээри кэскилин түстээччи, олох ситимин салҕааччы кэрэ сэбэрэлээх, дьиэ кэргэн мааны далбар хотуннара – биһиги күн күбэй ийэлэрбит. Кинилэр мындыр сатабыллара, олоххо күүстээх тардыһыылара, тобуллаҕас толкуйдара мэлдьи биһиэхэ холобур буоларо. Ийэттэн төрүүллэр чулуу дьоруойдар, улуу учуонайдар, сатабыллаах салайааччылар, айдарыылаах учууталлар, быраастар. Ол да иһин хас биирдии киһи тыла «Ийэ» диэн. Дьоруой ийэ үтүө аата – үйэлэргэ умнуллубат норуот киэн туттуута.

Варвара ИВАНОВА

Читайте дальше