Саха сирин үрдүнэн Кэмпэндээйи тууһунан оҥоһуллубут туус хосторо элбээн эрэллэр. Бу күннэргэ Үөһээ Дьааҥы хас да нэһилиэгэр оҥоһуллан арыллаллар. Саха сирин үрдүнэн билиҥҥи туругунан биэс уонча кэриҥэ туус хосторо баар буоллулар. Бастакынан Сунтаарга, онтон Мииринэйгэ, Лиэнскэйгэ, Бүлүүгэ, Анаабырга, Өлөөҥҥө, Дьокуускайга, Хаҥаласка, Мэҥэ Хаҥаласка, аны Үөһээ Дьааҥыга оҥоһуллан олоххо киирэллэр. Аҕыйах сыллааҕыта туус хосторун олоххо киллэриэххэ диэн өйүгү туус собуотун салайааччыта Алексей Игнатьев Ил Дархаҥҥа, ситэриилээх былааска этии быһыытынан киллэрбитэ көдьүүстээхтик үлэҕэ киирэн эрэллэр.
Бу күннэргэ туус собуотун үлэһит уолаттара Вячеслав Михайлов, Григорий Федотов, Спартак Саввинов Элгэс нэһилиэгэр уһуйааҥҥа туус хоһун оҥорон бүттүлэр. Уолаттар быйыл хайы-сах ахсыс туус хоһун үлэҕэ киллэрдилэр. Бу иннинэ Дьокуускайга «Бинго» оҕо киинигэр уонна Малай Академияҕа үлэлээбиттэрэ. Бу маннык көдьүүстээх үлэ оҕо доруобуйатыгар улахан туһалааҕын билэн, улуустарынан сакаастар киирэ тураллара үөрдэр. «Чуораанчык» уһуйаан сэбиэдиссэйэ Зоя Находкина: «Мантан инньэ оҕо доруобуйата тупсуоҕа, профилактика үлэтэ күүскэ барыаҕа», — диэн санаатын үллэһиннэ. Бэйэ сириттэн хостонор тууспут бэйэбитигэр туһалааҕа икки бүк үөрүү буоллаҕа.
Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА