“Тускул»-лар пластик хахтан аккаастаныахтара

Күндэйэ нэһилиэгин “Сырдык аартык” потребительскай кэпэрэтиип иһинэн “Тускул” астаан-үөллээн оҥорор сыах үрүҥ аһылыгын Сунтаар улууһун олохтоохторо күннэтэ амсайаллар. Күндэйэ арыыта, сүөгэйэ, сыыра, этин кэнсиэрбэтэ киэҥник биллэр. Кэлиҥҥи 2 сылга сыах эти астааһыҥҥа ылыста. 2019 с. тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин нөҥүө ылбыт автоклавтара, дьэ, билигин толору кыаҕынан кэнсиэрбэ арааһын оҥорор буолла. Сылга үүтү 50 т. астыыр буоллахтарына, эти саҥа ылсыбыт буолан 1т. астыыллар. 3 сыл харайыллар болдьохтоох эт кэнсиэрбэтин сибиинньэ, сүөһү этиттэн оҥороллор. Бу аҕыйах хонуктааҕыта “Хочо” МУТ кытта кыттыһан байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарга эт кэнсиэрбэтин бэлэмнээтилэр.

“Сырдык аартык» толорооччу дириэктэрэ Алина Львова: “Былырыын “Тускул” тэрилтэбит 10 сылын бэлиэтээбиппит. Быйыл “Сырдык аартык” кэпэрэтиип 15 сылын көрсөбүт. Билигин улам пластиковай хахтан аккаастанан Тетра Пак хахха көһөр курдук былааннанабыт. Бу хах тулалыыр эйгэҕэ буортуну оҥорбот», — диэн тэрилтэтин инники былааныттан  иһитиннэрдэ.

Мира АФАНАСЬЕВА

Читайте дальше