Бэс ыйын 28 — 30 күннэригэр сардаана сибэкки хаймыылаах, таалар талыы хонуулаах Тааттаҕа доруобуйаларынан хааччахтаах дьон тэрилтэтэ тэриллибитэ 35 сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл буолан ааста.

Талаҕа мускуллар Таатта күөх хонуута бастаан утаа тыалынан, самыырынан көрсүөх курдук куттаан баран алгысчыт Арчын Дьэрэлик Ньуурай Уола күнү көтөҕөр алгыһынан арыллан күн күлэ көрдө. Улуус дьаһалтатыттан Руслан Захаров доруобуйаларынан хааччахтаах дьон бэстибээллэрэ Таатта сиригэр иккиһин ыытылларын бэлиэтээн туран истиҥник эҕэрдэлээтэ.

Бастакы бэстибээл 2015 сыллаахха Чөркөөххө буолбут эбит. Барыта бу сырыыга 13 хамаанда, 255 киһи күөн көрүстэ. Суунар, душтанар, наадаҕар сылдьар сирдэр, оллооннор табыгастаахтык оҥоһуллан, от-мас бэлэмнэнэн, хорчуоппа, медпункт, бөх кутар сиригэр тиийэ толкуйданан көрүстүлэр. Бары палаточнай городокка сыттыбыт. Араас дьэрэкээн шатердаах, киэргэллээх түһүлгэлэр хараҕы манньыттылар.

Мин бастаан сылдьар буоламмын, дьонум уруккуттан сылдьаллар эбит, тэриниилэрэ олохтооҕуттан аһара астынным. Улуус инбэлииттэрин ыытар үлэтин көрдөрөр баннердары бары сэргээн көрдүлэр, улууспут былааҕа күөрэччи тэлээрэн саҥата суох киммитин кэпсии турда. Сорох күрэхтэр анал оҥоһуулаах сиргэ ыытылланнар, сороҕун көрбөтүм. Ытыыга Нина Краскова чемпион буолан, кыһыл көмүс мэтээли кэттэ. Кронхол диэн саҥа тэнийэн эрэр оонньууга Татьяна Большоева, Вячеслав Зедгенидзев туһааннааҕынан 3-с миэстэлэри ыланнар үөртүлэр. Олоҥхо уустук көрүҥэр улуу олоҥхоһуттардаах ытык Таатта сиригэр баран сүрэхтэнэн, 3-с бочуоттаах миэстэ буолан хамаандабар туһаны аҕалан наһаа үөрдүм. Бастаабыт Таатта олоҥхоһута Клара Читаева аһара да үчүгэй.

Ордук чорботон Вячеслав Зедгенидзев капитаннаах волейболистар хамаандаларын бэлиэтиэхпин баҕарабын. Икки күн устата, сырылас күн анныгар, сэттэ көлөһүннэрэ тохтон, таатталарга эрэ хотторон сэрэбиэйинэн 3-сбочуоттаах миэстэ буоллулар. Бары биһиги хамаандабыт күүстээҕин бэлиэтээтилэр. Хамаандаҕа бааллар: барытын сөпкө салайар көҕүлүүр, ардыгар мөҕөн да ылаттыыр Вячеслав Зедгенидзев, барытыгар сыстаҕас, аламаҕай, көстөр үтүө дьүһүннээх Илларион Михайлов, ырыаһыт, эйэҕэс Стас Тараяров, кырасаабыссалар Дайаана Зедгенидзева, Катя Иванова, саамай эдэрбит, оҕобут Гоша Спиридонов.

Дуобатчыттар Владимир Тимофеев, Светлана Федотова бэйэлэрин кыахтарынан успуортка мааастарга хандьыдааттары кытта эрэллээхтик эристилэр. Дартск быраҕыыга улуустар бэрэссэдээтэллэрэ кииристилэр. Онно барыта айылҕаттан булчут эр дьон бастаатылар. Кинилэри кытта биһиги Ильиничнабыт 96 очкону ылан илин- кэлин түһүстэ. Мин санаабар айылҕаттан сыалы таба үөрүйэх эр дьону кытта дьахталлары тус туһунан дьүүллүүр буоллар дии санаатым.

Анал идэлээх фотограф хамаандалары, биирдиилээн баҕалаах дьону көстөр үрдүк хайалардаах Амма эбэ кэрэ көстүүтүгэр үйэтитэн дьон махталын ылыан ылла. Икки күнү супту араас кэрэ куоластаах ырыаһыттар ырыа арааһын ыллаатылар. Дьэ бэрт сэргэх диджей Аммаҕа баар эбит, ким хайдах сатыырынан үҥкүүлээн өрө тэбии.
Манна мин биири өйдөөн көрдүм. Бары ыарыы диэн тугун ис-иһиттэн билэ сылдьар дьон буолан бары бэйэ бэйэлэригэр ураты истиҥ, уйан сыһыаннаахтар, кими баҕарар кытта уопсай тылы булаллар, көмөлөсүһэн иһэллэр эбит.

Илдьэ сылдьыбыт салайааччыларбытыгар Наталья Максимоваҕа Нина Краскова, Светлана Гаврильева, аргыс дьоммор, оҕолорбор барҕа махтал. Асчыппыт Татьяна Большоеваны, барытыгар саба түһэн көмөлөһө сылдьар, олус сатабыллаах Егор Степановы, хаартыскаҕа хатыыр, видеоҕа устар Наталья Еремееваны бэлиэтээбэт буолуохха сатаммат.

Ону сэргэ түргэн, сыыдам сырыылаах, хайа да паромҥа хаайтаран турбат, сытыы суоппардарга, дойдум, Сиэйэм, оҕолоругар, киһи астына көрөр, киһи уолаттардаахпын диир  аныгы сахаларга Сема Мамонтовка, Володя Прокопьевка астынан туран ийэлии махтанабын. Сема кылааһынньыгым Вася Мамонтов оҕото. Оруобуна аҕатын курдук харааччы көрөн туран, аныгы киһи сиэринэн, дьону кытта кэпсэтэригэр тулуурдаах, ылыннарыылаах тыллаах эбит. 2014 сылтан таксистаан билигин Сунтаарга биир саамай биллэр таксист. Аргыс суоппара Боодьо аҥаардас, үөрэн туран, эбэтин Ксенья Егоровна хаартыскатын, бу мин эбэм диэн киэн тутта көрдөрбүтэ элбэҕи эттэ. Сунтаар улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга уонна имиджевай бэлиитикэҕэ салайааччытыгар Гаврил Еремеевка, дьокутааттар сессияларыгар харчы көрөннөр, суолта биэрэннэр, 20 буолан бэлэм суолунан бара кэлэ сылдьыбыппытыгар барҕа махтал.

Саамай ыраахтан сылдьар ыалдьыттар диэн ураты бочуоттанар аҕа баһылык Айаал Бурцев анал бирииһин салайааччыбытыгар Наталья Максимоваҕа биэрбитэ хамаанданы барыбытын үөртэ, махтал бастыҥа, ыалдьытымсах таатталарга. Чычымах баһылыгын солбуйааччы Александр Бытыков хара ааныттан бүтүөр диэри хас биирдии хамаандаҕа чугаһаан, ыйыталаһан, алтыһан сылдьыбыта бу салайааччы таһымын көстүүтэ диэн сыаналаатым, үлэҕэр үрдүк чыпчааллары.

Икки күннээх күрэх түмүгүнэн I миэстэни Нам, II миэстэни Таатта, III миэстэни уус алданнар ыланнар үөрүү өрөгөйүн биллилэр. Биһиги 13 хамаандаттан төһө да 8 миэстэни ылларбыт бары бэйэбитигэр саҥа саҕахтары арыйан, үтүө тыыҥҥа иитиллэн кэллибит.

Бу курдук барыта үтүө дьону кытта үөрдүһэн, талыы Таатта сиригэр, Амма эбэ үрдүгэр, сардаана ортотугар умнуллубат күннэри атаардыбыт.

Зинаида ФЕДОТОВА-Дьол Кыыма, Сунтаар СӨ Суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, суруйааччы

Читайте дальше