Владимир Путин сорудаҕынан ылыллыбыт “Үөрэҕирии” национальнай федеральнай бырагыраама иитинэн бүтүн Арассыыйа үрдүнэн алтынньы ый 16-22 күннэригэр, төрөппүттэргэ аналлаах психологическай-педагогическай, методическай боппуруостарга консультациялыыр нэдиэлэ ыытылынна. Ол чэрчитинэн, биһиги улууска алтынньы ый 20 күнүгэр, доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолор төрөппүттэригэр аналлаах сэминээр-практикум буолла. Сэминээр В.Г. Павлов аатынан Сунтаардааҕы алын сүһүөх оскуолатын базатыгар бэрт тэрээһиннээхтик ыытылынна. Сунтаардааҕы коррекционнай интэринээт-оскуолаттан, П.Х. Староватов аатынан Элгээйи орто, М.И. Герасимов аатынан санаторнай-лесной уонна В.Г. Павлов аатынан алын сүһүөх оскуолалар учууталлара, иитээччилэрэ, анал үөрэхтээх испэсэлиистэр, сэминээр-практикум сүрүн тиэмэтинэн үлэлэрин уопутун атастастылар, төрөппүттэргэ сүбэ-ама биэрдилэр. Доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолор төрөппүттэрэ туһалаах сүбэлэри, мунаарар боппуруостарыгар сөптөөх хоруйдары ыланнар, астыннылар уонна махталларын биллэрдилэр.
Доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорун, төрөппүт үксэ, оскуолаҕа аҕалан кылааска оҕолордуун бииргэ үөрэттэрэрин ордорор. Биллэн турар, доруобуйатыгар кэһиллиилээх оҕо биир саастыылаахтарын кытта алтыһара, бииргэ үөрэнэрэ кини сайдарыгар, олоххо бэлэмнээх буоларыгар улахан көмөлөөх буолара саарбахтаммат. Ол гынан баран, маннык оҕону үөрэтии, иитии учууталтан эбии билиини, ураты сыһыаны эрэйэрэ биллэр. Доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолору кытта уруок бириэмэтигэр үлэ уратыларын, оҕолор майгыларын учуоттааһын, кэлэктиип иһигэр үөскүүр сыһыаннаһыылары сүрүннээһин курдук уустук боппуруостарга Сунтаардааҕы коррекционнай интэринээт-оскуола үлэһиттэрэ О.Н. Черепанова, О.М. Назарова, М.П. Федорова олус туһалаах иһиттиннэриилэри оҥордулар.
Доруобай уонна доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолору биир кылааска холбоон үөрэтиигэ бырагырмаама араас барыйаанын туттууга, оҕолор өйдүүр, толкуйдуур дьоҕурдарын сайыннарыыга, саҥаларыгар кэһиллиилэрин көннөрүүгэ араас ньыманы туһаныы боппуруостарыгар, тьютордар үлэлэрин тэрийиигэ В.Г. Павлов аатынан Сунтаар алын сүһүөх оскуолатын эдэр үлэһиттэрэ психолог К.В. Прокопьева, логопедтар С.В. Аммосова, Дь.Н. Семенов иһитиннэриилэрин, тренинг ыыппыттарын сэминээр кыттыылаахтара олус сэргээтилэр уонна астыннылар. Эдэр үлэһиттэргэ үлэлэригэр ситиһиилэри баҕардылар.
Төрөппүттэргэ доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолоругар дьиэтээҕи усулуобуйаны тэрийиигэ, кинилэргэ ураты эйэҕэс сыһыаны олохтуурга сүбэлэри, дьиэтээҕи үлэҕэ сыһыаран кыратыттан бэйэтин көрүнэ үөрэнэригэр бэлэмнииргэ, өйүн-санаатын, этин-сиинин сайыннарыыга болҕомтолорун ууралларыгар, оҕо улаатан туспа олоруохтааҕын эрдэттэн учуоттаан, олоххо бэлэмнээх киһини иитэн таһаарыы дьиэ кэргэн сүрүн соруга буоларын, өр сылларга учууталлаабыт, билигин Сунтаардааҕы алын сүһүөх оскуолаҕа социальнай педагогунан үлэлиир Тамара Герасимова бэйэтин этиитигэр сүрүн болҕомтотун туһаайда.
Сэминээри Сунтаар улууһун үөрэҕин салалтатын үлэһитэ Маргарита Попова уонна В.Г. Павлов аатынан Сунтаардааҕы алын сүһүөх оскуола дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччы Мария Аргунова иилээн-саҕалаан тэрийэн ыыттылар.
Тамара ГЕРАСИМОВА,
Сунтаардааҕы алын сүһүөх оскуола социальнай педагога.