Саха сирин уйан туруктаах ийэ айылҕатын харыстыыр сыаллаах, АЛРОСА экология бырайыактарын олоххо киллэрэн, дьоҥҥо-сэргэҕэ сырдатыы үлэтин күүскэ ыытар.
Бүгүн, балаҕан ыйын 18 күнүгэр Сунтаар улууһугар «оБЕРЕГай природу» АЛРОСА тэрийэн ыытар экологическай аахсыйата тэрилиннэ. Манна АЛРОСА үлэһиттэрэ кэлэн икки этаабтаах үлэ ыыттылар. Ол курдук Сунтаардааҕы гимназия оскуолатын үөрэнээччилэрэ, үлэһиттэрэ кыттыылаах, Бүлүү эбэ кытылын ыраастааһынтан саҕалаатылар. Салҕыы оскуола иһигэр үөрэнээччилэргэ экологическай бэсиэдэни, айылҕа харыстабылыгар сыһыаннаах билиини тургутар викторинаны оонньоттулар.
Инна Костерева, АЛРОСА уу ресурсаларын харыстааһын уонна сир баайын туһаныы экологическай киин бөлөҕүн салайааччыта:
«Мы ежегодно проводим акцию «оБЕРЕГай природу», в целях привлечения подрастающего поколения к бережному отношению к водным ресурсам, окружающей среде, природе, в которой они живут. Непосредственно выбираем школы, которые находятся на берегах водоемов или реки Вилюй или озер. В этом году мы запланировали 8 школ. У нас одна группа уехала в Верхневилюйский, Нюрбинский районы. И одна группа находится в Сунтарском улусе. Уже посетили Крестяхскую, Шеинскую и Кюндяинскую школы. Сегодня посетили Сунтарскую гимназию. «
Нелли Лукина, гимназия 9″а» кылааһын үөрэнээччитэ:
«Маннык хабааннаах аахсыйаҕа бастакытын сылдьабыт. «оБЕРЕГай природу» аахсыйа үөрэнээччилэргэ олус туһалааҕын бэлиэтии көрдүбүт. Сунтаарбыт ыраас буоларын туһугар айылҕаны харыстыаххайыҥ диэн ыҥырабын.»
Түмүккэ АЛРОСА аатыттан хас биирдии үөрэнээччигэ анал дьарылыктаах суумкалары уонна оскуола кэллэктиибигэр чинчийэр-үөрэтэр «Пчелка-У-био» диэн дьоҕус лаборатория тэриллээх дьааһыгы бэлэх ууннулар.
Елизавета ТИТОВА