Сунтаар улууһун бэлиэ күннэрин кэрдиис кэмэ : 2025 сыл / Л. А. Попов аатынан оройуон киин бибилэтиэкэтэ; Библиография уонна кыраайы үөрэтэр салаа.
Бэс ыйа
2 – Николай Иванович Харитонов-Чуор 90 сыла (Ньурба улууһун Куочай нэһилиэгэ, 1935-2010), СӨ Суруйааччыларын сойууһун уонна Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, бэйиэт, литературнай кириитик, публицист, Сунтаар уонна Ньурба улуустарын бочуоттаах олохтооҕо.
// Писатели Земли Олонхо : биобиблиогр. справ. – Якутск, 2000. – С. 409-410;
5 – Василий Степанович Спиридонов 55 сааһа (Абый оройуона, Кэбэргэнэ нэһилиэгэ, 1970), СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Бордоҥ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.
// Кыайыыны, олоҕу уһансыбыттара: Сунтаар улууһун бочуоттаах уонна үтүөлээх үлэһит дьоно. – Дьокуускай, 2020. – С. 412-413.
8– Валентина Ионовна Сидорова 80 сааһа (Бордоҥ нэһилиэгэ, 1945), Саха АССР үтүөлээх учуутала, «СӨ учууталлар учууталлара» бэлиэ кавалера.
// Педагогическая энциклопедия. – Якутск, 2005. – Т. 3. – С. 355.
11 – Сунтаарга нефтебаза тэриллибитэ 65 сыла (1960).
// Из истории Сунтарской нефтебазы (рукопись).
18 – Айаал Александрович Аммосов 50 сааһа (Сунтаар нэһилиэгэ, 1975), СӨ үтүөлээх артыыһа, П. А. Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата.
// Энциклопедия культуры и искусства Якутии.– Якутск, 2011. –Кн. 1. – С. 21.
22 – Сергей Станиславович Потапов 50 сааһа (Сунтаар нэһилиэгэ, 1975), режиссер, СӨ култууратын үтүөлээх диэйэтэлэ.
// Энциклопедия культуры и искусства Якутии. – Якутск, 2011. – Кн. 1. – С. 402-403.
23 – Мария Спиридоновна Егорова 85 сааһа (Бүлүү оройуона, Халбаакы нэһилиэгэ, 1940), Сунтаар улууһун бочуоттаах олохтооҕо.
// Кыайыыны, олоҕу уһансыбыттара: Сунтаар улууһун бочуоттаах уонна үтүөлээх үлэһит дьоно. – Дьокуускай, 2020. – С. 183.
25 – Петр Иванович Филиппов 110 сыла (Сунтаар нэһилиэгэ, (1915 – 1985), ССРС Суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ.
// Писатели Якутии : биобиблиогр. справ. – Якутск, 2019. – С. 652.
29 – Сергей Вячеславович Попов 65 сааһа (Элгээйи нэһилиэгэ, 1960), бэрэпиэссэр, физика-математика наукаларын хандьыдаата, СӨ наукатын үтүөлээх диэйэтэлэ.
// Профессора Якутского государственного университета имени М. К. Аммосова : биогр. словарь-справ. : 1956-2006 гг. – Якутск, 2007. – С. 213-214.


