Сиэйэ нэһилиэгин М.Ю.Гурьев аатынан култуурунай-сынньанар киин дириэктэрэ Мария Ефимова биһиги хаһыаппыт ыытар “БЭТЭРЭЭҤҤЭ СУРУТТАР” аахсыйабытыгар кыттыста.
Ол курдук, Мария Тихоновна Учуутал күнүгэр сөп түбэһиннэрэн ийэтэ, саха тылын уонна литературатын учуутала Павлова Зинаида Ивановна бииргэ үлэлээбит кэллиэгэлэригэр — бэтэрээн педагогтарга Александра Серафимовна Поповаҕа, Акулина Петровна Ивановаҕа, Трофим Акимович Егоровка, Марина Никитична Даниловаҕа уонна уһуйааҥҥа ииппит-үөрэппит иитээччитигэр Ксенья Николаевна Максимоваҕа “СУНТААР СОНУННАРЫН” кэлэр сыл бастакы аҥаарыгар суруттаран, бүгүн нэһилиэккэ буолбут Учуутал күнүн үөрүүлээх тэрээһинигэр үрдүк сценаттан бэлэх уунна. “Хаһыакка суруттарбыт квитанцияҕытын эрэдээксийэттэн ыламмын тиксэртиэм” диэн туран, кырдьаҕас дьон илиилэригэр туттахтарына астыныахтара диэн санааттан бэйэтэ сүрдээх үчүгэйдик толкуйдаан оҥорбут сэртипикээтин дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуолатан бырааһынньыкка кэлбит бэтэрээн учууталларга туттартаата.
Үгүс ыччаты билиигэ сирдээбит кырдьаҕас учууталлар соһуччу бэлэхтэн олус долгуйдулар, бииргэ үлэлээбит биир идэлээхтэрин төрөппүт кыыһыгар уйадыйа махтаннылар.
“Сунтаар сонуннара” хаһыат