С.А.Зверев-Кыыл Уолун УНАК ийэ ыйын чэрчитинэн ийэлэргэ аналлаах араас тэрээһини ыытар. Ол курдук, алтынньы 23 күнүгэр быыстапкалыыр саалаҕа“Күн кэрэтэ ийэҕэ ананар” диэн уран уус ийэлэр үлэлэрин көрдөрөр быыстапка аһыллыыта буолла. Манна Кириэстээхтэн, Бордоҥтон, Тэҥкэттэн, Сунтаартан 19 ийэ үлэтэ турда. Кыбытык тигии, оҕуруонан киэргэллэр, бэйэ оҥоһуга хааппардар, сымнаҕас оонньуурдар, туой оҥоһуктар, фанеранан дьиэ киэргэллэрэ уо.д.а. оҥоһуктар көрдөрүүгэ турдулар. Быыстапкаҕа кыттыбыт ийэлэри кырачаан оҕолор хоһоон ааҕан эҕэрдэлээтилэр, ийэ туһунан истиҥ ырыаны ыллаан үөртүлэр. Быыстапка алтынньы 27 күнүгэр диэри туруоҕа.
Бу күн эмиэ ийэлэргэ уонна кыыс оҕоҕо аналлаах “Матери России” уопсастыбаннай хамсааһын Сунтаардааҕы салаата өйөбүлүнэн “Киноквиз” диэн сонун оонньуу тэрилиннэ. Оонньууга 5 хамаанда киинэ эйгэтигэр билиилэрин тургутан көрдүлэр. Кыттааччылар дьиэ кэргэнинэн уонна хомуур хамаанда тэринэн күрэхтэстилэр. Күрэс “Тургутук”, “Киинэ хартыынатынан киинэни таай”, “Киинэ ырыалара”, “Киинэни кэпсэтиитинэн таай”, “Киинэни тылбаастаммыт бэргэн этиитинэн таай ” диэн түһүмэхтэринэн ыытылынна.
“Киноквизка” бары да олус билиилээх киинэ сүгүрүйээччилэрэ мустубут буоланнар, оонньуу бэрт тыҥааһыннаахтык, эрийсиилээхтик ааста. Түмүккэ 1-кы үрдэлгэ 25 баалы ылан, 5000 солк. уу харчынан “4 поколения” хос эбэ, эбэ, кыыстара уонна сиэн кыыс киирбит хамаандалара таҕыста. 2-с үрдэлгэ “Red flowers “ Сунтаардааҕы алын сүһүөх оскуолатын 4-с кылааһын төрөппүттэрин кыттыгас хамаандата 16 бааллаах тахсан, 3000 солк. харчынан, 3-с үрдэлгэ “Звездочки” хамаанда 15 бааллаах тахсан, 2000 солк. наҕараадаланнылар.
Вера Зоммер “Red flowers “ хамаанда кыттыылааҕа: “Маннык ис хоһоонноох ийэ кыыһынаан оонньуур күрэһигэр кыттыбыппытынан кыыспынаан олус астынныбыт. Бу курдук ис хоһоонноох оонньууну уруккуттан сэргиибит. Биһиги, ийэлэр, оҕолорбутун кытта биир санаанан сүбэлэһэн, кэпсэтэн хамаанда буоларбытын көрдөрдүбүт. II-с миэстэ буолары ситистибит. Маннык дьиэ кэргэни ситимниир тэрээһиннэр өссө да ыытылларыгар баҕарабыт”.
Алтынньы 28 күнүгэр 5 оҕолоох күн күбэй ийэҕэ, Тэҥкэ нэһилиэгин баһылыгынан үлэлиир Светлана Игнатьеваҕа билигин ыарахан ыарыыттан Соҕуруу Кэриэйэҕэ эмтэнэ сылдьар биир дойдулаахпытыгар анаммыт аһымал кэнсиэр ыытыллыаҕа. Ийэ барахсан оҕолоругар, дьиэ кэргэнигэр чэгиэн туруктанан кэлэригэр баҕарыаҕыҥ.
Мира АФАНАСЬЕВА.