Бу остуолбут оонньуулара ааттара дьиктитэ, муодунайа да кыайда. Мин маннык дьикти, киһи кулгааҕын манньыта киирэр мааны ааттары саҥа иһиттим. Эһиги эмиэ истэ сэргээҥ эрэ — Кульбутто, Джаколло, Крокинол, Шаффлборд. Ааттарын истэн бүтэйдии куттаммыппыт олорон, туран эрэ оонньуурга доруобуйаларынан хааччахтаах буолан ойо-ойо ыстаммат, сүүрбэт дьоҥҥо аһара үчүгэй эбит.
«Бу оонньуур тэриллэри Ил Дархан граныгар кыайан ылбыппыт. Бүлүү бөлөх улуустарыгар биһиэхэ эрэ баар», — диэн уопсастыба бэрэссэдээтэлэ Наталья Максимова киэн тутта кэпсиир.
Түөрт көрүҥ түмүгүнэн эр дьоҥҥо I м. Владимир Яковлев, II м. Александр Пахомов, III м. Вячеслав Иванов, бары элгээйилэр, олох хаардыы хааман таҕыстылар. Дьахталларга I м. Уһун Күөлтэн Анна Григорьева, II м. Зинаида Федотова, III м. Наталия Кокорева, иккиэн сунтаардар, ылан үөрдүбүт-көттүбүт.
Тэрээһини тэрийэн ыыппыт, сыаналаах бириистэринэн хааччыйбыт Афанасий Жараевка, Наталья Максимоваҕа, Нина Красковаҕа, Светлана Гаврильеваҕа маннык үөрүүлээх күнү бэлэхтээбиттэригэр, араас дойду оонньууларын оҕолуу күллэрэн-үөрдэн оонньоппуттарыгар махталбытын этэбит.
Зинаида ФЕДОТОВА