Бүгүн, алтынньы 24 күнүгэр, Сунтаардааҕы поликлиникаҕа «Оруосабай лиэнтэ» диэн аһаҕас аан күнэ буолан ааста. Сыллата бу аахсыйа көмөтүнэн дьахталларга түөс искэнин быһаараллар. Бу күн онколог бырааска 32 дьахтар көрдөрүннэ, 27 ууһуур уорган уонна түөс араагын быһаарарга анаалыс оҥоһулунна, итини тэҥэ 15 киһи маммографияҕа түстэ. Бэрэбиэркэ кэннэ эбии кэтээн көрүүгэ ыыттылар. Балыыһа үлэһиттэрэ ыарыыны эрдэттэн булууга дьулуһаллар. Тэрээһин Аан дойдутааҕы түөс искэнин утары охсуһар аахсыйа чэрчитинэн буолла.
Ксенья ИВАНОВА, ыарыыны эрдэттэн сэрэтэр
кэбиниэт сиэстэрэтэ