Олохтоохтор үөрүүбүтүн үллэстэбит, махталбытын тириэрдэбит

Үлэ, Маай бырааһынньыга биһиги дьиэ кэргэҥҥэ уонна Киров уулуссатыгар олорор олохтоохторго бэлиэ түгэн буолла.

Саас кэлэн, сылаас күн туран, хаар эмискэ ууллан, үгүс ыал дьиэлэригэр уу киирэн, уулуссалар ууга баран мөһөл бөҕө үөскээн эрэйдэммиппит. Ону олохтоох дьаһалта баһылыгын солбуйааччы Федор Федоров, Сунтаар нэһилиэгин дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Роман Ераскумов тэрээһиннэринэн, ыччат дьон субуотунньук оҥорон икки чаас иһигэр быһаардылар.

Дьиҥнээх истиҥ доҕор сылаас кыһамньытын, үтүө сыһыанын бу түгэҥҥэ эмиэ ахтан ааһар тоҕоостоох. Саха суруйааччыларын союһун чилиэнэ Зинаида Федотова-Дьол Кыыма биһиги кыһалҕабытын көрө сылдьан, түгэнигэр түбэһиннэрэн тустаах дьоҥҥо этэн, туруорсан уу барар ханаабата ыраастанан, онно эбии Горькай переулогар баар ханаабаҕа муоста тутуллан, уу харгыһа суох барар усулуобуйатын оҥордулар. Олохтоохтор ааттарыттан үлэҕэ кыттыбыт ыччаттарбытыгар истиҥ махталбытын тириэрдэбит.

Эһиги саастаах дьоҥҥо үтүөнү оҥорон сааскы үлэ бырааһынньыгар туйгун бэлэх оҥордугут. Үтүө санааҕыт үксүү, кэскиллээх үлэҕит кэҥии турдун! Эһиэхэ тус олоххутугар, дьиэ кэргэҥҥитигэр или-эйэни, чэгиэн туругу, дьоллоох олоҕу баҕарабыт.

Галина, Анатолий НОВИКОВТАР, Сунтаар нэһилиэгин Бочуоттаах олохтоохторо.

Читайте дальше