Кириһиэнньэ күн сибэтиэй ууну ылааччыгын дуо?

Тохсунньу – Таҥха ыйа.  Былыр-былыргыттан тохсунньуга биһиги өбүгэлэрбит таҥха иһиллииллэрэ. Таҥха Хаан киһи дьылҕатын туһунан тугу этэрин айылҕа бу дьикти кэмигэр билгэлэнэн,  туох күүтэрин, сылыктаан көрөллөрө.

Тохсунньу 7 күнүттэн 19 күнүгэр диэри орто дойдуга ойбонтон сүллүүкэттэр тахсаннар, иччитэх турар дьиэлэргэ мустан мунньахтыыллар, хаартылыыллар диэн биһиги эбэлэрбит, эһэлэрбит оҕо сырыттахпытына кэпсиир буолаллара. Бу күннэргэ мээнэ айдаардыбат этилэр. Иччитэх балаҕаннарга мустан сүллүүкүттэр дьон инники дьылҕатын кэпсэтэллэр, ону баран уоран туран истиэххэ сөп диэн дьоммут кэпсииллэрин олус интэриэһиргиир буоларбыт. Өссө маннык мустан хаартылыыллар эбит. Ол кэмҥэ үөмэн тиийэн соһуттахха, хаартыһыт сүллүүкүттэр соһуйан харчыларын быраҕан туран куотан хаалаллар. Дьэ, ол хаалларбыт харчыларын ылан туһанан байаллар эбит диэн сымыйа-кырдьык икки ардынан кэпсээтэхтэринэ, биһиги ол харчыттан тииспит киһи дии саныыр буоларбытын өйдүүбүт. Аны ол сүллүүкүн хаалларбыт харчытын үс күн иһигэр туттан бүтэриэхтээххин, бүтэрбэтэххэ, уу ньамаҕа, ото-маһа буолар диэччилэр. Дьэ, ким билиэй баарай, сүллүүкүн харчытын ылан байбыт диэни хаптаҕай кулгаахтаах истэ да илик ини.

Тохсунньу 19 күнэ – КИРИҺИЭННЬЭ. Саха саныырынан, Кириһиэнньэ сарсыарда сүллүүкүттэр төттөрү киирэллэр. Ол иһин, ыаллар эрдэ туран, сүөһү уулуур ойбонун тэһэн, сүүрдээн кэбиһэллэр. Кириһиэнньэҕэ айылҕа уута барыта ырааһырар, сибэтиэй буолар диэн өйдөбүл баар. Сибэтиэй ууну киһини эмтиир, күүһү-сэниэни киллэрэр, куһаҕан күүһү тэйитэр, аньыыттан-хараттан харыстыыр аналлааҕынан сыаналанара. Өр хараллар, сытыйбат. Сибэтиэй ууну ыалдьар дьоҥҥо уура сылдьан иһэрдэллэр эбит.

Өрүстэн, күөлтэн сибэтиэй ууну ылыы билигин да баар. Дьон тохсунньу 19 күнэ буолар түүнүгэр өрүскэ, күөлгэ киирэн уу ылаллар. Манна бары дьиэ кэргэнинэн эрдэттэн тэринэн, иһит-хомуос буолан киирэллэр, уу ылар ойбонноругар сорохтор таҥараҕа махтанан, көрдөһөн бэйэлэрэ билэллэринэн сиэр-туом оҥороллор.

Биһиги «Кириһиэнньэ күн сибэтиэй ууну ылааччыгын дуо?» диэн дьонтон ыйытыластыбыт

Варвара Афанасьева, Сунтаар нэһилиэгин олохтооҕо:

– Оҕолорбут оскуолаҕа үөрэнэр кэмнэригэр бары дьиэ кэргэнинэн өрүскэ киирэн ылар этибит. Уу ыла киирэргэ бэлэмнэнии эмиэ туспа үөрүүнү, долгутууну аҕалара, ордук оҕолорго. Ити кэми ордук кинилэр күүтэллэрэ. Чахчы да, тохсунньу тоһуттар тымныытыгар, өссө түүн таһырдьа тахсыы кинилэргэ туох эрэ дьиктини, алыптааҕы эрэннэрэрэ. Халыҥ таҥас сыымайдааһыныттан уу ылар иһиппитигэр тиийэ эрдэттэн бэлэмнэнэрбит. Аны өрүскэ ойбоҥҥо киирэн, бары испитигэр баҕа санаабытын этэрбит умнуллубат түгэн буолара. Ол курдук, тэринэн-бэринэн киирэн уубутун ылан тахсарбыт. Оттон бу уунан биһиги дьиэҕэ ким да эмтэммитин өйдөөбөппүн. Ол эрээри, син биир сибэтиэй уу диэммит, уура сылдьан кыра-кыралаан иһэр буоларбыт. Билигин өрүскэ киирбэппит.

Софья Иванова, үлэ бэтэрээнэ, Сунтаар:

– Сибэтиэй ууну хаһан даҕаны ыла, туһана иликпин. Соччо сэргээбэт буолан дуу, үөрүйэҕэ суох буолан дуу, интэриэһиргээччим суох. Ол эрээри үгүс дьон ыларын, хаһаанарын билэбин, ону туох да диэн омнуолаабаппын. Ким тугу сэргииринэн, итэҕэйэринэн буоллаҕа.

Дмитрий Николаев, үлэһит:

– Мин итиннигинэн үлүһүйбэппин. Ол эрээри, оҕо сылдьан доҕотторбун кытары дьону үтүктэн ойбоҥҥо киирээччибит. Онно сылдьан ойбонтон хомуоска уу баһан испиппит олус тымныы буолбатах курдугун өйдүүбүн. Оттон дьиэҕэ буочукаттан муустаах ууну ылан истэххэ киһи тииһэ кытары тоҥооччу дии. Ол иһин,  арааһа, дьон билэн, чахчыны этэллэр дуу диэн испэр саныыбын.

Иван Алексеев:

– Урут ылар этибит, оҕолорбутун кытары. Быйыл дьэ, сиэннэрбин кытары ыла киирэ сыл­дьыахпыт диэн былааннаахпыт. Тохсунньу 19 күнүгэр күнүс да ылыахха сөп диэн этэллэр дии.

Наталья  Егоровна, православнай итэҕэллээх:

– Сибэтиэй ууну ылааччыбын. Хас да сылга туох да буолбакка турар. Кыра хааллаҕына уунан толорон биэрдэххэ, ол ууҥ эмиэ сибэтиэй буолар. Дьоҕус иһиккэ ылыллар. Туохха баҕарар туттуохха сөп. Дьиэни сууйан баран, ол кэннэ ол уунан ибиирдэн биэрэҕин. Эмтэниэххин баҕарар буоллаххына, онно аналлаах мэлииппэлэри ааҕан баран сибэтиэй ууну иһиэххэ сөп.

Маргарита Максимова, Дьаархан:

– Сибэтиэй ууну күөлгэ ыла киирбэппин, ол оннугар уу ылар түүн сэрээттииргэ таһырдьа биэдэрэҕэ уу кутан бэлэмниибин. Сыл аайы бу маннык гынан туттабыт, иһэбит, сэниэ, күүс биэрэр.

Нюргуяна Данилова, култуура исписэлииһэ:

– Мин сибэтиэй ууну ылбаппын. Ол эрэн, тохсунньу ыйга бу күн сирбит биополета уларыйар, киэҥ куйаартан эмтээх энергия түһэр диэн итэҕэйэбин. Ол иһин,  айылҕа уута (күөл,  өрүс) бэйэтэ ырааһырар, бу көстүү биир күнүнэн сүппэт. Онтон дьиэ иһигэр баар уу дьиэ кэргэн энергиятын ылар, ону бэйэҥ тылгынан ыраастыахха сөп.

Дьэ, бу түүн ким өрүскэ, күөлгэ киирэр?

«Сунтаар сонуннара» хаһыат