Кэлиҥҥи кэмҥэ кэрэ аҥаардар тимир көлө ыыта сылдьалларын түбэһэ көрөрбүт сонун буолбатах. Онтон дьоһун саастаах далбар хотуттар, ыал эбэлэрэ массыына ыыталларын көрөн сөхпүт дьон үгүс буолуохтааххыт. Биир бэйэм маннык далбар хотуттары көрөн астынабын, үөрэбин… Сааһыран баран хорсун санааны ылынан тимир көлө уруулугар олорбут хоһуун хотуттары кытта кэпсэтиибитин ааҕыҥ, сэргээҥ.
Альбина Афанасьевна Прокопьева – 62 саастаах:
Кимтэн да тутулуга суох элбэҕи ситиһэҕин
– Мин бэйэм эдэр сааспыттан тиэхиньикэҕэ сыстаҕаспын. Урут матаһыыкылы сөбүлээн ыытар этим. Тимир көлөнү ыытарга көҥүл ыларга 2008 с. үөрэммитим. Ол эрэн, үлэ үгэнигэр сылдьар буоламмын быыс булбаккабын өр кэмҥэ права ыларга эксээмэннэрбин туттарбакка сылдьыбытым. Тэрилтэбитигэр массыыналаах буоламмыт үлэ бириэмэтигэр тиэхиньикэҕэ улаханнык наадыйбат этим, кэргэним массыынатынан бэйэбит наадаларбытыгар сылдьарбыт. Ону тэҥэ, доруобуйаны бөҕөргөтө таарыйа бэйэм сатыы сылдьарбын, хаамарбын ордорор этим. Сайын бэлисипиэккэ көһөрүм. Аныгы кэм тэтимирэн, бэйэм да сырыым киэҥ буолан тимир көлө өҥөтүнэн элбэхтик туһанар буолбутум. Тус бэйэбэр хас сырыы ахсын дьону көрдөһөрүм ыарахан этэ. Бэйэҥ бас билэр тиэхиньикэлэннэххинэ кими да көрдөспөккө, ааттаспакка элбэх үлэни үмүрүтэ тутуохха сөбүн өйдөөбүтүм. Онтон биир үтүө күн хайаан да мин «массыына ыытарга правабын ылыахтаахпын» диэн хорсун санааны ылынаммын эксээмэннэрбин туттаран саҕалаабытым. Ол эрэн, үөрэммитим ырааппыт буолан хаттаан эбии массыына ыытарга төлөбүрдээх уруоктары ылбытым. Саҥаттан барытын санаабытым, үөрэппитим. Ылсыбыт санаабын тиһэҕэр тиэрдэр майгым баһыйан 55 сааспар правабын дьаныһан туран туттарбытым. Бу кэннэ дьахтар киһи кимтэн да тутулуга суох элбэҕи ситиһиэн сөптөөҕүн өйдөөбүтүм . Саамай кэмсинэрим тоҕо эдэр сааспар массыына ыыппатахпыный диэн… Бу сааспар диэри элбэх массыына арааһын ыытан боруобалаабыт буолуом этэ… Урут маҕаһыыҥҥа тиэхиньикэлээх дьону кытта сылдьар буоламмын түргэн үлүгэрдик сыананы көрбөккө, үөрэппэккэ наадабын атыылаһан тахсарым. Билигин ханна да ыксаабакка, кими да көрдөспөккө, кимтэн да тутулуга суох бэйэм наадаларбынан баҕам хоту сылдьарбыттан олуһун астынабын. Күннэтэ бу иэйиибиттэн олуһун үөрэбин. Билигин бэйэм бас билэр чөкө тимир көлөбүнэн араас наадаларбын түргэн үлүгэрдик үмүрүтэбин. Сылдьар ыырым өссө кэҥээбит курдук буолла. Биир дьикти майгылаахпын. Урут сатыы хааман иһэн мэлдьи кэннибин хайыһан көрөрүм. Баҕар билэр суоппарым көрөн тохтоон аараҥҥы диэри илдьиээрэй дии саныырым. Ол иһин, сатыы хааман иһэр киһи сылайбытын көрдөхпүнэ, тохтоон, аара суолга диэри илдьэр идэлээхпин. Ардыгар ол дьонум олуһун соһуйаллар, махтанааччылар да бааллар. Дьахтар киһи сааһыран баран тимир көлөнү ыытара туох да кыбыстыыта суох. Төттөрүтүн кимтэн да тутулуга суох көҥүл сырыыны биэрэр, саҥа саҕахтары арыйар. Онон сааһырдыбыт диэн куттаммакка ыра санаа оҥостубут баҕа санааҕытын олоххо киллэриҥ, чугас дьоҥҥут эһигини өйдүөхтэрэ уонна өйүөхтэрэ.
Виктория Прокопьевна Иванова – 65 саастаах
Чугас дьонум өйөөбүттэрэ…
– Мин массыына ыытарга көҥүлбүн 63 сааспар ылбытым диэн киэн тутта кэпсиибин. Урут тимир көлө ыытарга улаханнык наадыйбат этим. Кэргэним суоппар, оҕолорум эмиэ массыына ыыталлар. Дьахтар киһи, эбэ массыынаҕа олорсо эрэ сылдьыахтааҕын курдук ылынар этим. Онтон кэлин далбар хотуттар массыына ыыталларын көрөн «киһи сатыырын тоҕо мин сатыа суохтаахпыный?» диэн тимир көлө ыытарга үөрэнэ киирдим. Массыына ыытар санаабын чугас дьонум олуһун өйөөбүттэрэ. Сунтаардааҕы технологическай колледжка массыына ыытарга олус үчүгэйдик үөрэтэллэр. Александр Васильевич диэн идэтин толору баһылаабыт, таһымнаах преподователь теорияны үөрэппит буолан суол быраабылатын дөбөҥнүк өйдөөбүтүм. Колледжка үөрэнэн бүтээт, праваҕа эксээмэннэрбин туттаран саҕалаабытым. Кэргэним, уолум эксээмэннэрбин туттарарбар олуһун көмөлөспүттэрэ, сүбэ-ама буолбуттара. Дьахтар киһи киэһэтин эрэ бириэмэлэнэр. Киэһэ буолла да мин ПДД үөрэтэн саҕалыырым. Ол иһин, үчүгэй бэлэмнээх эксээмэннэрбин тутатына, ыарырҕаппакка туттарбытым. Уолум сүбэтинэн теориям эксээмэнигэр бастаан билэр боппуруостарбар эппиэттээбитим, онтон ыарырҕатар ыйытыктарбар хоруйдаан саҕалаабытым. Ол иһин, ыйыллыбыт бириэмэм туола илигинэ барытын сөпкө эппиэттээбитим. Тимир көлөнү ыытар эксээмэммэр эмиэ дьиэ кэргэнинэн долгуйбуттара. Ийэлэрэ, хата, эмиэ чэпчэкитик туттарбытым. Чугас дьонум олохпор саҥа үөрүйэҕи баһылыырбар көмөлөспүттэригэр, өйөөбүттэригэр махталым улахан. Бастаан кэргэним массыынатын ыыппытым, онтон кыыһым бэйэтин урукку массыынатын бэлэх ууммута. Онон бэйэм бас билэр тиэхиньикэлэнним. Билигин массыына ыытарбыттан күннэтэ астынабын. Саамай массыына ыытарга сөбүлүүрүм сиэннэрбин кытта, кими да көрдөспөккө, күүппэккэ сөтүөлүү, сир астыы баран хаалабыт, наадаларбынан ыксаабакка, наҕыллык сылдьабын. Сиэннирим «биһиги эбэбит крутой» диэн киэн тутта этэллэрин истэммин үөрэбин, санаам көтөҕүллэр. Онон массыына ыытарга хаһан да хойут буолбатах. Олох устан иһэр-саас ылан иһэр… Бэйэм холобурбунан дьоһун саас киһиэхэ мэһэйи үөскэппэт диэн толору этэр кыахтаахпын. Онон, далбар хотуттар саҥаны баһылыырга, үөрэнэргэ хаһан да хойут буолбатах.
Мира АФАНАСЬЕВА