Саха норуодунай суруйааччыта Наталья Владимировна Михалева-Сайа бэлиэ сааһыгар аналлаах тэрээһиннэр Сунтаарга ыытыллаллар. Суруйааччы дойдутугар ааҕааччыларын кытары көрсүһэр үгэстээх. Көрсүһүүгэ кэлбит дьон Сайа айар үлэтин эрэ туһунан буолбакка тус олоҕуттан түгэннэри эмиэ ыйыттылар.
Ордук “Уйгур” айымньытын олус сэргээбиттэрин, чугастык ылыммыттарын туһунан эттилэр. Таптыыр суруйааччыларыгар сибэкки дьөрбөтүн туттардылар, алгыс тылларын анаатылар. Онтон киэһэ Владимир Николаев аатынан норуодунай тыйаатыр саҥа театральнай сезонун Сайа хоһооннорунан «Эн арыйдыҥ хоһоон кинигэтин» диэн туруорууларынан арыйдылар. Режиссер Динислам Тууйас Сайа хоһооннорунан туруорууну өр иитиэхтии сылдьан суруйааччы бэлиэ сылыгар бэлэмнээн таһаарда. Хоһоон курдук уустук, ураты тыыннаах айымньыны биир испэктээккэ түмэн таһаарбытын көрөөччүлэр биир тыынынан иһийэн олорон көрдүлэр. Оруолларга тыйаатыр эдэр, кэскиллээх артыыстара оонньоотулар.
Наталья Михалева-Сайа туруоруу туһунан санаатын маннык эттэ: “Турорууну көрө олорон олохпун иккистээн олорбут курдук сананным. Мин хоһооннорбун элбэхтик ааҕаллар. Ол эрэн биир айымньыга хомуллан тахсыбыта бастакытын буолла. Хоһоонунан испэктээги туруоруу олус ыарахан. Кыттааччылар хас биирдии хоһоон туругар киириилэрэ сүрдээх уустук буолар. Ону артыыстар кыайа-хото туттулар. Туруорааччы режиссерга Динислам Тууйаска киэҥ аартыктар арыллан истиннэр, сырдык уоттар баар буоллуннар”.
Онтон көрөөччүлэр ураты ис хоһоонноох испэктээги сэргээбиттэрин бэлиэтинэн ытыс тыаһын доҕуһуола өр уҕараабатаҕа буолла. Митрофан кыыһа Варвара Егорова-Дыгыйа көрөөччү санаатын киллэрэбит: ““Эн арыйдыҥ хоһоон кинигэтин» диэн Наталья Михалева-Сайа олоҕун араас туругун хоһооҥҥо хоһуйа холбоон үйэтиппит айымньыларынан Сунтаардааҕы норуот тыйаатыра туруорбут испэктээккэ сылдьан сахабынан киэн туттуум өссө күүһүрдэ. Туруорааччы режиссер Динислам Тууйас үлэтин олус сэргээтим. Ураты көрүүлээх, инникилээх эдэр режиссер баар эбит диэн көрдүм. Хас биирдии саха, айар кута арааһа, уратыта киһини астыннарар сөхтөрөр. Киһи айымньытын атын ньыманан дьоҥҥо тириэрдии, эмиэ ураты талаан буолар. Испэктээкил дьон биһирэбилин ылыан ылла. Аны оруоллары толорбут норуот тыйаатырын артыыстара араас да дьоҕурдаахтара сөхтөрдө. Биир дойдулаахтарым, барыта билэр дьонум оонньууллара өссө кэрэхсэбиллээх, долгутуулаах буолла. Кинилэри атын өттүнэн көрдүм, киэн тутуннум. Мин Сунтаартан сылдьабын диэн доргуччу, киэн тутта ааттанарым күүһүрдэ”.
Режиссер Динислам Тууйас тыа сирин дьонугар ураты көрүүлээх туруорууларынан саҥа, сонун сүүрээни киллэрэр. Владимир Николаев аатынан норуот тыйаатырыттан өссө да атын туруоруулары күүтэбит.
Мира АФАНАСЬЕВА