Байыаннай дьайыы кыттыылаахтара дойдуларыгар уоппускаҕа кэлиилэрэ туохтааҕар да долгутуулаах, күүтүүлээх. Биһиги Сунтаарбытыгар байыаннай дьайыы кыттыылааҕа Владимир В. кэлэ сылдьарын көрсөн кэпсэттибит.

– Бэйэм туспунан кылгастык кэпсиир буоллахха, Ньурба улууһугар төрөөбүтүм. 2012 с. Сунтаарга көһөн кэлэн олохсуйан олоробут. Кэргэним Сардаана уонна кыыһым Самира диэн. Маҥнай суоппардаабытым, улуус баһылыгар көмөлөһөөччүнэн, оттон МУТ ПТП тэрилтэтигэр салайааччынан үлэлээбитим. Ийэ дойдуга бэриниилээх буолар санааттан, саҥа дьыл кэннэ 2023 с. бэйэм баҕабынан Ахматынан сулууспалыы барарга быһаарыммытым. Ахмат спецназ батальонугар «Запад» диэҥҥэ сылдьыбытым. Икки нэдиэлэ Гудермес куоракка Чечняҕа дьарыктанан, үөрэнэн Украинаҕа барбыппыт. Кимэн киирии ротаҕа түбэһэн Запоро­жьеҕа оборонаҕа сылдьыбыппыт. Онно дойдубутуттан улуус дьаһалтата кэлэн билсэн-көрсөн, гуманитарнай көмө аҕалан барбыттара.

Ол кэннэ дойдубар кэлэн 3 ый буолан баран бастакы хантыраакка сылдьыбыт уолаттарбын кытта оборуона министиэристибэтинэн хос барбытым. Бииргэ барбыт уолаттарбыттан тус-туспа араартаабыттара. Ол курдук, миигин кимэн киирии «Шторм» диэн этэрээтигэр, сорохторбутун артиллерияҕа ыыппыттара. Алтынньы ортото Украинаҕа тиийбиппит. Тохсунньуга снайпертан бааһыран билигин эмтэнэ сыл­дьа­бын. Ол иннинэ эмиэ кимэн киирии кэмигэр эчэйэн илиибин эмтэммитим. Уопсайынан өйдөөн-төйдөөн, барытын анаалыстаан, хас биирдии хардыыгын, хамсаныыгын сөпкө оҥорон, кэтэнэн сылдьыллыахтаах. Кимэн киирэргэ бөҕөх, күүстээх санаа көмөлөһөр дии саныыбын. Бэйэ-бэйэбитин өйөһөн санаабытын көтөҕөн, дьээбэлэһэн сылдьабыт. Саамай ханнык баҕарар саллаакка полигоҥҥа үөрэх, дьарык олус көмөлөһөр. Сүрүнэ диэн мэлдьи хамнаныы, түргэнник дьайыы оҥо­рор ирдэнэр. Ханна баҕар сылдьар кэмҥэр хайысханы сүтэ­риэ суохха наада. Хайа диэки ыталларын, бэйэҥ дьонуҥ ханан сылдьалларын түүн, күнүс болҕом­толоохтук өйдөөн көрө сылдьыл­лыахтаах. Сорох дьон хайысхаларын бутуйан куотуу, ыксаллаах кэмҥэ утарылаһаччы диэки да баран хаалбыт түгэннэрэ баар. Саҥа кэлбит уолаттарга сүбэ-ама, үчүгэй харыстыыр бронежилет, таҥас-сап булан биэрэн көмөлөсүһэбит. Сааны-саадаҕы кэмиттэн кэмигэр сүрэҕэлдьээбэккэ ыраастаан көрөн-истэн, харайан илдьэ сылдьар ордук. Сахабыт сиэринэн сылдьыбыт, тохтоон ааспыт сиргэр ас кээһэн ааһабын. Ыарахан түгэҥҥэ көрдөһө, махтана сылдьаҕын. Хайа да түгэҥҥэ, дьоҥҥо-сэргэҕэ, утарылаһааччыгар ытыктабыллаах, сиэрдээх сыһыан баар буолуохтаах.

Араас ыксаллаах түгэннэр буолаллар. Биирдэ блиндажка томтор курдукка олордохпутуна, бары өттүттэн ытыалыыллар, дроннара элбэҕэ, снаряд ардах курдук түһэрэ. Онно 15-30 сөк. тохтуур кэмнэрин ааҕан, учуоттаан куотан быыһаммыппыт, сорохторбут бааһырбыттара. Биһиэхэ тус-туспа этэрээттэринэн сэбилэнии толору баар. Ас-үөл, туох наадатынан бары өттүнэн аан бастаан кимэн киирии этэрээти, биһигини хааччыйаллар. Нуучча, омук бары бииргэ өйөһөн-өйдөһөн сылдьабыт. Түүн эмискэ эмиэ атаака буолбутугар барыбытын туруордулар, мин ол кэмҥэ илиибин эчэтэн гиипсэлээх сылдьар кэмим этэ. Онно хамандыырым өйдөөн маннык илиилээх киһини илдьэ барбаппыт диэн хаалларбыта… бары эргиллибэтэхтэрэ.

Уоппускаҕа кэллэххэ дьон сыһыана үчүгэй. Ордук алдьархай таарыйбыт сирдэрэ күүскэ өйдүүллэр. Холобура, Чечняҕа кафеҕа СВО-тан кэлэн иһэбит диэтэххинэ тэрилтэ суотугар босхо аһатабыт дииллэр.

Сотору эмтэнэн баран төттөрү барабын. Бииргэ сылдьыбыт уолаттарым госпитальга эмтэнэ сыталлар, икки уолбут байыаннай чааска бараары тиийдилэр. Байыаннай дьайыыга сылдьар киһи олоххо көрүүтэ уларыйан, олоххо тардыһыыта күүһүрэр, кэлбит уолаттарбыт ыал буоллулар. Олохторун оҥостон, кэннилэриттэн ыччат хаалларар баҕа санаа билигин кинилэргэ туохтааҕар да сүрүн суолталаах.

Хаһыат ааҕааччыларыгар баҕарыам этэ эйэлээх олох баар буоллун, бэйэ-бэйэни харыстааҥ, сыаналааҥ. Мин сулууспалыыр кэммэр дьиэ кэргэммэр өрөспүүбүлүкэбит, улууһум уонна үлэлээбит тэрилтэм күүс-көмө буолаллар. Онон, түгэнинэн туһанан махталбын тириэрдэбин.

– Кэпсээниҥ иһин махтанабын, этэҥҥэ буолууну баҕарабын.

Алена ИВАНОВА

 

Читайте дальше