Бүгүн, муус устар 23 күнүгэр, Сунтаардааҕы IT-киинигэр, 5-7 кылаас үөрэнээччилэрин ыккардыларыгар «Юные мастера» нэһилиэктээҕи оҕо чөмпүйэнээтэ буолан ааста.
Бу чөмпүйэнээт иккис төгүлүн ыытыллар уонна бүгүн «Мультимедийная журналистика» диэн бастакы компетенцията буолла. Күрэхтэһиигэ уопсайынана 6 хамаанда кытынна, Сунтаардааҕы лиссиэй уонна 1-кы нүөмэрдээх оскуола 12 5-7 кылаас үөрэнээччилэрэ.
Кыттааччылар «Аҕам саастаахтарга ытытктабыл» тиэмэҕэ сорудахтары толордулар. Күрэскэ уопсайа 4 түһүмэх баар этэ, ол курдук бастакы түһүмэххэ кыттаччылар бэриллибит тиэмэҕэ 100-150 тыллаах ыстатыйа суруйдулар, 2-с түһүмэххэ таһырдьа тахсан хаартысканан, видеонан репортаж оҥордулар, онтон 3-с түһүмэххэ устубут видеоларын монтажтаатылар уонна 4-с түһүмэххэ ыстатыйаларын, хаартыскаларын уонна видеоларын холбоон Яндекс.дзен платформаҕа публикация таһаардылар.
Күрэс бары түһүмэҕэр уопсайынан 3 чаас бэрилиннэ.
Кыттааччы оҕолор сорудахтарын толороору сүүрэн-көтөн байдылар, күрэс сэргэхтик барда.
Күрэс түмүгэ муус устар 26 күнүгэр, Сунтаардааҕы оҕо дьоҕурун сайыннарар киинигэр буолуоҕа, кыайыылаахтар онно наҕараадаларын тутуохтара.
Дмитрий ЫМЫЧАНОВ