Элгээйи нэһилиэгэр 701 кв. м иэннээх врачебнай амбулатория тутулла турар.
Нэһилиэк эргэ балыыһата хаарбах туруктаах дьиэ диэн бигэргэтиллибитэ ыраатта. Хата, «Доруобуйа харыстабыла» диэн национальнай барыл көмөтүнэн былырыын саҥа таас балыыһа сыбаайата түһэн, тутуу үлэтэ күргүөмнээхтик барар. Балыыһа тутуутугар уопсайа 243 мөл. үп көрүлүннэ.
Бу күннэргэ тутуу холлоҕоһо бүтэн, сарайын үлэтэ саҕаланыаҕа. Билигин тутууга 25 киһи үлэлии сылдьар. матырыйааллара кэмигэр кэлэ тураллар, арай төлөбүргэ кыра бытаарыылар тахсаллара күчүмэҕэйдиир.
Балыыһа алта ыарыһах сытар куойкалаах буолуоҕа, анаалыс арааһын тутар кыахтаныаҕа, аҥаардас оборудованияҕа 40 мөл.солк көрүллүбүтэ бэлиэтэнэр. Өссө биир уратыта — балыыһа бары хоһо сылаас муосталаныаҕа, оҕо, ыарыһах дьон тоҥмотторугар болҕомто ууруллуоҕа.
Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА