Биир дойдуулах эр дьоммутун Аҕа дойду көмүскээччилэрин күнүнэн эҕэрдэлээн  туран, бүгүн интэриэһинэй күрэхтэһиини ыыттыбыт. Ол курдук, нэһилиэк эр дьоно 18 саастарыттан 54 саастарыгар диэри уонна 55-тэриттэн үөһэ дартска, сыал ытыытыгар, ох саанан ытыыга күрэхтэстилэр.

Түмүк маннык буолла: 55-н үөһэ саастаахтарга: Александр Гуляев — 1м. ,  Юрий Григорьев — II м. уонна Вадим Тимофеев -III м. 18-54 саастаахтарга: Николай Глухарев — 1м. , Василий Степанов — II м. , Лазарь Харитонов Лазарь —  III м.

Бу тэрээһиммитин тустууга Арассыыйа успуордун маастарын нуорматын толорбут Кэскил Семёновка уонна биллэн турар, нэһилиэкпит эр хоһууннарыгар анаатыбыт.

3 көрүҥ түмүгүнэн муҥутуур кыайыылаах быһаарылынна.

Айталина МИХАЙЛОВА

Читайте дальше