Бэҕэһээ, кулун тутар 2 күнүгэр, Күндэйэҕэ биир дойдулаахпыт, Арассыыйа Дьоруойа Филипп Евсеев бирииһигэр уолаттарга уонна эр дьоҥҥо «Кыай. Хот. Ситис!» диэн ыҥырыылаах тардыныыга улуус күрэхтэһиитэ буолан ааста. Бу күрэхтэһии уолаттары байыаннай-патриотическай иитиигэ көҕүлүүр сыаллаах тэрилиннэ.
Күрэхтэһиигэ кыра кылаас уолаттарыттан саҕалаан, 60-70 саастаах бэтэрээн спортсменнар бэйэлэрин күүстэрин, кыахтарын холонон көрдүлэр. 6 нэһилиэктэн кэлэн көхтөөхтүк кыттан, күрэхтэһэн, миэстэлэспит спортсменнар Дьоруой Филипп Евсеев мөссүөннээх мэтээллэри чиэстээхтик кэттилэр, анал бириистэри тутан өттүк харалаах, илии тутуурдаах астынан тарҕастылар. Олохтоох дьаһалта, баһылык Иван Константинов, спортинструктор Олимпий Иванов, Сунтаардааҕы технологическай колледж дириэктэрэ Гаврил Михайлов анал бириистэри туруордулар.
Күрэхтэһии түмүгүнэн кыайыылааахтарынан буоллулар. Кыра кылаас уолаттарыгар Николаев Мирослав 1 м., Иванов Артем – 2 м., Семенов Стас 3 миэстэ буоллулар, уолаттар үһүөн Күндэйэ оскуолатын үөрэнээччилэрэ. Ортолорго Күндэйэ уолаттара Ощепков Рома – 1 м., Васильев Егор – 2 м., Иванов Тимур 3 м. таҕыстылар. Улахан уолаттарга Куокунуттан сылдьар Михалев Петр бастаата. Иккискэ Күндэйэ уола Иванов Виктор таҕыста. Оттон үһүс миэстэни Сунтаар бэрэстэбиитэлэ Мохначевскай Сергей ылла.
Улахан дьоҥҥо сунтаардар күннээтилэр. Ол курдук, бастакы миэстэлээх — Игнат Федоров, иккис – Ньургун Алексеев, үһүс – Юрий Васильев. 65 киилэттэн үөһээ ыйааһыннаахтарга Хадантан Андрей Оконешников бастаата, Алексей Андреев иккис, Олимпий Иванов үһүс миэстэлэри ыллылар, иккиэн күндэйэлэр. Оттон 70 саастаах Күндэйэ олохтооҕо Алексей Максимов бэйэтин баҕа санаатын ууран, кыаҕын холонон көрбүтэ кимиэхэ баҕарар холобур буолар.
Феврония НИКОЛАЕВА
Таисия АНДРЕЕВА видеосюжета