РФ Үөрэҕириигэ министиэристибэтин бу сыл от ыйын 30 күнүнээҕи 514 №-дээх бирикээһинэн үөрэх тэрилтэлэрин бастыҥ учууталларыгар бириэмийэ аныырга испииһэгэ таҕыста.
Бу маннык куоҥкурус 2006 сылтан ыытыллар. Куоҥкуруска кыттааччылары хамыыһыйа араас хайысхаларынан ситиһиилэрин көрөн сыаналыыр. Ол курдук, биир сүрүн төрүөтүнэн кинилэр үөрэх методичкатын ырытан оҥорон таһаарыылара буолар. Ону таһынан учууталлары сыаналыырга үөрэнээччилэрин ситиһиилэрэ уонна бастыҥ көрдөрүүлэрэ учуоттанар. Дойду үрдүнэн сылын аайы 4 тыһыынча кэриҥэ учуутал бириэмийэни ыларга киирсэр.
Бу наҕараадаҕа Саха сириттэн 12 бастыҥ учуутал тигистэ. Кинилэр ортолоругар Сунтаар 1 №-дээх орто оскуолатын математикаҕа учуутала Анна Иванова баар.
Анна Петровна үрдүк категориялаах учуутал. Өр сылларга үгүс оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ киэҥ билиитин биэрэр улууска ытыктанар учуутал. Киниэхэ үөрэммит оҕолор точнай наукаҕа ордук ситиһиилээх буолаллар. Учууталларын идэтин баһылаан математика учууталын идэтин талбыт оҕо элбэх. Сорохтор үөрэммит оскуолаларыгар кини уһуйуутунан үлэлии сылдьаллар.
Анна Петровна улуус физикаҕа, информатикаҕа, математикаҕа учууталларын методическай холбоһугун салайааччыта.
Ытыктабыллаах Анна Петровна, педагогическай үлэҕэ ситиһиилэриҥ иһин бириэмийэҕэ тиксибиккинэн эҕэрдэлиибит.
Яина ВЛАСЬЕВА