Дьүөгэм Зоя Иванова айылҕаттан анаммыт арчыһыт

Ыһыах… урааҥхай саха барахсаҥҥа кырыа кыһынтан арахсан, ача күөх отунан ыга анньыллыбыт, ибир самыыр илдьиттээх саймарыын сайыҥҥа үктэнэр, саха саҥа дьылын көрсөр, күөххэ үктэнэр күүтүүлээх кэрэ кэм буоллаҕа. Саха киһитэ Аан Алахчын Хотунтан көрдөһөн, Үрдүк Айыыларга үҥэр-сүктэр үөттэриилээх күнүгэр, аламай маҥан халлаантан айдарыылаах Алгыс түһэрэригэр аан бастаан сирин-уотун иччилэрин, Аан чэлбэр Айылҕатын, отун-маһын Эрэкэ-Дьэрэкэ оҕолорун аймаһыйа арчылыыр.

Оттон ол үрдүк суолталаах соругу толорор, ыраастыыр-арчылыыр киһинэн бу олоҥхо дойдута Сунтаарынан ааттаммыт улуу дойдуга Зоя Михайловна Иванова буолар.

Зоя барахсан бу улахан соругу толорорго ананан кэлбит курдук уһун дьулугур уҥуохтаах, иирэ талахтыы имигэс таһаалаах, кыталык кыыллыы кынтаҕаркаан бэйэлээх, сырдык, үрүҥ субалаах, көрүөхтэн кэрэ сэбэрэлээх, кылыһахтаах кыҥкынас куоластаах, үрүҥ сөлөгөйү ыһарга эрэ анаммыттыы имигэсчэй илиилэрдээх уонна саамай сүрүнэ бар дьоҥҥо үтүөнэн эрэ илгийэр ыраас сырдык дууһалаах, сылаас уйан сүрэхтээх – айылҕаттан анаммыт арчыһыт. Кини түһүлгэни ыраастаан бэлэмнээбит дьоллоох туонатыгар сылын аайы алгысчыт итии суостуганнаах аал уоту оттон, арыылаах алаадьынан, кыынньар кытыт биэ кымыһынан айах тутан амалыйан ахсыс халлаан илин хаттыгаһыгар олорор аһыныгас Айыыларбыт суон сураҕы ыытан, араҕас арыынан алла турар Алгыһы түһэрэллэр, дьонун, норуотун быйаҥнаах ытыстарыгар, түүлээх түһэхтэригэр төкүнүтэллэр.

Хас биирдии киһи өбүгэлэрин кытта ыкса сибээстээх.

Бэс ыйыгар күн саамай уһуур, үтүө Айыыларбыт сиргэ, киһиэхэ олус чугаһаан турар кэмнэригэр алгыстаах алгыс түһэр дьоллоох туонатын ыраастыыр, бэлэмниир, арчылыыр олоҥхо дойдутун айдарыылаах арчыһытыгар үгүрү-сүгүрү буолуохтун.

Бу курдук Айыы Намыһын курдук киһини кытта дьүөгэлэһэн, кини алгыстаах, быйаҥнаах хонноҕун анныгар сылдьарбынан киэн туттабын, үөрэбин. Дьүөгэм Зоя ыраас, дэлэй туттунуулаах бастыҥ хаһаайкатын, ханна да буоллун үтүө ситиһиилээх үлэһитин, саха фольклорун этигэр-хааныгар иҥэрэ сылдьар улахан талаанын, ыарахан кэмҥэ куруук чугас баар буола охсон эрэллээх илиитин уунарын, саннын тоһуйарын туһунан бу туспа кэпсээн.

Үүт сөлөгөй олбохтоох, күөх ньаассын от үктэллээх, арыылаах саламаатынан, кыынньар кымыһынан айах тутар, сыалаах үтэһэлээх этинэн мохсуо бырахсар уйгу быйаҥ кэммит – тоҕус томторҕолоох чороон айаҕы чуоҕутар, сэттэ дьэрэкээннээх кэриэн иһити кэккэлэтэр, симэхтээх сири иһити сириэдитэр, уолбат уйгулаах Ыһыахпыт кэлэн иһэринэн уостубат уһун уйгуланыаҕыҥ, бастар бараммат быстыбат быйаҥнаныаҕыҥ!

Оһоллоох мөҥүөннээх орто дойду кирэ-хаҕа сыстыбатах үүт үрүмэ маҥан таҥастаах, айыы санаалаах арчыһыттарга, алгысчыттарга айхал-мичил буоллун!

Зинаида ФЕДОТОВА-Дьол Кыыма

Читайте дальше