Ювелирнай оҥоһуктарга быыстапка-дьаарбаҥка тэрилиннэ

История кэрэһэтин сэгэтэн көрөр эбит буоллахпытына, ювелирнай уонна алмааһы кырыылыыр бырамыысыланнас үлэһиттэрин идэлээх бырааһынньыга аан бастаан 2009 с. «Золото Якутии» тэрилтэ көҕүлээһининэн тэриллибитэ. Өрөспүүбүлүкэ Бэрэсидьиэнэ Вячеслав Штыров 2010 с. муус устар 26 күнүнээҕи 1905 №-дээх ыйааҕынан, бу бырааһынньыгы алтынньы 23 күнүгэр бэлиэтиир буолбуттара. Оттон 1992 с. бу күн, Сунтаар алмааһы кырыылыыр собуотугар Саха сирин историятыгар хаалар, аан бастакы алмаас таас кырыыламмыта. 0,546 караттаах алмаастан 0,27 караттаах бирилийээн чочуллан тахсыбыта. Ону тэҥэ, 1999 с. муус устар 25 күнүгэр, 167,51 караттаах С.А. Зверев-Кыыл Уола аатын сүгэр алмаас таас «Юбилейнай» трубка 14 нүөмэрдээх фабрикатыгар булуллубута.

Бүгүн улууспутугар, Сунтаардааҕы С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан холбоһуктаах түмэлгэ норуот маастардарын оҥоһуктарыгар быыстапка-дьаарбаҥка үөрүүлээх тэрээһинэ буолла. Бу тэрээһини Сунтаар улууһун дьаһалтата, Сунтаардааҕы технологическай колледж, Сунтаардааҕы лиссиэй, Сунтаардааҕы оҕо ускуустубатын оскуолата уонна Дмитрий Константинов тэрийэн ыыттылар.

Быыстапка-дьаарбаҥка тэрээһинигэр уустар түмсүүлэрин салайааччыта уонна Сунтаар улууһун дьаһалтатын суоттуур-учуоттуур палаата салайааччыта Ксения Семенова, Сунтаар улууһун култууратын уонна айылгытын салалтатын салайааччыта Саргылана Омукова, С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан холбоһуктаах түмэл салайааччыта Альбина Федорова бу эйгэҕэ үлэлии сылдьар үлэһиттэргэ махтал суруктары, сэмэй бэлэхтэри туттардылар уонна Сунтаардааҕы технологическай колледж дириэктэрэ Гаврил Михайлов, Сунтаардааҕы технологическай колледж ювелирнай салаа технолога Константин Тотонов бэйэлэрин эҕэрдэлэрин тиэртилэр. Маны сэргэ Саха өрөспүүбүлүкэтин уонна Сунтаар улууһун норуотун маастара Иннокентий Егоров уонна Сунтаар ювелирнай сыах иһинэн үлэлиир ювелирдар оҥоһуктарыгар «Көмүс күлүмэ» киэргэл симэҕин далбар хотуттарбыт уонна кэрэчээн кыргыттарбыт дефиле көрдөрдүлэр. Салгыы манна мустубут ыалдьыттар маастардар үлэлэрин уонна эксклюзивнэй оҥоһуктар ааптардарын кытта билистилэр. Ону тэҥэ, Сунтаардааҕы технологическай колледж устудьуоннара астаабыт амтаннаах астарын атыылаһан, үөрэн-көтөн тарҕастылар.

Елизавета ТИТОВА, Дмитрий ЫМЫЧАНОВ

Читайте дальше