Ытыыга, дартска, бильярдка күрэхтэһии дьону түмтэ

Ааспыт субуотаҕа Дьаархан нэһилиэгин олохтоохторо сарсыардаттан дьиэ ис-тас үлэтин үмүрүтэн баран, нэһилиэккэ ыытыллар араас тэрээһинэргэ кытта, буолар кэнсиэри көрө бараары күн солото суох буолбуттар. Бу күн нэһилиэккэ араас күрэстэр, кэнсиэр быыстала суох баран, чахчы да,  нэһилиэккэ култуурунай сынньалаҥ күнэ буолан ааспыт.

Ол биир тэрээһиннэртэн билиһиннэрдэххэ, нэһилиэк манеһыгар «ЫтДаБил» диэн ытыыга, дартска уонна бильярдка күрэхтэһии буолар. Маннык ааттаах интэриэһинэй күрэс хайыһардьыт, саахыматчыт, дуобатчыт, атах оонньуутугар, чэпчэки атлетикаҕа өр сыл тириэньэрдээбит Иван Данилович Филиппов уонна нэһилиэккэ олорор успуорт бэтэрээннэрэ көҕүлээһиннэринэн тэриллибит. Бу туһунан нэһилиэк спортинструктора Станислав Гольдеров иһитиннэрдэ.

Күрэскэ 22 киһи, ол иһигэр үс кэрэ аҥар уонна икки оскуола үөрэнээччитэ кытыннылар. Биирдиилээн көрүҥнэринэн билиһиннэрдэххэ түмүк маннык буолбут: салгын саатынан ытыыга бастакы миэстэни Ариан Васильев ылбыт. Геннадий Иванов – иккис, Афанасий Тимофеев – үһүс. Оттон дартс быраҕыытыгар Станислав Гольдеров бастаабыт. Татьяна Баишева иккис, Данил Кондратьев үһүс буолбуттар. Бильярд «спринт» көрүҥэр Владимир Николаев бастаабыт, Алексей Седалищев иккис, Владимир Егоров үһүс миэстэлэри ылбыттар.

Миэстэлэспит кыттааччыларга туоһу сурук, ону таһынан бастаабыт спортсменнарга олохтоох дьаһалта туруорбут бириистэрин тутарбыттар.

Анытүмүккэ күрэс үс көрүҥэр үрдүк көрдөрүүлэнэн муҥутуур кыайыылааҕынан  Станислав Гольдеров буолан, Иван Данилович бэйэтэ оҥорбут саха быһаҕын бэлэх туппут. Иккис миэстэни Арсен Павлов, үсүһү Геннадий Иванов ылбыттар. Ону сэргэ «Кыайыыга дьулуурун иһин» диэн бириистэри Василий Васильевка, Маргарита Абдаловаҕа, Владимир Николаевка туттартаабыт.

Кэрэ аҥаардарга нэһилиэк аҕам саастаахтарын сүбэтин аатыттан Александр  Николаев өйдөбүнньүк кинигэлэри туттартаабыт. Оттон бастыҥ көрдөрүүлээх Татьяна Баишева Владимир Николаев анал бирииһин хаһаайката буолбут.

«Бу курдук, Саха сиригэр физкультурнай хамсааһын 100 сылынан уонна бэтэрээн спортсменнар күннэрин бэлиэтээн бэртээхэй күн ааста, күрэхпит бэрт түргэнник, туох да мөккүөрэ суох сып-сап түмүктэнэн, кыайыылаахтар илии тутуурдаах өттүк харалаах, кыттааччылар бары үөрэн-көтөн тарҕастыбыт», – диир Станислав Гольдеров.

 

Яина ВЛАСЬЕВА

 

Читайте дальше