Ытыктыыр салайааччым, үтүө сүбэһитим

Ис сүрэхпиттэн этиллэр барҕа махталбын, истиҥ иһирэх иэйиибин үлэбэр үтүө сүбэhит, олохпор бигэ тирэх буолар, үөрүүбүн-хомолтобун тэҥҥэ үллэстэр, олус чугастык саныыр, ытыктыыр, сүгүрүйэр киһибэр Елизавета Алексееваҕа аныыбын.

В.Г.Павлов аатынан Сунтаар алын сүһүөх оскуолатыгар 2019 с. үлэлии кэлбитим. Бу оскуолаҕа баара-суоҕа толору биэс эрэ сыл үлэлээтим эрээри, санаабар кэлэктиипкэ киирэн үлэлээбитим ырааппыт курдук. Ханнык баҕарар оскуолаҕа, учууталлар үлэлэрин саҥаттан саҥа үрдүкү кэрдиискэ таһаарар, хас биирдии учуутал үлэтин сөпкө сыаналыыр, сүбэлиир, үөрэтэр, учуутал туохха дьоҕурдааҕын таба көрөн салайан биэрэр салайааччылаах буолуохтаах дии саныыбын. Биһиги оскуолабытыгар оннук киһинэн дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччы, СӨ үтүөлээх учуутала – Елизавета Алексеева буолар.

Елизавета Николаевна – үрдүк таһымнаах, ирдэбиллээх салайааччы. Кинини билбэт киһи суоҕа буолуо. Сунтаар улууһугар ытыктанар, биир бастыҥ үлэлээх завуч буолар. Кини салайыытынан оскуолабыт кэлэктиибэ түмсүүлээхтик, таһаарыылаахтык  биир санаанан үлэлиир.

Бастакы үлэм күнүгэр миигин Елизавета Николаевна көрсүбүтэ. Бу  улуус  биир  саамай  элбэх үөрэнээччилээх  оскуолатыгар, күүстээх кэлэктиибкэ үлэлии киирбиппиттэн олус долгуйарым. Елизавета Николаевна кытаанах, ирдэбиллээх салайааччы буоларын тута билбитим. Уруоктарбын, оҕолорго сыһыаммын киирэн көрөрө. Эдэр киһи оскуолам салайааччыларын, чуолаан Елизавета Николаевнаны түһэн биэрбэт курдук үлэлээбит  киһи дии саныырым. Куттанан буолбакка, ытыктаан. Эппиэтинэскэ, үлэҕэ дьулуурга үөрэппитэ. Оннук сылдьан Елизавета Николаевналыын чугастыы  билсэн барбыппыт.

Елизавета Николаевна бастакы үлэм күнүттэн күн бүгүҥҥэ диэри элбэххэ үөрэтэр үтүө сүбэһитим буолар. Кини үлэтинэн, оскуолатынан олорор, оннук үлэһит киһи! Салайааччы  быһыытынан баай уопуттаах, киэҥ билиилээх, муударай толкуйдаах, дьиҥнээх айылҕаттан айдарыылаах учуутал.

Билиҥҥи учуутал үлэтэ олус уустук, үөрэнээччини кытта эрэ үлэ буолбатах, наһаа элбэх эридьиэстээх докумуон толоруллар,  саҥа хайысхалар, технологиялара үлэбитигэр киирэллэр, сотору-сотору саҥаттан саҥа ирдэбиллэр үөрэх тиһигэр киирэ тураллар. Ону Елизавета Николаевна барытын ымпыгар-чымпыгар диэри үөрэтэр, онно олоҕуран учууталлары олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыылларыгар, саҥалыы үлэлииллэригэр, сайдалларыгар көҕүлүүр. Уруоктар, кылаас чаастара маннык буолуохтаахтар диэн, билиҥҥи үөрэх ирдэбиллэрин олус интэриэһинэйдик кэпсиир. Үөрэтэр ньымата уратытынан, билэрэ-көрөрө элбэҕинэн бэйэтин идэтин баһылаабыта тута биллэр. Хас биирдии учуутал үлэтэ үтүө түмүктээх буоларыгар кыһаллар.

Елизавета Николаевна эдэр учууталларга ийэлии истиҥ сыһыаннаах. Биһиги кинини сөҕө-махтайа көрөбүт, холобур оҥостобут. Кини оскуолаҕа  үөрэнэр  оҕолору  барыларын  кэриэтэ  билэр, хас биирдии учууталга болҕомтотун уурар, сүбэлиир-амалыыр дьиҥнээх салайааччы. Киһи быһыытынан дьону өйдүүр, үлэ боппуруоһугар эрэ буолбакка, ким тус олоҕор  туох  кыһалҕалааҕын кытта  ыйыталаһан, кыалларынан көмөлөһө сатыыр. Ылсыбыт дьыалаҕытын уонна үлэҕитин барытын тиһэҕэр тиэрдэр буолуҥ диэн  мэлдьи этэр. Үөрэнээччилэрбит ситиһиилэриттэн тэҥҥэ үөрсэр, «Маладьыас!» диэн киниттэн хайҕаннахха күүспүтүгэр күүс эбиллэн, өссө үчүгэй уруоктары ыытыахпытын баҕаран кэлэбит.

Елизавета Николаевна үлэҕэ сыһыана, билиитэ-көрүүтэ, биһиэхэ эдэр учууталларга, инникитин тугунан да кэмнэммэт улахан төһүү күүс, холобур буолуо диэн эрэнэбит. Кини сүбэлэрэ биһиги үлэбитигэр, олохпутугар сылаас иэйии, алгыс буолан көмөлөһө туруохтара. Ытыктыыр киһибэр, Елизавета Николаевнаҕа, сиэтэ сылдьан элбэххэ үөрэтэргэр, ийэлии истиҥ сыһыаҥҥар махталым муҥура суох! Биһиги, эдэр учууталлар, эйигин кытта бииргэ үлэлиирбититтэн астынабыт уонна дьоллооҕунан ааҕынабыт. Маннык үтүө киһини кытта бииргэ үлэлиирбитинэн киэн туттабыт!

Юлия Матросова,

3 “б” кылаас учуутала.

Читайте дальше