Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Улуу Кыайыы күнүнэн эҕэрдэлиибин!

Биһиги дойдубутугар сэрии иэдээнэ ыалы барытын таарыйбыта. Саха сириттэн Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 62 тыһыынча киһи барбыта, олортон үгүстэрэ кырыктаах өстөөҕү кытта кыргыһыы хонуутугар дьоруойдуу охтубута. Саха сирин тыһыынчанан олохтооҕо – аҕа көлүөнэ дьон, оҕолор, дьахталлар тыылга көмүс көлөһүннэрин тоҕон, үгүс сыраларын ууран Кыайыыны уһансыбыттара.

Ньиэмэс халабырдьыттарын утары сэриигэ төһө да сору-муҥу, өлүүнү-сүтүүнү көрүстэр, өстөөх иннигэр сөһүргэстээбэтэх, кырыктаах кыргыһыыга кыайбыт, нацизмы үлтүрүппүт, эйэлээх халлааны бэлэхтээбит аҕа көлүөнэ дьон иннигэр сүгүрүйэбит. Улуу норуоппут кыайыытыгар хас биирдиибит ытыктабылы кэрэһилиир күммүт. Үйэлэргэ өлбөөдүйбэт сомоҕолоһуугут, Аҕа дойдуга тапталгыт иһин махтанабыт.

Хас эмэ уонунан сыллар ааспыттарын кэнниттэн биһиги дойдубут көҥүлү уонна кырдьыгы туруулаһарга күһэлиннэ. Кыайыыны аҕалбыт көлүөнэ сыдьааннара анал байыаннай дьайыы ыытыллар сиригэр Украина неонацистарыттан Ийэ дойдуну көмүскүүр ытык иэстэрин толороллор. Оччотооҕу Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар курдук биһиги буойуннарбыт хорсун быһыылара Ийэ дойдуга тапталынан угуттанар.

Улуу Кыайыы историятыгар ааттара көмүс буукубанан суруллубут Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойдара, Аҕа дойду Улуу сэриитин бары кыттыылаахтара – биһиги албан ааппыт. Арассыыйа Федерациятын Дьоруойдара, өбүгэлэрбит кэриэстэригэр бэриниилээх, аҕаларбыт, эһэлэрбит кыайыыларын үксэтэр буойуннарбыт – биһиги киэн туттуубут. Биһиги хорсун буойуннарбытынан, анал байыаннай дьайыы хас биирдии кыттыылааҕынан муҥура суох киэн туттабыт. Биһиги дьыалабыт кыр­дьыктаах, биһиги булгуччу кыайыахпыт!

Бүгүн биһиги сэрии толоонуттан эргиллибэтэх буойуннарбытын сүгүрүйэ ахтабыт, кыайыыны уһансыбыт бэтэрээннэрбитигэр барҕа махтал тылларын этэбит. Эһигини кытта биир кэмҥэ олорор биһиэхэ үрдүк дьол!

Сэрии уонна тыыл бэтэрээннэригэр, сэрии оҕолоругар ураты сыһыаннаахпыт. Өйөбүл дьаһалларын өрүү тупсарабыт. Саха сиригэр Улуу Кыайыы күнүнэн гражданнар туспа категорияларыгар – Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарыгар, «Жителю блокадного Ленинграда» бэлиэнэн наҕаарадаламмыт дьоҥҥо, Аҕа дойду Улуу сэриитин өлбүт инбэлииттэрин уонна кыттыылаахтарын огдооболоругар, Аан дойду иккис сэриитин кэмигэр фашистар уонна кинилэр союзниктара тэрийбит концентрационнай лааҕырдарыгар, геттоларыгар хаайыллыбыт сокуоннай саастарын ситэ илик оччотооҕу оҕолорго, тыыл бэтэрээннэригэр социальнай төлөбүр оҥоһуллан саҕаланна. 2024 сылтан Аҕа дойду Улуу сэриитин оҕолоругар Кыайыы күнүгэр анаан сыл ахсын харчынан төлөбүр оҥоһуллуоҕа. Бу харчыны 12 тыһыынчаттан тахса киһи ылыаҕа, регион бүддьүөтүттэн 49 мөл. тахса солкуобай көрүллүннэ. 2025 сылга Кыайыы 80 сылын көрсө бу төлөбүр биллэ улаатыаҕа.

Күндү Саха сирин олохтоохторо!

Бу ытык күнүнэн эҕэрдэлиибин! Эйэни, этэҥҥэ буолууну, кытаанах доруобуйаны, дьолу баҕарабын!

Аҕа дойду дьоруойдарын ааттара үйэлэргэ умнуллубатын! Улуу дойдубут үүнэ-сайда турдун! Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!

Улуу Кыайыы күнүнэн!

Айсен НИКОЛАЕВ, 

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана.

Читайте дальше