Чиргэл мас силистээх — мутуктаах, хас биирдии киһи төрөөбүт дойдулаах, түөлбэлээх буолар… алаас ааттаах, дойду сурахтаах. Онтон дойдутун таптыыр, ытыктыыр киһи олоххо тирэхтээх, харысхаллаах буолар диэн мээнэҕэ эппэттэр. Ытык Тумул сириттэн тардыылаах «Уран-Саха» ювелирнай хампаанньа генеральнай дириэктэрэ, биллэр меценат Лука Митрофанович Егоров дойдутугар таас түмэли тутан үлэҕэ киллэрдэ. Киниэхэ сүрүн көмөлөһөөччүтүнэн, сүбэһитинэн аймаҕа Борис Егоров буолбута. Тутууну өр сылга ииттиэхтээн 5 сыл иһигэр силигин ситэрэн киллэрдэ. Түмэл 3 этээстээх, киэҥ-куоҥ, аныгы көстүүлээх хостордоох, 3-с этээһэ балаҕан быһыылаах. Маннык дьоһун тутуулаах түмэллэр Саха сиригэр тарбахха баттанар буолуохтаахтар. Тутууну барытын Лука Митрофанович бэйэтэ иилээн-саҕалаан ыытта. Кини олоххо көрүүтүн,санаатын, толкуйун барытын бу баараҕай тутууга көрдөрөр.
91 саастаах ытык кырдьаҕас, олоҥхоҕо уһуйааччы Никандр Прокопьевич Тимофеев: «Маннык дойдуларыгар бэриниилээх дьону ытыс үөһэ илдьэ сылдьыахтаахпыт. Ыччат дьоҥҥо холобур оҥоруохтаахпыт. Тумул сирин сөргүппүт Лука Митрофанович үтүө быһыыта өр сылларга умнуллуо суоҕа. Бу түмэлгэ кэлин экскурсиялары тэрийэргэ күүс-көмө буолуоххайыҥ» диэн баҕа санаатын эттэ.
Лука Митрофанович бэйэтэ түмэлин төрүттүүрүгэр этитии курдук киирбитэ диэн кэпсээтэ: «Сунтаар улууһун бочуоттаах олохтооҕо буолаат, дойдубар үтүөнү оҥоруохтаахпын диэн күүстээх санаа өйбүн-санаабын үүйэ туппута. Өр толкуйдуу барбакка Тумулга түмэл төрүттүүргэ санаммытым. Мин дьоллоох оҕо сааһым ааспыт дойдута Тумул мэлдьи өйбөр-санаабар остуоруйа дойдутун курдук хаалбыта. Билигин элбэх киһи кэлэн сынньанар, уоскуйар, налыйар, күүс эбинэр сирэ буоларыгар баҕарабын».
Түмэлгэ Тумул уруккутун, хойуккутун, билиҥҥитин, кэскилин, талааннаах дьонун кэпсиир экспонаттар, истиэндэлэр баар буолуохтара. 3-с этээскэ баар балаҕаҥҥа норуот талба талааннаахтарын уһуйаана үлэлиэҕэ.
Түмэл аһыллыытыгар кэлбит ытык ыалдьыттары Лука Митрофанович халыҥ аймахтара уруйдуу айхаллыы көрүстүлэр. Лука Митрофанович түмэлин арыйбытын бэлиэтин ытык сэргэни түһэрдэ. Тумуллар дойдуларын ахтылҕанын бэлиэтин «Ытык Тумул» кинигэни сүрэхтээтилэр. Бу күн Ытык Тумулга олоро сылдьыбыт дьон уруккуларын-хойуккуларын бэрт истиҥник хойукка диэри сэһэргэстилэр, ырыа-тойук ылланна, оһуокай дуорайда, бэл оннооҕор олоҥхо иһиттилэр .
Тумул Ытык сириттэн элбэх биллиилээх дьон үүнэн-сайдан тахсыбыттара. Олортон биир чулуу уоллара Лука Митрофанович дойдутугар үтүө бэлэҕэ өссө да уһун үйэлэргэ туһалаатын, сайда чэчирии турдун.
Мира АФАНАСЬЕВА