Ытык-мааны дьоммут – сэрии, тыыл бэтэрээннэрэ, огдооболоро, тулаайахтара уонна оҕолоро! Улууспут бары олохтоохторо!

«Сунтаар улууһа (оройуона)» муниципальнай оройуон уонна оройуон дьокутааттарын Сэбиэтин ааттарыттан өрөгөйдөөх Улуу Кыайыы 79 сылынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!

Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Сунтаар сириттэн тыһыынчанан киһи хорсуннук кыргыспыта. Тыыл ыарахан үлэтигэр улахан дьону кытта оҕолор бары бииргэ “Барыта – Кыайыы туһугар” диэн хотуулаахтык үлэлээбиттэрэ.

1945 с. Москваҕа буолбут Кыайыы Парадыгар биһиги биир дойдулаахтарбыт А. И. Насыров, о.д.а. кыттан Сунтаар аатын өссө төгүл албан ааттаппыттара. Уруй, Айхал кинилэргэ. Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!

Сэрии кэмигэр тыылга хаалан кыайыы туһугар туох баар күүстэрин-сыраларын биэрэн туран, аччыктыыры, өлөрү-сүтэри аахсыбакка  күннээх-түүн үлэлэспит дьоммутун өйдүү-саныы сылдьыахтаахпыт.

Сэрии огдооболоро, сэрии тулаайахтара, Эһиги кытаанах санааҕытынан, дьулуургутунан  дьылҕаҕыт   ыар охсуутун тулуйан,  дьоһуннаах  майгыгытынан ыччакка Ийэ дойдуга тапталы иҥэриигэ, патриотизм тыыныгар иитиигэ  холобур буолаҕыт.

Улуу сэрии толоонугар кырыктаах кыргыһыылартан ордон Кыайыыны санныларыгар сүгэн  аҕалбыт, эргиллэн кэлэн  эйэлээх олоҕу  тэрийиигэ  утаппыттыы үлэлээбит хорсун буойуттар сырдык ааттарын, олорбут олохторун билиҥҥи көлүөнэ кэриэстиир, сүгүрүйэр.

Ийэ дойду көҥүлүн көмүскэлигэр өлбүт дьоруойдар ааттара үйэ-саас тухары өлбөөдүйүө суоҕа, кинилэр хорсун быһыылара номоххо кубулуйаллар, норуот өйүн-сүрэҕин, кини дууһатын сорҕотунан буолаллар.

Саҥа көлүөнэ ыччаппыт дойдубут көҥүл уонна тутулуга суох  буолуутун туруулаһан көмүскээбит, ил-эйэ  туһугар  кыргыһыы толоонугар охтубут, хара көлөһүнүн тохпут дьоммутун умнуо суоҕа  диэн эрэнэбит.

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр бойобуой уонна үлэ бастыҥ үгэстэрэ чөлүгэр түһэллэр, ыччаты патриотизм тыыныгар, төрөөбүт дойдуга тапталы, Ийэ дойдуга иэһи төлөөһүҥҥэ иитиигэ элбэх үлэ ыытыллар. Бу хаачыстыбалар саха буойуннарын уратыларынан буолбуттара. Саха сириттэн саҥа көлүөнэ офицердар уолнна саллааттар байыаннай Албан аат үтүө үгэстэрин салгыыллар, биһиги дойдубутун модун кыаҕырдаллар.

Бу күн кэлэр көлүөнэҕэ дьиҥнээх патриотизм, эрэллээх буолуу уонна Аҕа дойдуга бэриниилээх сулууспалааһын холобурун көрдөрбүт Аҕа дойду Улуу сэриитин уонна локальнай бойобуой дьайыылар бэтэрээннэригэр, дьоруойдарыгар махтал сылаас тылларын аныыбыт.

Эһиэхэ бары үтүөнү, чэгиэн доруобуйаны, дьолу-соргуну уонна ситиһиилэри ис сүрэхпититтэн баҕарабыт. Хомолто холбоспотун, ыарыы ыалласпатын. Чугас дьоҥҥут сүрэҕин сылааһа эһиги олоххутун сылыттын. Бар дьоҥҥут тапталларыгар угуттанан өссө уһуннук, дьоллоохтук олоруҥ!

Анатолий ГРИГОРЬЕВ,

«Сунтаар улууһа (оройуона)»

муниципальнай оройуон баһылыга.

Ульяна ПОПОВА,

Сунтаар улууһун дьокутааттарын

Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ.

Читайте дальше