Ытык Ийэ Ксения Николаева күннэтэ ас арааһын астыыр

«Хорохой» хаһаайыстыба ийэ баһылыга, Сунтаар нэһилиэгин Ытык Ийэтэ Ксения Николаева бу күннэргэ кыһыҥҥы хаһааһын бэрийэр. Ыал ийэтэ саас сылыйыан, эт буортуйуон иннинэ хочуоҥкаттан хаһаас аһын килэртэрэн улахан ларь морозильникка сааһылыыр. Билигин аһы харайарга морозильник күннээн турар кэмэ. Ону кытта булуус, оҥкучах улахан оруолу ылаллар. Ксения Степановна сэттэ оҕо кэрэ ийэтэ оҕолорун, сиэннэрин үлэҕэ умсугутан улаатыннаран барыга бары бииргэ сылдьаллар. Николаевтар дьиэ кэргэттэрэ хоччуоппалаабыттара отут сыл буолла. Ол да иһин Сунтаар сүрүн тэрээһиннэрэ кинилэр иҥэмтиэлээх астарынан ситэриллэн бэриллэр.

Кисиэнньэ күннэтэ кыргыттарын, кийииттэрин кытта сандалы тула олорон ас арааһын астаан Сунтаар дьонун күндүлүүллэр. Күнүскү аска оҕо, сиэн барыта эбэлэригэр түмсэн сонуннарын үллэстэр үтүө үгэстээхтэр. Аска ураты суолталаах дьон эт, балык аһын салгыҥҥа былдьаппакка бу күннэргэ харайыҥ диэн сүбэлииллэр.

Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА

Читайте дальше