«Ил» култуура киинигэр Б.Н.Егоров аатынан Күндэйэ орто оскуолатын үгэскэ кубулуйбут үөрэх, успуорт уонна үлэ бастыҥнарын чиэстиир тэрээһинэ буолан ааста. Төрөөбүт дойдуларын ытыктыыр, үтүө дьыаланы утумнуур, кэрэни кэрэхсиир талааннаах оҕолору өйүүр меценаттар хамсааһыннара тэриллибитэ ыраатта. Билигин кэккэлэрэ өссө хаҥаан, дойду араас муннугар олорор уонна олохтоох биир дойдулаахтарбыт бу күнү бары долгуйа күүтэн, бэйэлэрин үтүө сүрэхтэрин холбоон оҕолор инники олохторугар, билиигэ тардыһыыларыгар сэмэй кылааттарын киллэрэллэриттэн киһи олус астынар.
Аан бастаан бу үтүө дьыаланы суолун аспыт бастакы сулустарынан Борис, Фатина Егоровтар буолаллар. Ол кинилэр төрөппүт оҕолорунан салҕанан бара турар. Билигин меценат ахсаана 44-кэ тиийдэ.
Бу күн элбэх оҕо анал истипиэндьийэлэри тутан харахтара дьол кыымынан сандаарда. Урукку өттүгэр маннык истипиэдьийэлэри тутан, онтон кынаттанан, оҕолор үөрэх үрдүк чыпчаалын дабайан, олоххо, үлэҕэ бэйэлэрин миэстэлэрин чиҥник булан, киэҥ сирдэринэн дьоллоохтук олороллор, таһаарыылаахтык үлэлииллэр.
Үтүө дьыала үтүөнү саҕа турдун!
Феврония НИКОЛАЕВА, Күндэйэ