Үтүө санаанан, биир сүбэнэн кыайыыны чугаһатабыт

Анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар көмө тиһигин быспакка ыытыллар. Сунтаар нэһилиэгин бэтэрээннэрин түмсүүтэ көҕүлээһининэн, бу нэдиэлэҕэ таҥас-сап (ис таҥас, футболка, чараас наскы, эмп-том) хомуйан, баһыылка оҥорон ыытарга бэлэмнииллэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ 27 киһи көмө аҕалан туттарбыт, үксүлэрэ биэнсийэлээх дьон, ИП-лар, «Булчут» маҕаһыын, «Чебурашка»,”Туллукчаан” оҕо уһуйааннара уонна биирдиилээн дьон.
Манна көмөлөһүөн баҕалаах дьон “Партизан” НАТК-ҕа дьокутаат Жанна Макароваҕа үлэ кэмигэр кэлэн туттарыаххытын сөп.

Алена ИВАНОВА

Читайте дальше