Халандаарга муус устар 13 күнэ – меценат уонна көмө оҥоруу (спонсорство) күнэ диэн бэлиэтэнэр. Бу сонун, бэлиэ күнү киһи эрэ барыта билбэт, бэлиэтээбэт.
ИСТОРИЯ КЭРЧИГЭ
Урукку дьылларга олоро сылдьыбыт биллэр Рим аристократа Гай Цильний Меценат диэн айар талааннаах дьону араҥаччылаабыт уонна элбэхтик өлөр өлүүттэн быыһаабыт, көмүскээбит киһи төрөөбүт күнүн кытта ситимнээх. Бу күн норуокка элбэх үтүөнү оҥорбут дьон аата ахтыллар, ону таһынан меценаттар туппут, үбүлээбит дьиэлэригэр араас тэрээһиннэр ыытыллаллар. Ордук чуолаан култуура, үөрэх эбийиэктэрин чөлүгэр түһэрбит, туппут дьону меценатынан билинэбит.
Меценат диэн тугу да эрэйбэккэ үтүөнү оҥорор киһини ааттыыбыт. Спонсорство – эн оҥорор көмөҥ эйиэхэ тугунан эмит төннүөхтээх. Ол аата бэйэ-бэйэҕэ хардарыта көмөлөсүһүү, өйөһүү буолар.
Матырыйаалы оҥорорбутугар элбэх киһиттэн “Сунтаар улууһугар меценат, үтүөнү оҥорооччу диэн кими ааттыа этигитий?” диэн ыйытыкпытыгар үксүлэрэ “Татыйыына” фирманы төрүттээбит, биллэр урбаанньыт, меценат Нина Прокопьевна Герасимованы ааттаатылар.
Салгыы Нина Прокопьевнаны кытта кэпсэтэн – үтүөнү оҥоруу, көмөлөһүү диэни кини хайдах өйдүүрүн туһунан санааларын таһаарабыт.
“Мин оҥорор үтүө дьыалам, олоххо оҥорор дьайыыларым миэхэ үөһэттэн ыйаахтанан оҥоһуллаллар диэн итэҕэйэбин. Маннык санаа хас биирдии киһиэхэ баар буолуохтаах”.
“Миэхэ үтүө дьыаланы оҥорорбор итэҕэлим сирдиир. Киһи итэҕэллээх буоллаҕына олох оҥоһуутун, оҥкулун билэр. Онон сирдэтинэр буолар. Итэҕэлим миэхэ сөптөөх суолу ыйарыгар бигэ эрэллээхпин”.
“Үтүөнү оҥордум диэн түөспэр охсуна-охсуна кэпсээбэппин. Дьоҥҥо биллэ-көстө сатыыры өйдөөбөппүн”.
“Үтүө тылларга, махталга наадыйбаппын!Үтүөнү ис сүрэхпиттэн, дууһабыттан оҥоробун. Маннык хаачыстыба киһиэхэ барытыгар баар. Ону хас биирдиибит иһиллэнэн, сааһыланан тиийиэхпитин наада”.
“Үтүөнү оҥорбут киһи үтүөтэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр. Эн киһини кини ыччата төһө кэҥээбититтэн, тэнийбититтэн сыаналаа диэн этэллэр. Холобур, эн элбэхтик үтүөнү оҥордоххуна эн удьуоруҥ тэнийэрэ бу үрдүкү дьол”.
“Үтүө дьыаланы оҥорор буоллахха бүттүүн норуот олоҕун-дьаһаҕын, туругун тупсарыыны көрүөхтээхпит. Оччоҕо эрэ норуот сайдар, кэскиллээх буолар. Биир сомоҕо буолан үлэлииргэ, олорорго санаабытын, күүспүтүн туһаайыахтаахпыт”.
“Киһиэхэ бэлэм балыгы буолбакка, ол оннугар күөгүнү биэриэм этэ. Салҕыы кини бэйэтэ мин көмөбүн сайыннаран, туһалааҕы оҥорон таһаарарыгар баҕарабын. Үлэ – киһини киһи оҥорбута. Ким үлэлиир ол ситиһиилээх, бигэ туруктаах буолар”.
“Духуобунай өттүнэн туруктаах, кута-сүрэ бөҕөх киһи олоххо тирэхтээх буолар. Оттон үтүөнү оҥоруу киһи санаатын кынаттыыр, сүрүн күүһүрдэр”.
“Үтүө дьыала оҥорбутуҥ эйиэхэ харчынан, ситиһиинэн төннүөхтээх диэн буолбатах. Эн кимтэн да тугу да эрэйиэ суохтааххын”.
Мира АФАНАСЬЕВА