Арассыыйаҕа Педагог уонна Аҕа сүбэһит, Саха сиригэр — Үлэ, Сунтаар улууһугар – Төрөөбүт төрүт тыл сылларынан С.С. Яковлев аатынан Элгээйи учаастактааҕы балыыһатын бэтэрээнэ, дьааһылаҕа сиэстэрэнэн, өр сыл балыыһаҕа медрегистраторынан үтүө суобастаахтык үлэлээбит Анна Михайловна Петрова төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах Элгээйи куустатын медицина орто сүһүөх үлэһиттэригэр «Идэм үрдүк анала» көрүү-күрэс буолла. Көрүү-күрэс Анна Михайловна ыччаттарын, С.С. Яковлев аатынан балыыһа кэлэктиибин тэрээһиннэринэн, Уйбаан Нуолур аатынан бибилэтиэкэ, «Оһуор» култуура киинин үлэһиттэрин көмөтүнэн ыытылынна.

Манна Элгээйи, Сиэйэ, Кутана балыыһатын үлэһиттэрэ кытыннылар. Бу ыытыллыбыт орто сүһүөх эмп үлэһиттэрин куоҥкуруһугар кыттааччылар үлэһит быһыытынан билиилэрин, сатабылларын, дьоҕурдарын көрдөрөр араас тургутан көрүүнү аастылар.  Аҕыйахтыы баллынан быысаһан маннык миэстэлэргэ тигистилэр:

I миэстэ – Ньургуяна Федорова, Элгээйи, II м. – Галина Федотова, Сиэйэ, III м. – Евгенья Иванова, Элгээйи.

Анна Михайловна анал граннара Зоя Ноговицынаҕа, Ксенья Гуляеваҕа ананна!

Кыттааччылар»Арассыыйа ийэлэрэ» уопсастыба (А.С.Иванова), Киин балыыһа АСМР (С.Г. Герасимова) уонна олорор түөлбэлэрин, чугас аймахтарын, дьүөгэлэрин эҕэрдэлэрин тутан үөрүүлэрэ үрдээтэ. Улуус кылаабынай сиэстэрэтэ Саргылана Герасимова, сиэстэрэ ассоциациятын аатыттан Ксения Иванова кыттыыны ыллылар.

Анна Михайловнабыт ыччаттарыгар уонна бу тэрээһиҥҥэ күүс-көмө буолбут, кыттыыны ылбыт дьоммутугар махтал буоллун.

Тэрээһиҥҥэ сыһыаран, медицина орто сүһүөх үлэһитэ былыр доруобуйа харыстабылын төрүттээччи этэ диэнтэн сиэттэрэн, балыыһабыт үлэлээн-хамнаан кэлбит историятыттан сырдатан ааһыахпын баҕарабын. Архыып докумуоннара кэпсииллэринэн, 1906 с. Элгээйигэ отставкаҕа барбыт ротнай биэлсэр Николай Николаевич Николаев бастакы эмп тэрилтэтин төрүттээбит. Салгыы 1910 с. 1917 с. диэри байыаннай биэлсэр Андрей Тимофеевич Перфильев үлэлээбит. Сэбиэскэй былаас олохтоммут кэмигэр норуот уһулуччулаах эмчитэ, биэлсэр Семён Яковлев доруобуйа харыстабылын саҥа таһымҥа таһаарбыта. Кинини кытта акушерка Евдокия Михайлова, Антонина Жиркова үлэлээбиттэрэ.

1952 с. учаастактааҕы балыыһа саҥа аһылларыгар анаммыт быраас Анатолий Захаров кэлиэр диэри кылгас кэмҥэ биэлсэр Петр Барахов-Платонов сэбиэдиссэйдээбитин туһунан бирикээс кинигэтигэр баар. Ити кэмнэргэ эдэркээн биэлсэр Мария Попова үлэлии кэлбитэ.

Анал үөрэхтээх сиэстэрэлэр суохтарынан, биэлсэрдэр С.С. Яковлев, П.Ф. Платонов бэйэлэрэ дьоҕурдаах ыччаты талан үөрэтэн үлэһит оҥостоллоро. Оччолорго “самоучканан” үөрэммит М.У. Прокопьева, К.А.Евсеева, Д.М. Яковлева сиэстэрэнэн үлэлэлээн баран, кэлин медтехникумҥа үөрэнэн биэлсэр идэтин ылбыттара, салгыы балыыһаларыгар кэлэн үлэлээбиттэрэ.

Учаастактааҕы балыыһа кэҥээн, толоруллар үлэ, ирдэниллэр докумуон элбээн, бастакы регистраторынан Татьяна Фокинова, онтон өр сыл Анна Петрова үлэлээбиттэрэ.

Театр «вешалкаттан» саҕаланар дииллэринии, балыыһа регистратураттан саҕаланар. Информация түмүллэр сирэ, эмтиир үлэ эргийэр киинэ, үлэ тэтимин сааһылыыр диспетчер пуунун кэриэтэ. Регистратура төһө оперативнайыттан үлэ хаамыыта, ыарыһахха көмө оҥоһуллуута, эмчит бириэмэтин таба туһаныыта, үлэ түмүгэ тутулуктаах.

Анна Михайловна киэҥ холку майгылаах, амбулатория үлэтин сатабыллаахтык сааһылыыр, олус грамотнай, кимниин баҕарар уопсай тылы булар, «справочнай бюро», хаама сылдьар энциклопедия оҥостор киһибит этэ. Кини Нина Максимовна Щёкотова сэбиэдиссэйдиир кэмигэр үлэҕэ киирбит эбит. Бу үтүө салайааччыны кэлэктиибэ күндүтүк саныыр. Кини чиэһигэр үлэһиттэр Елена Кузнецова уонна Анна Петрова кыргыттарын Нина диэн ааттаабыттара. Нина Степановна 40 сыл эҥкилэ суох үтүө суобастаахтык үлэлээн баран бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Оттон кини чиэһигэр ааттаммыт Нина Прокопьевна аан бастаан үлэлээбит балыыһатыгар кэлэн быйылгыттан үлэлээн эрэр.

Мин ийэм, Саввинова Фатина Петровна, эдэр эрдэҕиттэн балыыһаҕа санитаркалыыр этэ. Миигин 1972 с. медучилищеҕа үөрэнэ барыам иннинэ солбудаһыкка үлэҕэ ылбыттара. Онтон ыла устудьуоннуур кэммэр сайын аайы санитарканы, сиэстэрэни солбуйар күүтүүлээх киһи буолбутум.

Анна Михайловна патронажнай уонна амбулаторияҕа процедура сиэстэрэтин солбуйар кэммэр үтүө сүбэһитим, эрэллээх эркиним этэ. Ким хаһааҥҥыттан хайдах ыалдьарын, эмискэ  туох көмөҕө наадыйыан сөбүн сүбэлиирэ. Сылдьыахтаах ыалларбар төттөрү-таары сылдьан бириэмэбин сүтэрбэт курдук ханнык ыалга шприцпин оргутарбын этэрэ, ыттаахтартан сэрэтэрэ.

1986 с. Анна Михайловна доруобуйатын туругунан үлэтиттэн уурайарыгар оскуоланы бүтэрбит кыыһын бэйэтин оннугар хаалларбыта. Нина эргиэн идэтигэр үөрэххэ барарыгар үлэни-хамнаһы билэр мындыр, уопуттаах биэлсэр Капиталина Евсеева медрегистратор буолбута.

Кини кыыһа Надежда Андреева биэлсэр идэлээх. Кэлин эбии курстарга үөрэнэн массажист, методист ЛФК идэтин ылан, билигин Элгээйи балыыһатыгар ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар.

1989 с.  бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан уурайарыгар сөптөөх хаачыстыба барыта баар киһитэ диэн Зоя Ноговицынаны ыҥыран үөрэтэн үлэтин туттарбыта.

Балыыһа сайдан кэлбит историятын үөрэтии, билии, эдэр үлэһити элбэххэ эбээһинэстиир, үлэҕэ көҕүлүүр диэн балыыһа сэбиэдиссэйэ РФ, СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна, Элгээйи нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Светлана Конобулова үйэтитиигэ улахан болҕомтотун уурар. Ол курдук, СӨ Национальнай архыыбыгар ыйытык оҥорон, онно сыһыаннаах докумуоннары булбута.

Дьон доруобуйатын туһугар үлэ бэйэтин кэмигэр араастаах, ураты уустуктардаах, тус-туһунан ыарахаттардаах, тургутан көрөр кыһалҕалардаах.

Үлэлээбит бэтэрээннэрбитин кытта сибээспитин быспаппыт. Кинилэр үтүө ааттарын үйэтитээри оҕолоро, аймахтара граннары аныыр буолбуттара.  Ол курдук, кэккэ сылларга Николай Попов ийэтэ медрегистратор Анна Петрова уонна эдьиийэ стоматолог быраас Валентина Петрова ааттарынан, быраастар Тамара, Петр Даниловтар ааттарынан граны оҕолоро, терапевт быраас Зоя Иванова аатынан граны оҕолоро, ыстаарсай сиэстэрэ Анна Ефремова аатынан граны балта Ия Ефремова олохтообуттара.

 

Кэнчээри ыччаппыт кэрэтик ахтара,

Үлэбит түмүгүн үтүөтүн көрөрө,

Үөрүүнү төрөппүт сүрэҕэр саҕыаҕа,

Үйэлээх өйдөбүл үүннэрэ туруоҕа,

Үрдүктэн-үрдүккэ көҕүлүүр буолуоҕа!

Маргарита ЗАБОЛОЦКАЯ,

СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна,

Элгээйи нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.

Читайте дальше