Ыт уулуссаҕа олус элбээтэ

Билигин барыбытын долгутар  кыһалҕаттан биирдэстэрэ – бэйдиэ сылдьар ыт. “Ыккытын баайыҥ”, “хаһаайыттар эппиэтинэстээх буолуҥ” диэн олохтоох дьаһалта да, тустаах сулууспа үлэһиттэрэ да улуус хаһыатынан, куйаар ситиминэн өйдөтөр, быһаарар, сэрэтэр үлэлэри кэмиттэн кэмигэр ыыталлар. Ол эрээри бу олох кыаллыбат буолла.

Бэйдиэ сылдьар ыт ордук улуус киинигэр Сунтаар сэлиэнньэтигэр элбэх. Олох үөрүнэн сылдьаллар.  Холобур, бу ааспыт өрөбүлгэ кэмбинээт территориятыгар баар “Катерина” маҕаһыын таһыгар 25 ыт үөрдэһэн сылдьаллара бассаап хонуутугар тарҕаммыта. Билигин суол халтараан, тимир көлөлөөх да, сатыы да киһи сэрэнэн сылдьар кэмэ. Оттон бу маннык үөрдэһэн сылдьар ыттар уулусса ортотунан, кытыытынан сылдьан араас быһылаан тахсарыгар төрүөт буолуохтарын сөп буоллаҕа. Киһини ытырыахтарын сөбүн этэ да барбаккын.

Бу кэмҥэ ыттар булсар, “сыбаайбалыыр” бириэмэлэрэ дуу. Дьэ, туох да диэбит иһин, кыаллыбат боппуруос буолла. Аны бу үөр ыттар ортолоругар моойторуктаахтар да элбэхтэр. Ол аата – хаһаайыннаахтар. Ыттаах дьон өйдөөбөттөрө сөхтөрөр, харамайдарын уулуссаҕа ыытан кэбиһэн, дьоҥҥо кутталы үөскэтэллэрин. Өссө бааллан турбут ыт киҥнээх, дьиэлээхтэрин, бэйэтин территориятын  көмүскүүр аналлаах буоллаҕа. Онон бэйдиэ сылдьар ыттардааҕар кинилэр ордук кутталлаахтар. Аны биир ыт үрдэ да бары үрэллэрин, биир ыт саба түстэ да бары түһэллэрин ким барыта син билэр буолуохтаах.

Уулуссаҕа да, уопсай дьиэ да таһыгар маннык сылдьар ыт элбэх. Аны элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ олорооччулар сорохторо тыһы ыты ииттэллэр. Дьэ, бу ыттарыгар мусталлар ээ ыт арааһа, киһи бөх да тоҕо, таһырдьа оҕо да оонньуу түһэр кыаҕа суох буолар. Хаһаайыттарга эттэххэ, сорох-сорохторо бэйэҕэр мордьооттууллар. “Ытырбат ыты, бэйэҕит кыыллыыгыт” диэн этээччилэр кытары биһиги ортобутугар бааллар. Маны киһи кыайан өйдөөбөт, ол хаһаайынын хайдах ытырыай? Бу курдук, өйдөөх-санаалаах буоллахпытына, бу ыт боппуруоһа хаһан да бүппэт, сааһыламмат буоларыгар тиийэр дии.

Ыкка ытыттарыы күһүн, саас ордук элбиир эбит. Бу туһунан оройуон борокуруорун солбуйааччы Айсен Прокопьевтыын төлөпүөнүнэн кэпсэтиибэр иһитиннэрдэ. Салгыы кини, бу сылга киирэн баран, ыкка ытыттарбыт түөрт гражданин сайабылыанньатынан дьыала тэриллибитин этэр. Хаһаайына суох буоллаҕына, ытыттарбыт дьоҥҥо суут уурааҕынан харчыны олохтоох дьаһалта төлүүр эбит.  Манна олохтоох дьаһалта биирдии дьыалаҕа 30-туу тыһ. солк. суумаҕа ыстырааптаммыт. Бу аҥаардас дьаһалта буруйа буолуо дуо, ыты иитэр-харайар, ол эрэн эппиэтинэһэ суох дьон дьалаҕайыттан бэйдиэ сылдьар ыт ахсаанын элбэппиппититтэн буолбатах дуо? Ити үлүгэрдээх харчыны, холобур, нэһилиэкпит сайдыытыгар, олох кыһалҕаларыгар түбэспиттэргэ туттубуппут буоллар төһөлөөх көдьүүстээх буолуо этэй диэн санаа киирэр ээ. Бу түөрт киһи диэн ити аҥаардас ирдэспит дьон эрэ ахсаана.

Бу сыл тоҕус ыйын түмүгүнэн 25 киһи, ол иһигэр 17 оҕо ыкка ытыттаран балыыһаҕа көрдөрүммүт. Оттон балаҕан ыйыгар 5 киһиттэн үһэ оҕо. Бу туһунан Сунтаар улууһунааҕы  “Гигиена уонна эпидемиология киинин” кылаабынай бырааһын солбуйааччы Оксана Карамзина маннык иһитиннэрдэ. Бу – өссө балыыһаҕа көрдөрүммүт киһи ахсаана. Сорохтор быраас көмөтүгэр наадыйбатах буолуохтарын эмиэ сөп.

Ааспыт нэдиэлэҕэ эбитэ дуу, бу нэдиэлэ саҕаланыыта эбитэ дуу, эмиэ бассаапка биир сатыы сылдьааччыны Хомустаах диэки федеральнай суолга ыт ытырбытын туһунан баара. Аны сиэттиһиннэрэ эмиэ бу территорияҕа баар оҕо оонньуур былаһааккатыгар айылҕа кыыла – туртас алҕас кэлэн биэрбитин ыттар туппуттарын туһунан иһитиннэрии элбэхтик тарҕанна. Бу эмиэ киһини толкуйдатар. Булчут ыт кыылга саба түһэрэ буолуо диэн биир бэйэм саныыбын. Ол аата булчут ытыҥ хаһаайыннаах, эбэтэр туһата бүтэн, уулуссаҕа быраҕыллыбыт буолуон сөп.

Манна сиэттэрэн өссө биир холобуру аҕалыым. Бу ааспыт ый бүтүүтэ биһиги кэллиэгэбит өрөбүл күн оскуола үөрэнээччилэрин эмиэ ыттартан быыһаан турардаах. Кэллиэгэм дьиэлээн иһэн урукку кэмбинээт үлэһиттэрин ааттарын үйэтитэр искибиэргэ баар тыраахтар үрдүгэр икки уолчаан ыттартан куотан тахсан туралларыгар түбэһэ кэлбит. Оҕолору үрэ сылдьар ыттары үүрэн, уолаттары дьиэлэригэр атааран биэрэн, эмиэ биир алдьархайтан быыһаан, туһугар хорсун быһыыны оҥорбут.

Ыты, куосканы быстах кэмҥэ тутар пуун аһыллыытын ыйыталаспыппар, Сунтаар олохтоох дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы Федор Федоров “билигин электричествотын киллэрэ сылдьаллар, бу күннэргэ бүтэриэхтэрэ. Оччотугар ыты, куосканы быстах кэмҥэ тутар буолуохтара” диэн эппиэт биэрбитэ. Ол пууммут үлэлээн, бэйдиэ сылдьар ыты тутан, онно бэтэринээр ыты, куосканы стерилизациялаатаҕына, кастрациялаатаҕына, хонуга ситтэҕинэ бу кыыл эмиэ бэйдиэ барар.

Ыт кыһалҕатын биһиги дьокутааттарбыт эмиэ пленарнай мунньахтарыгар быһаара сатыыллар курдук да, били нууччалыы эттэххэ “эффегэ суох дуу” диэх санаа киирэр. Аны сокуон хараҕар кэлэн хаайтаран хаалыы эмиэ баар. Онон улууспутугар, олорор нэһилиэкпитигэр ыт боппуруоһун, бэйэбит быһаарынан, харамайдаах-кыыллаах дьон эппиэтинэстэрин үрдэтиэхтэрин наада.

Яина ВЛАСЬЕВА

Читайте дальше