«Үрүччэлэр» 30 сыллара

Клавдия Максимова-Сайыына үөрэҕэр сылдьыбыт дьон  «Үрүччэ» түмсүү диэн тэриммиттэрэ 30 сылын бэлиэтээн, С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан түмэлгэ бэйэлэрин оҥоһуктарын көрдөрүүгэ туруордулар. Бу түмсүү, ахсынньы 15 күнүгэр, 1993 сыллаахха, Варшавянка Егорова салайааччылаах тэриллибитэ. Бастаан тэриллэригэр 41 киһи түмсүбүтэ, билигин 15 киһи  дьарыктана сылдьар. Билигин түмсүүнү Сунтаарбыт биллэр уопсастыбанньыга Розалия Сидорова -Ымыычаана салайар.

Быыстапка аһыллыытыгар улуус култууратыттан, нэһилиэк дьаһалтатыттан, түмэл кэлэктиибиттэн, түмсүү салалтатыттан эҕэрдэлэр этилиннилэр.

30 сыл тухары түмсүү кыттыылаахтара дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэр курдук талааннарын арыйдылар, көмө буолар курдук үүннүлэр, сайыннылар.

Тэрээһиҥҥэ Клавдия Ильинична бииргэ төрөөбүт балта, чугас аймахтара кытыннылар, түмсүүгэ өр сыл бэриниилээхтик сылдьан дьарыктаммыт дьону эҕэрдэлээн туран, махталларын эттилэр. Киһи бэйэтин иһиллэнэн, туругун күүһүрдэн, санаатын сааһыланнаҕына олоххо барытын сатыыр кыахтаах. Ол курдук, Клавдия Максимова-Сайыына үөрэҕин салҕааччылар, утумнааччылар бүгүн даҕаны дьоҥҥо көмөлөһө, сүбэлии сылдьаллар. Айар үлэнэн утумнаахтык дьарыктанан, хаһан да иннэ диэни  туппатах дьон араас быысабайдары, оҥоһуктары, уруһуйдары оҥорбуттарын көрдөрүүгэ туруордулар…

Мин эгэлгэ оҥоһуктары көрөн харахпын сымнаттым, айар талааннаах дьону кытта алтыһан астынным, дуоһуйдум.

«Үрүччэлэр»дьону-сэргэни сырдыкка, кэрэҕэ угуйар талааҥҥыт арылла турдун!

Альбина ПРОКОПЬЕВА

Читайте дальше