Бүгүн, кулун тутар 12 күнүгэр Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыйааҕынан ыытыллар «Жилье и городская среда» национальнай бырайыак иһинэн үлэлиир «Чистая вода» федеральнай бырагыраама чэрчитинэн ыраас уунан хааччыйар станция бастакы түһүмэҕин үөрүүлээх аһыллыыта буолла. Бу күн Ил Дархан Айсен Николаев видеоконференц-сибээһинэн Сунтаарбытыгар уонна Өрөспүүбүлүкэбитигэр 12 улахан тутууну үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйда.
Тэрээһиҥҥэ улууспут баһылыга Анатолий Григорьев, Сунтаар нэһилиэгин баһылыга Эдуард Филиппов эҕэрдэ уонна махтал тылларын тиэртилэр. Маны тэҥэ, Лев Соров СӨ ОДЬКХ генеральнай дириэктэрин солбуйааччыта, Айаан Кириллин СӨ ОДЬКХ миниистирин бастакы солбуйааччыта, «Водоканал» генеральнай дириэктэрэ Анатолий Кырджагасов кыттыыны ыллылар.
Станция 2021 сылтан «Лесной» учаастагар тутуллан үлэҕэ киирдэ, кыамтата сууккаҕа 1100 куб буолар, водозаборнай холуодьастаах, икки өрүс уутун толорор 200-түү куубтаах уонна ыраастаммыт уу кутуллар 250-нуу куубтаах емкосьтардаах. Маны таһынан, уот да бардаҕына үлэлиирин курдук дизельнай электростанциялаах, ону тэҥэ 5 автоматическай водозаборнай колонкалар киириэхтэрэ. Сакаасчытынан ОДьКХ тэрилтэтэ, генеральнай бэдэрээтчит «Водоканал» АО.
Алена ИВАНОВА