Тыа сиригэр тупсаҕай оҥоруу, дьиэ-уот коммунальнай өҥөнөн сөптөөхтүк хааччыйыы, нэһилиэнньэ доруобуйатын туруга, ыччат үөрэҕи ылыыта, култуура төрүт үгэстэрин чөл хаалларыы, онтон да элбэх тыын суолталаах боппуруос улуустар уонна нэһилиэктэр баһылыктарын, олохтоох салайыныы бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын дьулуурдаах уонна дьоһуннаах үлэлэриттэн тутулуктааҕын бэлиэтээн, РФ Бэрэсидьиэнэ 2012 сыл бэс ыйын 10 күнүнээҕи 805 №-дээх дьаһалынан Бүтүн дойду үрдүнэн муус устар 21 күнүн «Олохтоох бэйэни салайыныы» күнүнэн биллэрбитэ.
Бүгүн Олохтоох бэйэни салайыныы күнүн сөп түбэһиннэрэн, улууспут киэн, күөн туттар аҕата, муниципальнай сулууспа бэтэрээнэ Николай Алексеевич Егоров үлэтин-хамнаһын, олоҕун туһунан бэрт кылгастык билиһиннэрэбит.
Оҕо саас
Николай 1945 сыл тохсунньу 31 күнүгэр Үөһээ Мэйиккэ Ойууһут диэн бөһүөлэккэ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ алтыс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Сэттэ оҕоттон биирдэрэ кыра кылааска үөрэнэ сылдьан ууга дэҥнэнэн суох буолаахтаабыт. Оҕотун сүтэрбит аһыытын тулуйбакка ийэлэрэ сүрэҕинэн нөҥүө сылыгар бу дойдуттан туоруур. Оттон аҕалара Ньукулай 3 саастааҕар сэриигэ ылбыт бааһыттан эмиэ олохтон эрдэ бараахтаабыт. Оҕолор кыра саастарыгар тулаайах хаалбыттара. «Хата, эдьиийбит Ольга иилээн-саҕалаан, көрөн-истэн улаатыннартаан, үөрэхтээх, үлэһит буолбуппут. Билигин бииргэ төрөөбүттэртэн иккиэбит. Эдьиийим Ульяна Алексеевна Куокунуга олорор. Убайым Серафим Алексеевич Бүлүүчээҥҥэ математика учууталынан үлэлии сылдьан, 70 сааһын ааһан баран ыалдьан суох буолбута. Кини Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала, учууталлар учууталлара, үөрэнээччилэр билиниилэрэ оттон да атын үгүс наҕараадалардаах» диэн Николай Алексеевич ахтан ааһар.
Ньукулай уол Бүлүүчээҥҥэ интэринээккэ олорон үөрэммитэ. Алтыс кылаастан Матрена Афанасьевна диэн учуутал «Домоводство и рукоделие» диэн куруһуогар ас астыырга, таҥас тигэргэ үөрэммит. Оттон 9-с кылаастан саҕалаан нэһилиэк ыччатын кытары тутуунан дьарыктаммыттара. Алтыс кылаастан ыраах Мэйик өттүгэр баар Хампа диэн сиргэ 20-чэ уол үлэҕэ бараллара, онно кини асчыт быһыытынан барсара. Бүлүүчээн оскуолатыгар 10-с кылааска үөрэнэ сылдьан Хампа диэн сиргэ тыраахтар перегоннаан түөрт буолан илдьибиттэрэ. Ол саҕана суол-иис суох буолан, бадарааннаах сирдэргэ муоста оҥостон сууккаттан ордук айаннаан тиийбиттэригэр улахан дьон олус да үөрбүттэрэ диэн ахтар. Онон кини Бүлүүчээҥҥэ ол саҕанааҕы тутууларга сыһыаннаах курдук.
Николай Алексеевичтан оскуолаҕа сылдьан төһө мэник этигиний диэн ыйыппыппар «ээ, оттон оннук айылаах орой мэник да буолбатарбын, доҕотторбун кытары кыра ол-бу барахаастары оҥорорбут ханна барыай» диэн оҕо сааһын санаан мүчүк гынар уонна биир түгэни маннык кэпсиир: «Үөрэнэ сылдьан кылааспыт кыргыттарын уолаттар дьиибэлиибит, баттахтарыттан да тардарбыт. Ону кыргыттарбыт кылааспыт салайааччытыгар үҥсэр буолаллара. Ону биирдэ учууталбыт бу кыргыттар да, уолаттар эһигини сөбүлүү көрөннөр оонньоһор буолллахтара диэбитигэр кыргыттарбыт уоскуйан, үҥсэргээбэт буолбуттара. Биһиги да дьиибэлии сатаан баран тохтообуппут. Ити сэттис кылааска үөрэнэр кэммитигэр этэ. Оттон ахсыс кылааска тахсан баран кылааһынан олус доҕОрдуу, иллээх буолбуппут. Туох баар тэрээһиннэргэ бары тутуспутунан сылдьарбыт. Итинник көрдөөх, көрүдьүөс кэмнэри билигин истиҥник, сылаастык санаан ылабын».
Ахсыска үөрэнэ сылдьан кылаас старостата, комсора. Оҕолор бу дуоспуруннаах, оҕону түмэ тардан дьоҕурдаах уол тула түмсүбүттэрэ, кини этиитин ылыналлара, оскуолаҕа, нэһилиэккэ буолар субуотунньуктарга, култуурунай да тэрээһиннэргэ бары тутуспутунан сылдьаллара, олус көхтөөхтөрө. Лидер буолар хаачыстыбата Коляҕа ол саҕаттан баара. 10-с кылааска үөрэнэ сылдьан уобаластааҕы комсомольскай кэмпириэнсийэҕэ үөрэнээччилэртэн соҕотох дэлэгээтинэн талыллан кыттыбыта.
Үөрэх баар — бараммат баай
Оскуола кэнниттэн сэбиэскэй аармыйаҕа 3 сыл сулууспалыыр. Сулууспалыыр кэмигэр кыанар, толоругас, бэрээдэктээх, бииргэ сулууспалыыр доҕотторугар холобур буолар, байыаннай дьыаланы билэрэ, сатабыллааҕа. Ол да иһин, кини бу 3 сыл сулууспатын кэмигэр үстэ дойдутугар кэлэн сынньанан барар. Сулууспатын бүтэрэр үһүс сылыгар Ленинградтан үрдүк үөрэхтээх уол кэлбитэ. Кини биир сыл сулууспалаабыт. Николай киниэхэ сыстан, үрдүк үөрэххэ киирэрим курдук дьарыктаа диэн сорук биэрбит. «Мин ол кэмҥэ старшай сержант, замкомзвода этим, онон син ботуччу званиелаах буолан, дьуһуурустубаттан игин босхолоон, биир туспа хоско математикаҕа, физикаҕа, нуучча тылыгар дьарыктанарбыт», — диир Николай Алексеевич.
1968 с. Аармыйа кэнниттэн, убайа Серафим Алексеевич Ленинградка университеты бүтэрэн преподавателлиир эбит. Кэргэннээх, оҕолоох. Онон аны кинилэр илиилэригэр киирэн эмиэ дьарыгын салгыыр. Инньэ гынан МГУ-га үөрэххэ ситиһиилээхтик туттарсан киирэр. Ол эрээри доруобуйата мөлтөөн үгүстүк эмтэнэр буолбута. Эмтиир бырааһа манна климаттыыр эбиккин, онон дойдугар бар диэн сүбэлээбит. Онон Саха сиригэр кэлэн СГУ-га кэтэхтэн үөрэнэр.
Үөрэнэн, идэ ылан, Куокунуга математика учууталынан ананан барар. Манна учууталлыы сырыттаҕына комсомол райкомун тэрийэр отделын сэбиэдиссэйинэн оройуоҥҥа үлэҕэ ылаллар. Манна эмиэ бэйэтин дьыалатын билэр, үтүө үлэһит быһыытынан үгүстүк хайҕанара. Аны биир сыл үлэлээбитин кэннэ Дьаархаҥҥа физика, математика учууталынан ананан барар.
Бастакы көрүүттэн таптал
Дьаархаҥҥа үлэлии сылдьан, Куокунуга дьонугар сайын аайы оттоһор. Ол сырыттаҕына, Бүлүүчээнтэн Бүөккэ Бөтүрүөп диэн табаарыһа төлөпүөннээн «бүгүн манна кэлэ оҕус, олус үчүгэй киинэ буолар уонна нэһилиэкпитигэр бэтэринээр үөрэхтээх кыраһыабай да кыыс баар. Олохтоох уолаттар кинилиин билсэ сатыыллар да кими да чугаһаппат. Тутустаххына эн эрэ тутуһарыҥ буолуо» диэн төлөпүөнээн ыҥырбыт. Уол доҕорун ыҥырыытын быһа гыммакка мотуорга олордо да Бүлүүчээнниир. Тиийбитигэр табаарыһа мөҕө тоһуйар: «Хайа, доҕоор, эппитим дии киэргэнэн кэлээр, кыыһы кытары билиһиннэриэм диэн, эн буоллаҕына үлэҥ таҥаһынан кэлбиккин дии». Чахчы, Коля бу уол дьээбэлиир, кыыһы кытта билсиэҥ диэн сылтаҕыран, атыҥҥа ыҥырда ини диэн маанымсыйбакка, үлэлииригэр кэтэр таҥаһынан кэлэр. Хайыахтарай, табаарыһа бэйэтин таҥаһын уларсар. Аны Бүөккэтэ уһун уҥуохтаах. Кини бүрүүкэтин кэппитэ түөһүн тылыгар диэри буолар, ону курданарынан баайан бүк тутан кэбиһэр, аны сибиитэрэтэ эмиэ улахан буолан, тоһоҕоҕо ыйаан кэбиспит курдук буолбутун, Бүөккэтэ саҥа муода айдыбыт диэн күлсүү буолбуттар. Дьэ, ити курдук киэргэнэн баран, кыыстара ааһарын күүтэн, уулуссаҕа арааһы кэпсэтэ тураллар. Ол турдахтарына, уолаттар бииргэ үөрэммит кыыстара Зина Никифоровалыын олус да кыраһыабай кыыс кэлэр. Бииргэ үөрэммит кыыстара дьүөгэтин билиһиннэрэр: «Билсэн кэбиһиҥ, бу дьүөгэм — бэтэринээринэй быраас». Коля онно дьээбэлэниэх санаата киирэн: «эчикийэ аатыҥ муодатын» диэбитигэр, кыыс сөбүлээбэтэх курдук иэдэс биэрбит. Онтон биһиги уолбут толлон турбатах, киэһэ киинэҕэ бииргэ олоруохпут, миэстэтэ уураар диэн өссө үлэһиилээх буолбут. Кыргыттар итинник кэпсэтэн баран ааһа турбуттар. Николай Алексеевич «кинини олус сөбүлүү көрбүтүм» диир. Киэһэ киинэҕэ тиийбиттэрэ, олохтоох уолаттар саҥа кыыска чугаһыы сатаан, кини аттыгар олороллорун доҕоро Бүөккэ саҕаларыттан ылан туруортуур уонна Коляны саҥа кыыс аттыгар олордор, бэйэтэ буоллаҕына кыратык олоро түһэн баран атын наадалаах этим диэн баран хаалар. Уоллаах кыыс сэргэстэһэ олорон киинэлэрин көрөллөр. Киинэ кэнниттэн уол кыыһы олорор сиригэр атаарар. Бу курдук, Николай Алексеевич Евдокия Гуляевалыын билсэллэр. Онон уол субуота аайы Бүлүүчээҥҥэ кэлэр буолар. Маннык билсэн, таптаһан 1972 сыллаахха ыал буолаллар. Николай Алексеевич Евдокия Дмитриевналыын үс оҕолоноллор, ону сэргэ Евдокия аймаҕын икки оҕотун ылан иитэллэр. Онон уопсайа биэс оҕону иитэн-үөрэтэн атахтарыгар туруораллар.
Оҕо иитиитигэр сүрүн болҕомтолорун уураллар. Иллээх-эйэлээх дьиэ кэргэҥҥэ улаатан оҕолор бары үөрэхтээх, дьоһун дьон буолаллар. Биһиги бары билэбит, Евдокия Дмитриевна, Николай Алексеевич Сунтаар улууһун Уһун-Күөл бөһүөлэгин биир чаҕылхай уола, Арассыыйа уонна Донецкай норуодунай өрөспүүбүлүкэ дьоруойдара үрдүк ааттарын, хорсуннук сэриилэһэ сылдьан, геройдуу өлбүтүн кэннэ иҥэриллибит, Тихоокеанскай флот 155-с морской пехотатын байыаһа, рядовой Егоров Дмитрий Николаевич төрөппүттэрэ буолалларын.
Оҕо иитиитигэр
Николай Алексеевич оскуолаҕа үлэлии сылдьан оҕолор эт-хаан өттүнэн сайдыыларыгар болҕомто уурар. Саас сибиэһэй салгыҥҥа хайыһарынан дьарыктаналлар. Дьаныардаах дьарык түмүгэ соторунан биллибитэ, оройуоҥҥа аҕыс кылаастаах оскуолалар ортолоругар куокунулар бастакы миэстэни ылбыттара. Оттон Дьаархан оскуолатыгар үлэлии кэлэн баран эмиэ оҕолору хайыһарга оҕолору дьарыктаары, физкультура учууталын, үрдүкү кылаас оҕолорун кытары Николай Алексеевич салалтатынан 5 миэтэрэ үрдүктээх сыыр оҥороллор. Бастаан бу сыыры төрөппүттэр сөбүлээбэккэ сыырдарын 3 миэтэрэҕэ диэри кыччаталлар. Кэлин бу сыырга нэһилиэк ыччата, оҕото кытта хайыһардыыр, салаасканан сырылыыр буолар.
Тойбохой оскуола-интэринээтигэр дириэктэри иитии чааһыгар солбуйааччынан үлэлиир. Манна үлэлиир кэмигэр эмиэ элбэх саҥа сүүрээннэри киллэрэр. Бииргэ үлэлиир кэллиэгэтэ оҕо үөрэниэхтээх диэн санаанан салайтарар, онтон Николай Алексеевич бастаан оҕону иитиллиэхтээх диэн үгүстүк мөккүһэллэрэ. Оскуола үөрэнээччилэрин икки ардыларыгар күрэхтэһии тэрийбиттэрэ. Бу күрэхтэһии кылаастарынан ыытыллар. Онно үөрэх хаачыстыбата, бэрээдэк, уопсастыбаннай үлэ барыта киирэрэ. Куоталаһыы түмүгүнэн кыайыылаах кылаастар Мииринэйинэн, Чернышевскайынан, Элгээйинэн экскурсияҕа бараллара, онон оҕолор бары кыһаллан үөрэнэллэрэ, бэрээдэк да тупсубута, субуотунньуктарга бары күргүөмүнэн тахсарбыт диэн Николай Алексеевич ахтар.
Бу курдук таһаарыылаахтык үлэлии сырыттаҕына, 1980 сыллаахха аны Уһун Күөл оскуолатыгар дириэктэринэн анаан ыыталлар. Дириэктэрдиир кэмигэр Николай Алексеевич эмиэ саҥаны толкуйдаан киллэрэр, оскуола базатын тупсарар. Кэргэнэ Евдокия Дмитриевна кэтэхтэн үөрэнэн, биолог учуутал идэтин ылар. Ол эрээри Уһун Күөл оскуолатыгар биолог учуутал миэстэтэ суох буолан, кини «Мастер машинного доения» диэҥҥэ үлэлээбитэ. Ол кэннэ биолог учуутал миэстэтэ тахсан онно көспүтэ. Манна пришкольнай учаастагын кэҥэтэн оҕуруот аһын хотоойутук олордор, кэлин пиэрмэрдэр оскуола үбүлүөйүгэр сэттэ убаһа уонна алта тыһаҕаһы бэлэхтээбиттэрэ. Бу сүөһүлэри иитэн, оҕуруот аһын үүннэриини кэҥэтэн оскуола агрооскуола статустанар. Онон кэргэннии Егоровтар нэһилиэккэ оҕону үөрэтиигэ-иитиигэ бэйэлэрин улахан кылааттарын киллэрэллэр.
Салайар үлэҕэ
Оскуолаҕа үлэлии сырыттаҕына 1982 с. нэһилиэккэ партия райокмун бюротун улахан мунньаҕа буолар. Ол мунньах быһаарыытынан Николай Алексеевиһы отделение управляющайынан талаллар. Бу кэмҥэ кыстыкка киириигэ улахан хаалыы, хотоннор өрөмүөннэрэ кыаллыбатах эбит. Онон Алексеевич туох баар сатабылын, билиитин ууран, бу баар кыһалҕалары туоратарга күүстээх үлэ ыытар. Эргэ хотон оннугар саҥа икки хотону тутарга биригээдэ кэпсэтэн үлэлэтэр. Мииринэйгэ баран, маҕаһыыннары кытары кэпсэтэн, арыы, эт аҕалан үлэһиттэригэр түҥэтэр. Ол саҕана маҕаһыыҥҥа барыта нуорма быһыытынан атыыланар этэ. Оттон үлэлиир киһи үчүгэйдик, тото-хана аһыахтаах диэн толкуйтан маннык дьаһанан, тутааччылар үлэлэри кылгас кэмҥэ бүтэрэн оройуон салалтата сөҕүү-махтайыы буолар. Онон уопсайа биэс хотон, уопсай дьилэри, биэс сайылыгы саҥардан туттарбыт улахан өҥөлөөх салайааччы. Мантан да үгүс үлэни ыытан, отделение үлэтэ биллэ тупсар, көрдөрүү да куһаҕана суох буолар. Управляющайынан 1993 сылга диэри үлэлиир. Оттон буправлющайдыы сылдьан исполком бэрэссэдээтэлэ буолан эмиэ үгүс үлэни ыытар. Ол кэннэ СПТУ-га кылгас кэмҥэ дириэктэрдиир.
Оттон 2001 сыллаахха нэһилиэк баһылыгынан талыллан үлэлиир. Баһылыктыыр кэмигэр Николай Алексеевич нэһилиэк тас көстүүтүн тупсарыыга ылсан үлэлиир. Нэһилиэк көхтөөх дьахталларын муһан, Хороҕо баран, араас сиэдэрэй маһы, сибэккини олордууга уопут атастаһа бараллар. Ол кэннэ нэһилиэккэ араас отонноох мастары олордуу саҕаланар. Ыал тэлгэһэтигэр сайыҥҥы өттүгэр сиэдэрэй сибэкки арааһын үүннэрэр буолбуттара. Кулууп кэннигэр «Боевая и трудовая слава» диэн искибиэр туттарар. Манна улууска бастакынан фонтан баар буолбута. Аны туран, сайыҥҥы өттүгэр водопровод оҥорон нэһилиэк ыалларыгар сайыҥҥы өттүгэр абыраналлара.
Баһылыктыыр кэмигэр оскуола бырайыагын оҥорторбута, бу 2006 сыллаахха этэ. Бу бырайыак үгүс үбү эрэйэрэ биллэр. Ол иһин Николай Алексеевич АЛРОСАларга баран, урукку сыллартан билсэр Юрий Дойников диэн толорооччу дириэктэрин көрсөн, кыһалҕатын кэпсээн, тылыгар киллэрэн 3 мөл. солк. харчы биэрбититтэрин ылан 165 миэстэлээх оскуола бырайыагын үлэтин ыыппыттар. Ону таһынан турар сирин чинчиттэриигэ элбэх үлэни ыыппыта. Ол эрээри кэлин кризис буолан бу бырайыак уларыйан оскуола миэстэтэ аҕыйыыр. Баһылыктыыр кэмигэр оҕо саадын тутуута барбыта. Мантан да үгүс үлэлэри ыыппыта. Онон олохтоохтор Николай Алексеевичка махталлаахтар, кинини үтүө тылларынан ахталлар. «Туох кистэлэ кэлиэй, сорох ардыгар киһи үлэттэн уурайдаҕына үтүөтэ умнулла сыыһар. Ол да курдук эмиэ сороҕор ахтыллыбакка хааларбыттан, кырдьаҕас киһи хомойо саныыбын ээ» диэн кэпсэтиибит быыһыгар кырдьаҕас киһи хом санаатын этэн ааста.
Дьэ бу курдук, бэйэтин кэмигэр олус да элбэх үлэни ыыппыт, үтүө, сатабыллаах салайааччы, киһи киэнэ килбиэнэ, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Сунтаар улууһун, Арыылаах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, муниципальнай сулууспа бэтэрээнэ Николай Алексеевичтыын кэпсэтиибит түмүгэр быйыл өрөспүүбүлүкэбитигэр Оҕо саас сылынан, дойдубутугар Дьиэ кэргэн сылларын чэрчилэринэн, дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитиигэ санаатын ыйыттым. Онуоха кини маннык этэр:
— Дьиэ кэргэн — уопсастыба ячейката. Оттон дойду сайдыытыгар сүрүн оруолу киһи ылар. Киһини үтүө санааҕа, киэҥ билиигэ иитии эмиэ дьиэ кэргэнтэн саҕаланар буоллаҕа. Тапталга, өйөбүлгэ иитиллэн тахсыбыт ханнык баҕарар оҕо үтүө санаалаах киһи буолара саарбахтаммат. Оҕону кэмигэр таптаан, көмүскээн, араҥаччылаан, ардыгар сэмэлээн иитэр туох да куһаҕаны аҕалбат. Биһиги кэргэмминээн Евдокия Дмитриевналыын оҕолорбутун бэйэбит холобурбутунан ииппит дьоммут.
Түгэнинэн туһанан, биири кэпсиим дуу. Димам оскуолаҕа кыра кылааска үөрэнэ сырыттаҕына
киниттэн аҕа биир уолу кырбаабыт диэн миигин оскуолаҕа ыҥырдылар. Тиийэн дириэктэргэ киирдибит. Туох, хайдах буолбутун билсибитим маннык буолан таҕыста – уолум Димам табаарыһын ол уол атаҕастаабыт. Ону көмүскэһэн ол оҕону кыратык дьарыйа түспүт. Ону мин маннык диэтим: «Аҕа буоларым быһыытынан уолум ити быһыытынан хайҕаатым. Табаарыһын көмүскээбит. Оттон бэрээдэк туһунан эттэххэ, сэмэлиибин. Оҥорбут буруйугар эппиэттээтин». Ону кэлин саныыбын ээ, арай ити түгэҥҥэ оҕобун көмүскэспэккэ аҥардастыы буруйдаан сэмэлээбитим буоллар, оҕом барахсан атын толкуйдаах буолуо эбит диэн. Холобур, ити СВО-ҕа бойобуой доҕорун быыһаары суорума суолланна. Дима байыаннай дьайыыга барарыгар сааһын сиппит, бэйэтэ оҕолордоох киһи этэ. «Аҕаа, бу алдьархайга эдэркээн оҕолор бараллар дии. Мин да бардахпына сатанар, этэҥҥэ эргиллэн кэлиэм дии. Өскөтүн онно олоҕум суола түмүктэнэр да буоллаҕына ааппын ааттатар ыччаттардаахпын» диэбитэ билигин да кулҕаахпар иһиллэргэ дылы.
Бу курдук элбэҕи кэпсэтэн араҕыстыбыт. Ытыктабыллаах Николай Алексеевиһы Олохтоох бэйэни салайыныы күнүнэн эҕэрдэлиибин. Кытаат, этэҥҥэ, доруобай дьонуҥ, оҕолоруҥ, сиэннэриҥ ортолоругар сырыт, сүбэҕин-амаҕын биэрэ тур!
Яина ВЛАСЬЕВА