Тус дьыалатын саҕалыыр дьону өйүүргэ туһуламмыт социальнай хантараак хаһыс да сылын үлэлиир. Биһиги улууспутугар кэнники сылларга бу хантараак көмөтүнэн элбэх киһи тус идиэйэлэрин олоххо киллэрэн, бэйэ дьыалатын арыннылар. Бүгүн биһиги Сунтаар улууһун Уһун Күөл нэһилиэгэр ынах сүөһүнү тутар хаһаайыстыбаны тэринэн кэскиллээхтик үлэлии-хамныы олорор элбэх оҕолоох эдэр ыал – Еремеевтэр дьиэ кэргэн – аҕа баһылыга Данил Анатольевиһы кытта кэпсэтэбит.
– Данил Анатольевич, дьиэ кэргэниҥ туһунан билиһиннэрэ түс эрэ.
– Кэргэмминээн Анастасия Юрьевналыын 2011 с. ыал буолбуппут. Иккиэн Уһун Күөлтэн төрүттээхпит. 2012 с. Сунтаарга уһаайба ылан, онно дьиэ туттан олохсуйбуппут. Ол кэмҥэ иккиэн пенсионнай пуондаҕа үлэлээбиппит. Кэргэним исписэлииһинэн, мин охранниктаабытым. Биһиги алта оҕолоохпут: 4 уол, икки кыыс. Улахан уолбут Ярик 10-с кылааһы бүтэрдэ. Кыргыттарбыт Эльвира лиссиэй 5-с кылааһын, Лида 3-с кылааһы, уолбут Толя 1-кыны бүтэрдилэр. Икки кыраларбыт Арсенийдаах Дьулуур уһуйаан иитиллээччилэрэ.
– Билигин дьиэ кэргэнинэн ынах сүөһүнү иитиинэн олохтоохтук дьарыктанаҕыт. 2022 с. түһэрсибит социальнай хантарааккытынан эрдэттэн баар дьарыккытын кэҥэттибиккит дуу, отой хара маҥнайгыттан саҕалаабыккыт дуу?
– 2021 с. эмискэ ынах сүөһүнү иитэн оҕолорбутун сибиэһэй аһынан аһатыахха диэн санааттан дойдубутугар көһөн тахсыбыппыт. Сунтаардааҕы дьиэбитин атыылаан, манна Уһун Күөлгэ дьиэ туттубуппут. Бастакы көһөн кэлбит сылларбытыгар кэргэним ийэтигэр олорбуппут. Бииргэ олорон кини сүөһүлэрин көрсүбүтүм.
– Хантараак туһунан бастаан хантан билэн-көрөн, бырайыаккытын көмүскээн бу көмөнү ылбыккытый?
– Манна үлэ булбакка, 2022 с. үлэтэ суохтар кииннэригэр учуокка тураары киирбиппэр исписэлиис “социальнай хантараак диэн баар” диэн сүбэлээбитэ, бэйэ дьыалатын тэринэргэ хантараак баттаһан көмө харчы ылыахха сөбүн кэпсээбитэ. Тута социальнайга тиийэн ыйыталаһан, сүбэлэһэн, билэн-көрөн тахсыбытым. Кылгас кэм иһигэр түргэн бэйэлээхтик биисинэс-былаан оҥостон, наадалаах докумуоннары хомуһан Сунтаарга киирэн анал хамыыһыйаҕа көмүскээбитим. Ол саҕана ЛПХ тэринэргэ 250 тыһ. солк. көмөнү биэрэллэр этэ. Бу көрүллүбүт үп дьиэм таһыгар элбэх миэстэлээх хотону туттарбар улахан көмө буолбута. Сорох сууматыгар тыһаҕастары уонна тарбыйахтары атыыласпыппыт уонна хаһаайыстыбабытыгар ийэ кынным сүөһүтүн ылан холбообуппут. Тус бэйэм ити кэмҥэ сүөһү көрүүтүгэр саҥа сыстан эрэрим.
– Билигин баар хаһаайыстыбаҕыт туһунан кэпсии түс эрэ.
– Биисинэс-былаан быһыытынан уопсайа 30 төбөҕө тириэрдиэхтээхпин. Билигин 10 ыанар ынахтаахпыт, 9 тарбыйах, 4 тыһаҕас, 5 борооску баар. Уопсайа 28 төбөнү тутан олоробут. Маны таһынан подсадной кустары иитэбин. Ынах ыаһыҥҥа кэргэним, ийэ кынным күүс-көмө буолаллар. От үлэтигэр сайын аайы кэргэним бииргэ төрөөбүттэрэ куораттан, Сунтаартан кэлэн күүс-көмө буолан абырыыллар.
– Бастаан саҕалыырга уустуктар бааллар этэ дуо?
– Иллэрээ сыл ардахтаах дьыл туран, сирбит ууга былдьанан хаһаас оппут аҕыйах, хаачыстыбата мөлтөх этэ, инньэ гынан эбии от атыылаһарга күһэллибиппит. Оттуур сирим кыра буолан, дьоммут сирин оттоон эбинэбит. Маны таһынан сүөһү ыалдьара, эчэйэрэ диэн баар эбит.
– Сүбэ-ама буолар дьоннооххут дуо?
– Биһиэхэ сүрүн күүс-көмө буолар дьоммутунан төрөппүттэрбит буолаллар: ийэлээх аҕам, ийэ кынным. Ону таһынан доҕотторбут сүбэлииллэр-амалыыллар.
– Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаныы үтүө өрүттэрэ диэн тугу этиэҥ этэй?
– Ынах сүөһү ииттэммит мэлдьи сибиэһэй эттээхпит, оҕолорбут үүт иһэллэр, сүөгэй, арыы баҕардахпыт аайы баар. Үүппүтүн туттаран эбии дохуот киллэринэбит.
– Ааҕааччыларга сүбэҥ, баҕа санааҥ…
– Билигин судаарыстыба өттүттэн араас көмө баара олус абырыыр дии саныыбын. Үлэлиэн баҕалаах киһи тугу баҕарар толкуйдаан, тобулан кыраттан саҕалыырыгар өйөбүл баар. Ааҕааччыларга баҕарабын санаабыккытын ыһыктыбакка хайаан да ситиһэргитигэр. Дьоллоох, доруобай буолуҥ.
– Данил Анатольевич, сэргэх кэпсэтииҥ иһин махтал буоллун! Ылсыбыт дьыалаҕыт үүнэ-сайда турдун, кэскиллээх үлэҕит ситиһиитэ үксээтин!
Марфа ИВАНОВА