Киһи сөҕөр-махтайар үлэһит дьоно

Үлэ дьонугар үтүө да күннэр үүннүлэр. Атырдьах ыйа билгэлээбиттэрин курдук буолла. Кэлэ-бара сылдьан көрдөххө, быйыл от, сир аһа маска эрэ үүммэтэх. Хонууларга Элгээн, Тойбохой эргин алаастарга кэбиһиилээх оттор, бөдөҥ рулоннар чөмөхтөрө киһини үөрдэллэр. Өрөспүүбүлүкэҕэ Үлэ сыла биллэриллибитэ үлэһит дьону көҕүлээбитэ көстөр.

Бу күннэргэ бэйэм кыттар “Алгыс” түмсүүм саастаах дьонун көҕүлээн, микроавтобуһу култуура управлениетыттан ылан, Кириэстээх нэһилиэгэр тахсан, үлэ дьонун кытта көрсүстүбүт. Дьэ, ол туһунан кэпсиэм.

Ааспыт сылга баччаларга Кириэстээххэ табаарыспар тахса сылдьан үүнээйинэн, дьиэ харамайдарын иитинэн дьарыктанар дьиэ кэргэн хаһаайыстыбата баарын истэн, билэр-көрөр баҕам баһыйан, ити ыалга ыалдьыттаан турабын. Тиэргэни, тутуулары көрөн баран сэргээбитим уонна дьон хайдах тэринэн-дьаһанан олорорун биир саастыылаах түмсүүм дьонугар таһааран көрдөрөр ыра санаа үөскээбитэ. Хаһаайыттары кытары болдьоһон, сөбүлэҥнэрин ылан баран, массыына булбакка кыайан тахсыбатахпыт. Онон быйыл Үлэ сылыгар булгу тахсабыт диэн салайааччыбыт Яна Иннокентьевнаҕа туруорсан, автобуһу көҥүллэтэн таҕыстыбыт. Култуура управлениетын салайааччыта Саргылаана Дмитриевнаҕа махталбытын тиэрдэбит.

Дьэ ол ыалларым кимнээхтэрий диэн билиһиннэрэр буоллахха, Юрий Егорович уонна Марианна Серкановна Васильевтар диэн Кириэстээххэ биллэр-көстөр ыал. Марианна ийэтэ-аҕата, эһэтэ-эбэтэ ыраах Тополинайтан, Сэбээн Күөл быыһыгар олохсуйбут эбээн омук сыдьааннара. Дьоно Кириэстээххэ кэлэн олохсуйбуттар. Бииргэ төрөөбүттэрэ Мэхээс Семенов, Сергей Семенов (Сэгэй), о.д.а. бары айар куттаах балтылардаах, бары өттүнэн дьоҕурдаах, суруйааччы, эмтээх отунан дьарыктанааччы, үүнээйи арааһын билэн-көрөн дьиэтин таһыгар үүннэрээччи, төрүттэрин эбээн омугун култууратын пропагандалааччы, кэрэ киһи быһыытынан билиһиннэриэххэ сөп.

Васильевтар үөһэ турар саҥа түөлбэҕэ, бэс чагдаҕа уһаайба ылан олороллор. Тэлгэһэҕэ киирэрбитигэр “Кустук” саастаах дьон түмсүүтүн дьоно үөрэ көрүстүлэр. Бибилэтиэкэр Людмила Афанасьевна салалтатынан куоракка кыстаан кэлбит дьүөгэлэрин уонна биһигини көрсөөрү түбүгүрэ сылдьаллар эбит. Кулуһуҥҥа чэй, ис миинэ буһан будулуйа тураллар. Хаһаайка Марианна идэтинэн түбүгүрэ, үлэни-хамнаһы үмүрүтэ сылдьар. Кэлэн, дорооболоһуу, билсиһии, үөрүү-көтүү буоллубут. Марианна-Умтичаана (псевдонима) эбээннии тылтан тылбааһа “киис отоно” диэн, хаар анныттан хаһыйан таһаардахха мэлдьи күөх отонунан биллэр. Умтичаана күөх үүнээйини сөбүлүүрэ тэлгэһэтиттэн даҕаны харахха быраҕыллар.

Хаһаайка билсиһээт даҕаны тэлгэһэтигэр икки этээстээх дьиэтин сэргэ баар ураһаҕа ыҥырда. Бу эбээннии ураһаны төгүрүк быһыылаан хас даҕаны сыллааҕыта туттарбыт. Ортотугар уот оттор холумтаннаах, оройо аһаҕас оҥоһуулаах. Итсиэнэни төгүрүччү аллараа олбохторго эбээннии дьоно тикпит таба таҥастара, араас оҥоһуктара, тэриллэрэ, хайҕал, махтал суруктара, хаартыскалар кичэйэн ыйаммыттара, атын эйгэҕэ киирбиккин өйдөтөр.

Ыраахтан кэлбит дьон сиэринэн бэлэм тардыллыбыт баай-талым остуолга олорон, олох, үлэ-хамнас, эмтээх оттору хомуйуу, туһаныы туһунан ирэ-хоро кэпсэттибит. Остуолга коза үүтүттэн кымыс, коза үүтэ, күөрчэҕэ, саҥа үүнүү хортуоска ыһаарыта, оҕурсу, помидор салаата, фазан, куурусса, кус сымыыта, ис миинэ, бурдук аһылык арааһа, саҥыйахтаах алаадьы, о.д.а. барыта бэйэ хаһаайыстыбатыгар үүннэриллибит, оҥоһуллубут астар, ыҥырыа мүөтүгэр тиийэ, бааллар.

Хаһаайыстыбаҕа түөрт ыанар ынах, уонча сүөһү, уонча коза, уонтан тахса дьиэ куһа, эмиэ оччо бөдөҥ индюктар, элбэх хоруолук, куурусса, оннооҕор фазан көтөр баар эбит. Тэлгэһэтин көрдөрбүтүгэр сүүстэн эрэ аҕыйах сибэкки арааһа, оҕурсу, помидор, тыква, арбуз, араас суол үүнээйи, мастар, оннооҕор сакура, үүнэн тураллар. Хортуоппуй, сүбүөкүлэ, моркуоп туһунан суруйа да барыллыбат, барыта баар эбит. Ити үлүгэрдээх хаһаайыстыбаны Юрийдаах Марианна иккиэйэҕин бэрийэллэр. Эбиитин ынахтарыгар, сылгыларыгар ыраах баран оттууллар. Билиҥҥи туругунан уон кэбиһиллибит оттоохтор, өссө эбии уон оту бэлэмниэхтээхтэр. Үгүс үүнээйи, кыыл-сүөл иһэр уута эмиэ биир улахан кыһалҕа эбит. Онон биһиги, саастаах дьон, үлэһит сэмэй дьон олохторун көрөн, сөҕөн-махтайан, хаһаайыттарга махтанан, коза үүтүн, кымыһын, ыҥырыа мүөтүн атыылаһан, дьиэбитигэр кэһии бөҕөлөөх кэллибит.

Дьоруой үлэлиир Бордоҥ сайылыгар

Салгыы Арассыыйа Үлэ Дьоруойа Владимир Михайлов үлэлиир Бордоҥ сайылыгар айаннаатыбыт.

Бордоҥ сайылыга Куокуну суолунан баран истэххэ, уҥа диэки өрүс үрдүгэр 12 км сиргэ баар. Фермаҕа 120 ынах сайылаан турар. Владимир Африканович кэргэнэ Елизаветалыын 50 ынаҕы бэрийэллэр. Күҥҥэ 800 кг үүтү ыыллар эбит. Молоковоз сарсыарда, киэһэ кэлэн, 4 ыанньыксыт ыыр үүтүн үүт собуотугар илдьэр эбит. Билигин сайылык халтаҥнаан, оҥоойу түһэн, үүт кыратык түспүт кэмэ дииллэр.

Сайылык Сунтаар историятыгар биллэр бөлүһүөк Молотков сайылыыр өтөҕөр олохсуйбут. Ыанньыксыттар олороллоругар анаан кэпэрэтиип хас даҕаны сыллаахха үс атылыы буруус дьиэни туппут, ону сэргэ урукку түөрт уонна икки кыбартыыралаах дьиэлэр бааллар. Онно бииригэр аһыыр сир, икки кыбартыыраҕа кулууп үлэһитэ Августина Платонова бэйэтэ туттулла сылдьыбыт сайылык малларын, иһитин-хомуоһун, таҥаһын-сабын хомуйан, мусуойу тэрийбит, пиэрмэ, дьоруой үлэтин-хамнаһын сырдаппыт. Истэр былааныгар пиэрмэҕэ мусуой тэриллибитин бу аан бастаан көрдүм. Түмсүүм кырдьаҕастара урукку маллары көрөн, эдэрдэрин санаан ытамньыйан ыллылар. Сөбүлүүр миэстэлэригэр хаартыскаҕа түстүлэр.

Ферма таһыгар үлэһиттэр сибэкки бөҕөтүн үүннэрбиттэр, тэпилииссэлээхтэр.

Владимир Африканович соторутааҕыта куораттан бу сайылыкка ырыаһыт Сиэйэ Уола – Виктор Иванову кытта клипкэ уһуллубутун сүрэхтээн кэлбит. Африканович үлэ туһунан сэһэнэ-сэппэнэ элбэх. Кэргэнэ отделение управляющайа Елизавета бу сотору Нижнэй Новгородка массыынанан ыыр ыанньыксыттар Арассыыйа таһымнаах күрэстэригэр өрөспүүбүлүкэ аатыттан кыттыахтаах. Онно кинини арыаллаан барыахтааҕын, таарыйа Москваҕа министиэристибэҕэ сылдьан, саҥа тутуллар таас хотонун туруорсуохтааҕын туһунан кэпсээтэ. Үлэ киһитэ туруорсар, ыалдьар боппуруостара элбэҕин, таһымнааҕын кэпсэтэ туран өйдүүгүн. Болуодьаны мин 9 саастаах, ийэтигэр Мария Алексеевнаҕа ынах этэрэр уол эрдэҕиттэн билэр буоламмын, уолум хайдах курдук сайдыбытын, үлэттэн эрэ дьолломмутун, дойду бэрэсидьиэнэ В.В. Путин илиититтэн икки төгүл улахан наҕарааданы ылбытын санаан, дьоруойбунан киэн тутуннум.

Түмсүүм кырдьаҕастара дьоруой үлэлиир миэстэтин билсэн, хаартыскаҕа түсүһэн, дьоруой бэйэтэ астаабыт алаадьылаах чэйин иһэн, астынан-дуоһуйан Сунтаарбытыгар айаннаатыбыт.

Бу сырыыбытыгар сымнаҕастык тиэйэн илдьибит, аҕалбыт култуура управлениетын суоппарыгар Алексеев Славаҕа хаһыат нөҥүө махталбытын биллэрэбит.

«Алгыс» түмсүү аатыттан Владимир ПЕТРОВ, Сунтаар сэл.

Читайте дальше