Үлэ кэлэктииптэрин V-с өрөспүүбүлүкэтээҕи айар бэстибээлигэр биир дойдулаахтарбыт сүрэхтэннилэр

Бу күннэргэ Дьокуускай куорат килбэйэр киинигэр «Славим дружбой и трудом край ОЛОНХО!» диэн девизтээх идэлээх сойуустар икки ардыларыгар ыытыллар, үлэ кэлэктииптэрин V-с өрөспүүбүлүкэтээҕи айар бэстибээл түмүктүүр түһүмэҕэ буола турар.

Тэрээһини CӨ Бырабыыталыстыбата, СӨ култууратын уонна духуобунай сайдыытын министиэристибэтэ уонна СӨ идэлээх сойуустарын бэдэрээссийэтэ тэрийэн ыытар. Бэстибээл сүрүн сыала-соруга, үлэһит дьон айар талааннарын сайыннарыыга сөптөөх усулуобуйаны тэрийэн, уус-уран айымньыга кыттааччылары умсугутан, кинилэр айар дьоҕурдарын бэлиэтии көрөн, саҥа талааннары арыйыы, өйөөһүн буолар. Маннык тэрээһин өрөспүүбүлүкэбитигэр 4 сыл буола-буола киэҥ далааһыннаахтык ыытыллар. Быйылгы бэстибээлгэ биһиги улууспутуттан Б.Н. Егоров аатынан Күндэйэ орто агротехнологическай хайысхалаах ЮНЕСКО ситимин оскуолатын айар куттаах кэлэктиибин ансаамбыла үрдүк таһымнаахтык кытыннылар.

Ольга Лазарева, Күндэйэ оскуолатын дириэктэрэ:

«Биһиги народный вокал номинацияҕа уопсайа 11 буолан кытта кэллибит. Ол курдук, кырыымпа уонна хомус доҕуһуолунан «Кыталык» диэн норуот ырыатын толордубут. Араас салаа идэлээх сойуустарын икки ардыларыгар ыытылла турар. Бу иннигэр икки түһүмэххэ сүүмэрдээһини ааһан, бастыҥтан-бастыҥ үлэһит кэлэктииптэр истэригэр киирэн, кыттыыны ылбыппытыттан олус үөрэбит. Биһигини үөрэҕирии идэлээх сойууһун бэрэссэдээтэлэ Нина Павлова салайан илдьэ кэллэ».

Нина Павлова, үөрэҕирии идэлээх сойууһун бэрэссэдээтэлэ:

«Бэстибээл балаһыанньатынан, бастаан бэйэбит улууспут таһымыгар ыыппыппыт. Онно 8 көрүҥҥэ 10 үөрэх тэрилтэтэ кыттыбыта. Ол курдук, үөрэҕирии идэлээх сойууһун салаатыгар нүөмэр көрдөөбүттэригэр икки бастыҥ ансаамбылы талан ыыппыппытыттан, Күндэйэ уус-уран ансаамбыла сүүмэрдээһини ааһан өрөспүүбүлүкэ таһымыгар олус үчүгэйдик кытынна. Атын да идэлээх сойуустар салааларын кэнсиэригэр эмиэ көхтөөх, киһи болҕомтотун тардар нүөмэрдэр бааллар. Холобура, тус бэйэм ойуур хаһаайыстыбатын кэнсиэригэр сылдьан ырыаларын, ураты үҥкүүлэрин, көрөн олус сэҥээрдим. Бүгүн, түмүктүүр гала-кэнсиэргэ уопсайа 18 нүөмэр баарыгар, аҥардас үөрэҕирии идэлээх сойууһун салаатыттан 6 нүөмэр киирбит эбит. Ити олус элбэҕи этэр. Хас биирдии күрэххэ тус-туспа анал ааттар, кыайыылаахтар бааллара олус кэрэхсэнэр. Түмүккэ бэлиэтээн этиэм этэ, мин өйдүүрбүнэн маннык хабааннаах бэстибээлгэ биһиги бастакытын сүрэхтэннибит».

Бу курдук, улахан түһүлгэҕэ биһиги улууспутуттан кытта сылдьар дьоннорбутунан киэн туттабыт. Бүгүҥҥү түмүктүүр гала-кэнсиэргэ ситиһиилэри баҕарабыт.

Маны таһынан, икки куобаҕы тэҥинэн эккирэтээри Күндэйэ оскуолата агротехнологическай хайысхалаах буоларын быһыытынан, Дьокуускайдааҕы АГАТУ-га сылдьан факультеттары билсэн, куратордарын кытары көрсөн, инники өттүгэр хайдах үлэлэһиэхтэрин сөбүн, үлэлэрин торумнаан, сөбүлэҥ түһэрсээри ректоры кытта көрсүстүлэр.

Елизавета ТИТОВА

Читайте дальше