От ыйын 8 күнэ – Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу күнэ. Бу бырааһынньык Муром куоратын (Владимир уобалаһа) олохтоохторун көҕүлээһиннэринэн 2008 сылтан бэлиэтэнэр буолбута. Дьиэ кэргэн бырааһынньыга «Таптал уонна бэриниилээх буолуу» диэн мэтээллээх уонна ромашка сибэкки бэлиэлээх.
Бигэ туруктаах, дьоллоох дьиэ кэргэн – таптал, үтүө санаа уонна кыһамньы биһигэ, модун уонна дьоллоох дойду бөҕө тирэҕэ буолар.
Бүгүн биһиги бу бэлиэ күнү көрсө улуус олохтоохторуттан дьиэ кэргэн, таптал, бэриниилээх буолуу диэни хайдах өйдүүллэрин, кинилэр санааларын иһиттибит.
Татьяна Даниловна, Егор Иннокентьевич Тимофеевтар, 51 сыл бииргэ өйөһөн-өйдөһөн олорор Дьокуускай куорат сис ыала:
– Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээхпин, дьиэ кэргэмминээн Дьокуускайга олоробут. Сунтаар ыһыаҕар кэлэ сылдьабыт. Дьиҥ сахалыы ыһыахтаах, оһуокайдаах, тойуктаах, хорчуоппалаах, былыргылыы сиэри-туому тутуһар дьиҥнээх ыһыаҕы бэлиэтиир улуус эбит диэн үрдүктүк сыаналаатыбыт. Икки уол оҕолоохпут, улахан дьон, олохторун оҥостон сылдьаллар. Өр кэмҥэ бииргэ олоруу диэн санаабыт: саамай сүрүнэ, бэйэ-бэйэни таптаһыы, өйдөһүү-өйөһүү, бэйэ-бэйэҕэ утары барыы буолар.
Анастасия Власова, эдэр ийэ:
– Киһи таптыыр киһитигэр бэриниилээх буолуохтаах. Дьоллоох буолуу төрүөтэ манна сытар дии саныыбын. Бэйэм кэргэннээхпин, оҕолоохпун. Бэйэ-бэйэҕэ истиҥ сыһыаннаах, бэриниилээх буолан бииргэ дьоллоохтук олоробут.
Андрей Тимофеев, биэнсийэлээх:
– Ыал буолан, уһун сылларга өйдөһөн-өйөһөн, эйэ дэмнээхтик олоруу биир сүрүн тирэҕэ – бэйэ-бэйэни өйөһүүгэ, өйдөһүүгэ уонна, биллэн турар, олоҕуҥ аргыһыгар бэриниилээх буолууга сытар. Өр кэмҥэ олорбут кэргэнниилэр биирдик толкуйдуур, бэйэ-бэйэни ситэрсэн-хоторсон биэрэр курдук буолааччылар. Оннук сыһыаҥҥа тиийии дьоллоох дьиэ кэргэн көстүүтэ дии саныыбын. Олох устун бииргэ кэлбит, оҕолорун атахтарыгар туруортаан, үлэһит оҥортоон, төрөппүт аналын чиэстээхтик сүгэн, сиэн сытын билэн этэҥҥэ олоруу, үлэнэн-хамнаһынан ытыктанар дьоһун-мааны ытык ыал аатын сүгүү – бу буолар дьоллоох дьиэ кэргэн сиэркилэтэ.
Иван Васильев, тапталлаах кэргэн, үс оҕо амарах аҕата, Сунтаар:
– Бастатан туран, улуус олохтоохторун кэлэн иһэр Дьиэ кэргэн, таптал, бэриниилээх буолуу бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибин. Дьиэ кэргэн хас биирдии киһиэхэ олоҕун биир сүрүн сыаннаһынан буолар. Дириҥ силистээх өлбөт-сүппэт төрүт үгэстэри иҥэриммит буолан, өбүгэлэрбитин кытта ситимниир, аҕа көлүөнэ баай уопутугар, мындыр толкуйугар уһуйар-такайар.
Биһиги ураты тапталга, сылаас сыһыаҥҥа бигэнэн улааппыт ыалбыт. Ол да иһин буолуо, биһиги дьиэбит холумтана мэлдьи сылааһынан угуттуур. Дьиэ кэргэҥҥэ бэриниилээх буолуу диэн аҥаардас кэргэн, оҕо эппиттэрин барытын баар гыныы, кинилэр санааларын толоруу буолбатах дии саныыбын. Холобур, биһиэхэ хас биирдиибит бэйэтин санаатын хото этинэр кыахтаах, кини баҕата учуоттанар. Быһата, кимиэхэ баҕарар көҥүл бэриллэр. Хас биирдиибитин намтаппакка, үрдүктүк тута сылдьабыт. Манна биһиэхэ эбэлээх эһэм үтүө холобур буолаллар.
«Сунтаар сонуннара» хаһыат.