Кэнники сылларга Сунтаар нэһилиэгэр баар мэҥэ бэлиэлэри аныгылыы тупсаҕай көрүҥнээх, үйэлээх, бөҕө гына саҥардан оҥорууга үлэ барарын үгүс киһи бэлиэтии көрбүт буолуохтаах.
Ол курдук бу күннэргэ нэһилиэккэ баар Сунтаар улууһугар 1864 сылга диэри 12 сыл устата кулубалаабыт, 16 сыл III Дьаархаҥҥа ыстаарастанан талыллан үлэлээбит, улууска бастакы норуодунай оскуола аһылларыгар сүҥкэн кылааттаах Савин Семен Саввинович мэҥэ тааһа саҥардылынна. Улууспут историятын үйэтитиигэ бу сүҥкэннээхэй үлэни Сунтаар улууһун дьаһалтатын үбүлээһининэн бэтэрээннэр сэбиэттэрэ ылсан ситимнээх үлэни ыыппыта хаһыс да сыла. Бу кэнчээри ыччакка анаммыт бар дьоҥҥо холобур буолар үлэ туһунан Сунтаар улууһун бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Афанасий Васильевтан сырдатарыгар көрдөстүм:
Бу ыытар үлэбит улууспут историятын эдэр ыччакка тиэрдэргэ туһуланар. Урут Иев Спиридонович Семенов диэн кыраайы үөрэтээччи учуутал туруортаабыт бэлиэлэрин саҥардабыт. Тугу даҕаны саҥаны айбаппыт. Былырыын өрүс үрдүгэр баар Строд баҕанатын саҥардан оҥорбуппут. Бу сотору өрүс уҥуор Төхтүр Бэскэ баар Пясталов этэрээтэ тоһуурга түбэспит сирин мэҥэ бэлиэтин саҥардыахпыт. Билиҥҥитэ бу бэлиэ алдьанан, сууллан бүтэн турар. Манна биригээдэбит номнуо үлэлии сылдьар. Ону таһынан Сунтаар пордун дьиэтин иннигэр, күрүө кытыытыгар баар туус собуотун бастакы дириэктэрэ М.С. Семдянкиҥҥа Иев Спиридонович туруорбут бэлиэтэ баар. Ол саҥардыллыахтаах. Онно кэмпэндээйилэр үлэлэһиэхтээхтэр, сөптөөх үлэ барыа диэн күүтэбит. Бу ыытыллар история кэрэһиттэрин үйэтитиигэ Владимир Иванов уонна Герасим Иванов биригээдэлэрэ үлэлииллэр. Сыбаарка үлэтин Герасим Константинович, оттон мас, буор өттүн Владимир Данилович кыайа туталлар.
Бу курдук улууспут күнүн көрсө өссө биир Сунтаар историятын мэҥэ бэлиэтэ үйэлээх гына саҥардылынна. Махтал буоллун үтүө өйдөбүлү өлбөөдүппэт соруктаах үйэтитиигэ үлэлиир үтүө дьоммутугар. Уруккуну умнубат, билиҥҥини биһириир — кэлэр кэмэ кэскиллээх.
Марфа ИВАНОВА.